Ил Дархан: «Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ бу күннэргэ уһуллан, бултааһын көҥүллэниэҕэ»
Ил Дархан Айсен Николаев бу күннэргэ Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа үлэлиир. Саха сирин олохтоохторо Ил Дархантан булт сезонун аһыллыытын туһунан үгүс ыйытыыны биэрэллэрин туһунан эттэ.
Бу туһунан инстаграмҥа бэйэтин страницатыгар:
— Бу күннэргэ Илиҥҥи экономическай форумҥа кыттар кэммэр үгүс сахам дьоно булт хаhан көҥүллэнэрин туһунан элбэхтик ыйыталаһаллар, суруйаллар. Эр киһи быһыытынан күһүҥҥү абылаҥнаах булду чугастык ылынабын. Ойуур баһаардарынан ситимнээн биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ бу күннэргэ уһуллан, бултааһын көҥүллэниэҕэ. Күндү бар дьонум, барыгытын ийэ айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга ыҥырабын! Булчут-алчыт дьоммутугар Баай байанай тосхойдун! — диэн суруйда.
https://www.instagram.com/tv/CTYLHcMK519/?utm_medium=copy_link
edersaas.ru