Ил Дархан устудьуоннар күннэринэн эҕэрдэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 25 күнэ — бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар күннэрэ. Бу бэлиэ күнүнэн устудьуоннары уонна преподавателлэри Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

«Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн эҕэрдэлиибин.Устудьуоннуур кэм — бу инники олохпутугар саамай дьоһун былааннары ыраланар итиэннэ инники олохпутуттан элбэҕи эрэнэр кэммит. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ устудьуоннара талан ылбыт идэлэрин баһылыырга ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Араас таһымнаах куонкурустарга, олимпиадаларга кыттан, үрдүк ситиһиилэнэллэр. Онон биһиги устудьуоннарга туох баар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиэхпитин наада. Саха сиригэр эдэр исписэлиистэри өйүүргэ анаан араас судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлииллэр,- диэн эҕэрдэ тылыгар эбэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0