Ил Дархан: Ыччат министиэристибэтэ оннунан хаалыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Орто Дойду» пааркаҕа «Хотугу синергия» ыччат форума буола турар. Форум чэрчитинэн бүгүн Ил Дархан Егор Борисов кыттааччылары кытта көрүстэ. 

«Ыччат көхтөөҕүттэн олус астынным. Бүгүҥҥү күннээххэ тыын боппуруостары ыйыталларыттан, тэҥҥэ быһаарсалларыттан, долгуйалларыттан үөрэбин. Ыччат кыһалҕатыгар эрэ сыһыаннаах буолбакка, Саха сирэ уопсай сайдыытын туоһулаһаллар. Онон ыччат билигин бары боппуруоһу быһаарар кыахтааҕыттан үөрэбин. Форум бары эйгэни хабара хайҕаллаах«, — диир кини.

Суруналыыстар «Ыччат министиэристибэтэ уларыйар динэ сурах баар, ол төһө оруннааҕый?» — диэн ыйыттылар. Маныаха, Егор Афанасьевич «Итинник боппуруостары мин быһаарабын да буоллар, сураҕы бүтэһигинэн истэбин. Министиэристибэ оннунан хаалар, долгуйумаҥ«, — диэн хоруйдаата.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0