Ил Дархан ыраахтан олорон үлэ уонна дьиэҕэ олоруу туһунан ыйааҕа таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээҥҥи чахчынан, өрөспүүбүлүкэҕэ, уопсайа, 87 киһи хоруона хамсыгар сыстыбыта биллэр. Итинэн сибээстээн, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыраахтан олорон үлэ уонна 65-тэн үөһэ саастаах дьон дьиэҕэ олорууларын туһунан ыйаахха илии баттаата.

edersaas.ru

Ол курдук, 65-тэн үөһэ саастаах, ону тэҥэ дьарҕарбыт ыарыылаах итиэннэ Ил Дарханынан быраап аактатыгар бигэргэммит иммунитеты кытта сибээстээх (иммуноспрессия) ыарыылар испииһэктэригэр киирбит ыарыылаах дьон, коронавирус балаһыанньата сытыырхайбытынан сибээстээн, олорор сирдэринэн дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһуохтаахтар. Маныаха туһааннаах ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ илии баттаата. Ыйаахха олоҕуран, 65-тэн үөһэ саастаах дьон, мэдиссиинэ үлэһиттэриттэн ураты, ыраахтан олорон (дистанционнай) эрэсиимҥэ көһүөхтээхтэр. Ыраахтан олорон үлэ эбэтэр быстах кэмҥэ үлэлээбэт буолуу (листок нетрудноспособности) кыаллыбат түгэнигэр, төлөнөр уоппуска эбэтэр өрүттэр сөбүлэһиилэринэн төлөбүрэ суох уоппуска көрүллүөхтээх.

Үлэ биэрээччилэр 65-тэн үөһэ саастаах дьону оробуочай миэстэлэригэр үлэлэтиилэрэ административнай быраабы кэһии быһыытынан сыаналанар.

Тустаах ыйааҕы ылбычча хааччахтааһын курдук сыаналыыр сыыһа. Статистика туоһулуурунан, кэлин дьон сэрэҕин сүтэриититтэн эбитэ дуу, саастаах дьон ыалдьара үксээбитэ бэлиэтэнэр. Онон тустаах ыйаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, ордук саастаах дьону харыстааһын биир миэрэтинэн буолар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0