Харитон Павлов аатын үгүскүт истибиккит буолуо. Кини өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев үлэтин илэ хараҕынан көрүөн-билиэн, киниин кытта биир үлэ күнүн бииргэ атаарыан кыра эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостор эбит. Ол баҕа санаата атырдьах ыйын 28-гар туолбута!
16 саастаах Харитон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 1 №-дээх дьиэтигэр Айсен Сергеевич үлэлиир кабинетын көрөн, Бырабыыталыстыба үлэһиттэрин кытта билсэн, бииргэ мунньахтаан, тутулла турар эбийиэктэринэн, саҥа үлэҕэ киирбит «Үлэ кыбаартала» кластерга сырытта. Устудьуоннары кытары көрсөн, оннооҕор Ил Дарханныын бииргэ үөрэнэр оҕолоругар быһа сибээскэ тахсан соһутта.
Харитон быйыл Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ 10 кылааска үөрэнэ киирдэ. 9 кылааска диэри кини Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгин Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ Данил Данилович, Туйаара Ивановна, Павловтар дьиэ кэргэн улуустааҕы дьиэ кэргэн күрэҕин кыайыылаахтара, өрөспүүбүлүкэҕэ «Бастыҥ тыа сирин дьиэ кэргэнэ» анал аат хаһаайыттара. Дьиэ кэргэн түөрт оҕолоохтор, икки кыыс уонна икки уол. Харитон — иккис оҕо.
Быйыл саас өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕин кыайыылаахтара Айсен Николаевы кытары көрсүһүүлэригэр Харитон, дьоллоох түгэни мүччү туппакка, Ил Дарханы кытта биир күнү атаарыан туһунан баҕа санаатын эппитэ.
«Ил Дархан үлэтэ олус ыараханын бары да өйдүүбүт. Үгүс киһи кыайбат үлэтэ. Манна бэлиэтээбиппинэн, чөл туруктаах, үчүгэй доруобуйалаах, үтүө санаалаах, элбэх билиилээх, чиэһинэй, суобастаах буолуохтаах дии саныыбын. Биһиги Аҕа баһылыкпыт толору оннук киһи эбит.
Ону таһынан, мындыр өйдөөх, түргэн толкуйдаах, наадалаах этиилэри киллэрэр, сөптөөх сүбэ-ама биэрэр, үчүгэй тыллаах-өстөөх, икки тылынан ыраастык саҥарар. Салайааччы туохтан да куттаммакка, иннин эрэ диэки хардыылыыр. Ардыгар мөҕөн, сыыһаны – халтыны көннөрөн, элбэхтэ кэпстэн, сүбэлэһэн сылдьыахтааҕын, барыларыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтааҕын өйдөөтүм.
Айсен Сергеевиһы киһи быһыытынан уонна норуотун иннигэр үлэтин толорорун илэ көрөммүн, олус сэргээтим. Бары өттүнэн дэгиттэр салайааччыбытыгар уһун дьоллоох олоҕу, саха алмааһын курдук кытаанах доруобуйаны, хотой кынатын курдук күүстээх санааны, норуотун дьолун – соргутун, үөрүүтүн, хомолтотун тэҥҥэ эҥэрдэһэн, дойдубут кэскилин түстэһэн, өр сылларга биһигини кытта бииргэ буоларыгар баҕарабын!” – диэн Харитон Павлов санаатын этэр.
Уол улааттаҕына, инникитин дойдутугар туһалаах, сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсэр киһи буоларга кыһаллар, сыалланар. Ыччаппыт Харитон хорсун санаалаах, сырдык ыралаах, сыаллаах буоллун!