Ил Дархан уонна өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ баһылыктары кытары тыа сирин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр  

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олохтоох салайыныы сэбиэтин сийиэһин чэрчитинэн, кулун тутар 28 күнүгэр улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара «Тыа сирэ – олох төрдө» стратегическай сиэссийэҕэ  тыа сирин саҥа моделын тэрийии боппуруостарын дьүүллэстилэр.

edersaas.ru


Сиэссийэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ, Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев кытыннылар. Кэпсэтиини саҕалыырыгар Айсен Николаев тыа сирин сайыннарыы эрэгийиэн бэлиитикэтин сүрүн хайысхата буоларын бэлиэтээтэ.

Тыа сирин территорияларын сайдыыта, үгүс киһи алҕас саныырын курдук, тыа хаһаайыстыбатын эрэ кытары сибээстээх буолбатах. Боппуруос киэҥник көрүллүөхтээх. Нэһилиэктэр сайдыылара үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, култуура, урбаан, саҥа технологиялар эйгэлэрин итиэннэ аныгы инфраструктураны тэрийиини кытары ыкса ситимнээх. Нэһилиэктэргэ дьон олох хаачыстыбата тупсарыгар, дохуот үрдүүрүгэр, үлэ-хамнас саҥа көрүҥнэрэ баар буолалларыгар, элбэх үлэ миэстэтэ тахсарыгар, куораттан итэҕэһэ суох тупсаҕай усулуобуйа тэриллэригэр баҕараллар. Ону ситиһии нэһилиэктэр уонна улуустар баһылыктарыттан улахан тутулуктаах, — диэтэ Ил Дархан.

Баһылыктар тыа сирин сайыннарыыга санааларын үллэһиннилэр. Миэстэҕэ нэһилиэнньэ дохуота намыһаҕа, толору хааччыллыы суоҕа, суол-иис, сибээс мөлтөҕө сайдыыны атахтыырын ыйан тураннар, олох хаачыстыбатын үрдэтэргэ болҕомтону социальнай, инфраструктурнай сайдыыга уурар, чуолаан социальнай уонна тырааныспар инфраструктураларын, ОДьКХ өҥөлөрүн тииһилэҥнээх оҥорор наадатын эттилэр.

Бастакы Бэрэсидьиэн, өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев баһылыктарга каадырдары бэлэмнээһини умнубакка, тыа сиригэр үлэлиэн-хамсыан баҕарар анал идэлээх исписэлиистэри тардар туһугар үөрэх тэрилтэлэрин кытары үлэлэһэргэ сүбэлээтэ.

Көрсүһүүнү түмүктүүрүгэр Айсен Николаев нэһилиэгин кыаҕын көдьүүстээхтик туһанар, сөптөөх соруктары туруорар итиэннэ нэһилиэнньэни үлэҕэ көҕүлүүр эрэ баһылыктаах нэһилиэк билигин ситиһиилээх буоларын, сайдыыга хардыылыырын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Дьаһалта баһылыктара нэһилиэнньэ интэриэһинэн салайтаран үлэлиэхтээхтэр. Дьону үлэҕэ тардыахтаахтар. Муниципалитет сайдыытын сүрүн хайысхаларын олоххо киллэрии нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кытыннаҕына олоххо киирэр уопсай дьыала буоларын дьон өйдүөхтээх. Тыа сирин социальнай-экономическэй сайдыытын бэлиитикэтэ судаарыстыба, муниципалитеттар, бизнес итиэннэ уопсастыбаннас бүттүүн эппиэтинэстэрэ буолар. Биһиги бары күүспүтүн түмтэхпитинэ эрэ, тыабыт сирин бигэтик сайыннарыахпыт, — диэтэ Ил Дархан.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыатedersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0