Ил Дархан Ялтаҕа мунньахха кытынна

28.11.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Крымҥа Судаарыстыбаннай Сэбиэт президиумун киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа буолан ааста. Мунньаҕы РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иилээн-саҕалаан ыытта. Манна Ил Дархан Айсен Николаев эмиэ кытынна.

Мунньах бэрэсидьиэн таһаарбыт “ыам ыйын ыйаахтарын” олоххо киллэриигэ туһуланна. Владимир Путин бу саас национальнай бырайыактар 12 хайысхаларын ыйбыта. Онно кини Арассыыйа доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһини, инфраструктураны, о.д.а. эйгэлэри сайыннаран көҥү көтөн тахсан, аан дойдуга биир сайдыы­лаах дойду буолуохтааҕын эппитэ.

Биһиги үлэбит түмүгэ тэрилтэлэр уопсай көрдөрүүлэринэн буолбакка, дьон-сэргэ олорор усулуобуйата тупсуутунан кэмнэниэхтээх, сыаналаныахтаах. Ол иһигэр куораттар, нэһилиэктэр сайдыыларынан. Норуот бу сайдыыны кумааҕыга эрэ көрөр мэҥиэ оҥостуо суохтаах, бэйэтинэн билиэхтээх-көрүөхтээх. Этэргэ дылы, сайдыыбыт орто көрдөрүүнэн ­буолбакка, үрдүк ситиһиинэн арыалланыахтаах. Онуоха хамнас, биэнсийэ үрдээһинэ, суол-иис, социальнай эбийиэктэр тутуллуулара барыта төһүү күүс буолуохтаах”, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

Мунньах кыттыылаахтара сэттэ ха­­йысханан үлэлээтилэр. Ол курдук, дьиэлэри тутууга, олорор усулуобуйаны тупсарыыга, инфраструктураны сайыннарыыга, цифровой экэниэмикэни киллэриигэ, демографияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа туспа кэпсэтиилэр буоллулар. Айсен Николаев РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерин Максим Акимовы, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын, Ленинград, Ростов, Ульяновскай уобаластар губернатордарын, Тырааныспар уонна тырааныспар бэлиитикэтин институтун дириэктэрэ Михаил Блинкини, “Сбербаан” салайааччытын Герман Греви кытары “Цифровой экэ­ниэмикэ”, “Инфраструктураны сайыннарыы” “төгүрүк остуолларыгар” кытынна. Хас биирдии “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара Арассыыйа 2024 сылга диэри сайдыытыгар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0