Ил Дархан Ыйааҕа: бочуоттаах ааттар иҥэрилиннилэр

Ааптар: 
02.05.2017
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларынан наҕараадалыыр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа.

Үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, олохтоох салайыныы, тыа хаһаайыстыбатын, сири тыырыы, үгэс буолбут уус-уран оҥоһуктар, тутуу эйгэлэригэр, сокуоннаһы уонна бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин бочуоттаах ааттары иҥэрэргэ

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх землеустроителэ”

Полятинская Людмила Иннокентьевнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах землеустроителигэр, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ”

Горохов Александр Васильевичка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Булгуччулаах медицинскэй страховкалааһыҥҥа территориятааҕы фондатын дириэктэригэр, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”

Бондаренко Сергей Геннадиевичка, “Депутатскай бөһүөлэк” муниципальнай тэриллии баһылыгар, Усуйаана улууһа (оройуона);

Ионова Альбина Ионовнаҕа, “Дьөккөн нэһи­лиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгар, Бүлүү улууһа (оройуона);

Керемясов Михаил Николаевичка, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэлэр тус сыаллаах фондалара” коммерческайа суох тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыга, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”

Атласов Николай Дмитриевичкэ, “Турваургин” көһө сылдьар аҕа ууһун общината тыа хаһаайыс­тыбатын производственнай кооперативын табаһытыгар, Аллараа Халыма оройуона;

Эляков Василий Иннокентьевичка, тыа хаһаа­йыстыбатын бэтэрээнигэр, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала”

Аммосова Антонида Иннокентьевнаҕа, “И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы уопсай үөрэх­тээһин орто оскуолата” муниципальнай уопсай үөрэх­тээһин бүддьүөт тэрилтэтин учууталыгар, Нам улууһа;


Наҕараадалыырга

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Грамотатынан

Викулов Михаил Александровиһы, “М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет” үрдүк үөрэхтээһин федеральнай судаарыстыбаннай автономнай үөрэх тэрилтэтин Хайа институтун профессорын, Дьокуускай куорат;

Кычкина Антонина Анатольевнаны, “Н.О.Кривошапкин аатынан 5 №-дээх уопсай үөрэх­тээһин орто оскуолата” муниципальнай уопсай үөрэхтээһин бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрин, Дьокуускай куорат;

Сафонова Мария Николаевнаны, Российскай Федерация бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай Бэрэстэбиитэлистибэтин управлениетын салайааччыны, Москва куорат;

Тарабукина Саргылана Семеновнаны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Суутун судьуйатын, Дьокуускай куорат;

Наҕараадалыырга

“Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн

Добрянцева Наталья Борисовнаны, “Муома оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениета” муниципальнай казеннай тэрилтэ начаалынньыгын;

Ноев Николай Гаврильевиһы, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнин, Дьокуускай куорат;

Сильвестрова Александра Иннокентьевнаны, “Кыыллаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыгын, Өлүөхүмэ оройуона;

Халымарова Матрена Иннокентьевнаны, “Сардаана” уус-уран оҥоһуктарга акционернай фирма” публичнай акционернай уопсастыба кылаабынай буҕаалтырын солбуйааччыны, Дьокуускай куорат;

Цеева Анастасия Николаевнаны, “Дьокуускайдааҕы тутуу судаарыстыбаннай бырайыактыыр, научнай-чинчийэр института” аһаҕас акционернай уопсастыба отделын сэбиэдиссэйин, Дьокуускай куорат.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин

Ил Дархана                                 

Дьокуускай к.

2017 сыл муус устар 19 күнэ

1847 №-дээх.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларынан наҕараадалыыр туһунан

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ил Дарханын Ыйааҕа

Үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна искусство, телевидение, олохтоох салайыныы, салгын тырааныспарын, тыа хаһаайыстыбатын, айылҕа харыстабылын, тутуу, алмааһы хостуур бырамыысыланнас, экэниэмикэ уонна үп эйгэлэригэр үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин бочуоттаах ааттары иҥэрэргэ

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа”

Винокуров Петр Лазаревичка, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыра” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин артыыһыгар, Ньурба оройуона;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа”

Иванова Феодосия Гаврильевнаҕа, “Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин искэни эмтиир терапиятын отделениетын сэбиэдиссэйигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онкологар, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх

үлэһитэ”

Кудрина Нина Егоровнаҕа, “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин телевидение дириэксийэтин “ТВ проекты” айар холбоһугун комментаторыгар, Дьокуускай куорат;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”

Гурьев Аркадий Афанасьевичка, “2 Лүүчүгүн нэһи­лиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгар, Кэбээйи ­улууһа (оройуона);

Сажин Юрий Ларионовичка, “АЛРОСА” (публичнай акционернай уопсастыба) акционернай хампаанньа Мирнэйдээҕи хайа-байытар кэмбинээтин автобаазатын 3 №-дээх автоколоннатын механигар, Мирнэй оройуона;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”

Крюкова Екатерина Ивановнаҕа, “Полярная империя” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба үүт тутар пуунун маастар-технологар, Өймөкөөн улууһа (оройуона);

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тутааччыта”

Игнатенко Сергей Сергеевичкэ, “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгын бастакы солбуйааччыга;

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх экономиһа”

Чемчоева Яна Платоновнаҕа, “Мирнэй оройуона” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын үпкэ управлениетын начаалынньыгар.


Наҕараадалыырга

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Грамотатынан

Васильева Марианна Семеновнаны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үп миниистирин солбуйааччыны, Дьокуускай куорат;

Исаева Евгения Николаевнаны, “Жатай” куораттааҕы уокурук уокуруктааҕы дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга бастакы солбуйааччыны;

Слепцов Валерий Федоровиһы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Булуҥнааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин судаарыстыбаннай иниспиэк­тэрин.

Наҕараадалыырга

“Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн

Бандеров Герман Гаврильевиһы, “Полярнай авиалиниялар” авиахампаанньа” акционернай уопсастыба Ми-8 салгын суудунатын пилот-инструкторын, Үөһээ Халыма улууһа (оройуона);

Егорова Ирина Андроновнаны, “А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ” Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономнай тэрилтэтин “Сюрприз” эстраднай үҥкүү народнай ансаамбылын Россия уһулуччулаах кэлэктиибин уус-уран салайааччытын, Дьокуускай куорат;

Саввина Валентина Алексеевнаны, “1 №-дээх өрөспүү­бүлүкэтээҕи балыыһа – Медицинэ национальнай киинэ” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыны, Дьокуускай куорат;

Тартыев Иван Николаевиһы, тыа хаһаайыстыбатын производствотын бэтэрээнин, Амма улууһа (оройуона).

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана              

Дьокуускай к.

2017 сыл муус утсар 19 күнэ

1848 №-дээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0