Ил Дархан Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ  Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Уол оҕо күнүнэн   Саха сирин олохтоохторун Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Ил Дархан  бу бырааһынньык «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн сойуустааҕы уопсастыбаннай хамсааһыннарын Саха сиринээҕи салаата көҕүлээн тэриллибитин бэлиэтээтэ. Онон сыллата муус устар иккис өрөбүлүгэр бу бырааһынньык бэлиэтэнэр. Төһө да «эдэр» бырааһынньык ахсааныгар киирэрин иһин,бу күнү Саха сирин олохтоохторо сөбүлээн бэлиэтииллэр.

Уол оҕо күнэ үүнэн эрэр көлүөнэни Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ уонна Аҕа дойдуну көмүскээччи оруолун үрдэтиигэ сүҥкэн суолталаах. Биһиги оҕолорбутугар куруук болҕомтолоохтук сыһыаннаһыахтаахпыт. Кинилэри хайдахтаах курдук күүскэ таптыырбытын, кинилэргэ эрэллээхпитин этиэхтээхпит, — диэн   Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0