Ил Дархан ыйааҕын толоруу бастакы сылын түмүгэ куһаҕана суох

Ааптар: 
25.12.2019
Бөлөххө киир:

2019 сыл түмүктэнэр кирбиитэ тиийэн кэллэ, үлэ-хамнас түмүгэ таһаарыллар, туох ситиһиллибитэ бэлиэтэнэр, туох кыаттарбатаҕа ырытыллар, саҥа сылга саҥа соруктар туруоруллар кэмнэрэ-кэрдиилэрэ үүннэ.

edersaas.ru.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы ааһан эрэр сыл түмүктэрин туһунан билиһиннэрэр:
— Билигин сыыппаралар түмүллэ, чопчулана сылдьаллар эрээри, барыллааһын түмүгү билиһиннэриэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа тустаах бырагыраамаларга Ил Дархан Айсен Николаев 2018 с. ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕар алтыһыннарыллан ыытыллар. Бу ыйаахха бэйэ оҥорон таһаарбыт хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы таһымын үрдэтэргэ үлэни-хамнаһы чопчу сыыппараларынан ыйан туран, үс сүрүн хайысханан тэрийэр сорук туруоруллубута. Ааһан эрэр сылга сиртэн үүнээйини ылыы хайысхатынан, 2,3 тыһ. гектар ходуһа уута түһэрилиннэ, «Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» бырагырааманан оту хомуйар биэс, бурдугу быһар биэс хамбаайыннар ылылыннылар, 500 т оҕуруот аһын харайар биир ыскылаат тутулунна. Сүөһү иитиитин хайысхатыгар базаны бөҕөргөтүүгэ 17 сайылык, 50 сылгы баазата, уон ынах сүөһү комплекса тутулунна, ыраас хааннах саха сылгытын ууһатыыга түөрт сылгы собуота эбии тэрилиннэ, ынаҕы искусственнайдык сиэмэлээһин көрдөрүүтэ былырыыҥҥыттан түһэриллибэтэ, “Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката” ААУо-ҕа куурусса сыаҕа үлэҕэ киллэрилиннэ. Бородууксуйаны оҥорон таһаарыы хайысхатыгар аҕыс хаһаайыстыба үүтү астыыр, түөрт хаһаайыстыба эти астыыр сыахтары үлэҕэ киллэрдилэр, балык хаһаайыстыбалара астыыр уонна тута тоҥорор тэриллэри, уу аалларын ылыннылар, “Сахаагропродукт” тэрилтэ Астыыр технология киинин арыйда. Үүт, эт, балык уонна оҕуруот аһын соҕуопкаларын былааннара толорулунна, мүөккэ уонна сир аһыгар көрдөрүү куһаҕана суох. Инньэ гынан, былаан 22 көрүҥҥэ түһэриллибиттэн 17-тэ толорулунна, сайын курааннаан хортуоппуй былаана кыранан туолбата, от сорудаҕа 98 % буолла эрээри кур от уонна сүмэһиннээх аһылык суотугар кыстыыр от баар. Икки көрүҥ уһун болдьохтоохтор, түмүктэрэ кэлин таһаарыллар.
Онон ыйаах бастакы сылын түмүгэ чахчы куһаҕана суох эбит. Сопхуостар эстиэхтэриттэн туох да тутуу ыытыллыбатах сирдэригэр, холобур, Бүлүү Мастааҕын түбэтин үс нэһилиэгэр уонна Ленскэй Бэчинчэтигэр, толору хааччыллыылаах сүөһү иитэр комплекстар үлэҕэ киллэриллибиттэрэ элбэҕи этэр. Биир хотон Нам Таастааҕар баар саха сүөһүтүгэр тутулунна дии?
— Саха сүөһүтүгэр бастакы толору хааччыллыылаах хотон былырыын Эбээн Бытантайга үлэҕэ киирбитэ, быйыл Таастаахха тутулунна, кэлэр өттүгэр Горнай, Үөһээ Бүлүү, Амма улуустарыгар былааннанар. 2024 сылга саха ынаҕын ахсаанын биир тыһыынчаҕа диэри тиэрдиэхтээхпит. Төрүт сүөһүбүт барахсан ахсаана ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл 18 %-нан эбиллэн, күн бүгүн ыанар ынах ахсаана 900, оттон уопсай ахсааннара 1,9 тыһыынча буолла. Үлэни өссө тупсарар инниттэн, бу салаа «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай тэрилтэттэн арахсан, туспа хааһына тэрилтэтэ буолан эрэр.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайынан төрүөҕү ылыы куһаҕана суох, ол курдук, ынах сүөһү 81,4 %-а, биэ 67,8 %-а төрөөтө. 2018 сылга бу көрдөрүү туһааннааҕынан 79,5 % уонна 53,2 % этэ. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн 180 тыһыынча 781 ынах сүөһүлээх, ол иһигэр 76 тыһыынча 659 ыанар ынахтаах уонна 181 тыһыынча 276 сылгылаах, ол иһигэр 114 тыһыынча биэлээх көрсөр сорук турар. Билиҥҥи туругунан, ынах сүөһү ахсаана биир бырыһыанынан хапсыа суох курдук, оттон сылгы ахсаана 2 тыһыынча 800 төбөнөн элбиир чинчилэннэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0