Сэтинньи – саха дьонугар муҥха кэмин үгэнэ. Быйыл кыһыммыт быраабыла курдук кэллэ. Халлаан тымныытын аһара эрдэ эмискэччи аҕалбата диэн этэбин. Онон улахан дьону кытта быйылгы муҥхаҕа сир ахсын элбэх оҕо-уруу сырытта.
Ил Дархан Егор Борисов эмиэ өбүгэбит үгэһин тутуһан, бэҕэһээ өрөбүлгэ улахан сиэнин Евгенийи уонна бырабыыталыстыба чилиэннэриттэн турар хамаанданы кытта муҥхалаатылар.
Ханнык улууска сылдьыбыттарын туһунан кэлин сибээс уонна информационнай технология миниистирэ Александр Борисов «Охота и рыбалка в Якутии» биэриитин көрдөхпүтүнэ эрэ билэрбит буолуо. Күөх Боллох Тойон улахан дьону наһаа матарбата ини…
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1