“Тыа сирин сайыннарыыга ыытар бэлиитикэбитин төрдүттэн уларыттыбыт. Кэлиҥҥи үс сылга ыыппыт үлэбит сөптөөх хайысханы тутуспуппутун көрдөрдө”, — диэн бэлиэтээн этэр Ил Дархан Егор Борисов “Саха” НКИХ ханаалыгар биэрбит кылгас интервьютугар.
“Урукку сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх механизмы киллэрэн, төрүт дьарыкпытын сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит буоллахпытына, билигин тыа сирин сайдыытын кытары бииргэ тутан сайыннаран эрэбит. Нэһилиэнньэни кытары көрсөн, элбэхтэ кэпсэтэн, ырытыһан олохтоохтор кыһалҕаларын биир кэлимник көрөн быһаарыахха наада диэн түмүккэ кэлбиппит. Оннук үлэни ыыттахпытына эрэ тыа сиригэр дьон олохсуйарын, тыа хаһаайыстыбатын сайдарын ситиһиэх кэриҥнээх этибит. Онон кэлиҥҥи үс сылга ыыппыт бэлиитикэбит сөптөөх хайысханы тутуспуппутун көрдөрдө”, — диэн бэлиэтиир кини.
Манна даҕатан эттэххэ, 2013 с. өрөспүүбүлүкэбитигэр Тыа сирин сыла биллэриллэн, улахан хамсааһын тахсан эрэр. Ол курдук, дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга үлэ-хамнас барда. Холобур, чааһынай дьиэлэри киин ититэр систиэмэҕэ холбооһун күргүөмнээхтик ыытылла турар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ баар чааһынай дьиэлэр аҥардара бары киин ититэр систиэмэҕэ холбоннулар. Үлэ өссө да салҕанар. Ону сэргэ, араас хайысхалаах бырагыраамаларынан тыа сиригэр хапытаалынай тутуу бөҕө ыытылынна. Суол оҥоһуутугар, тыа сиригэр производство базаларын тутууга, сайыннарыыга инвестиционнай бырагырааматтан үбүлээһин көрүллэр буолла.
Кэлиҥҥи кэмҥэ агрокластер диэн өйдөбүл киирэн, манна ыччат хото кыттар буолла. “Намҥа, Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка, Сунтаарга, Ньурбаҕа итини таба туһанан сайыннаран эрэллэр. Эдэрдэр бэйэлэрэ көхтөөхтүк кыттан, кластеры олоххо киллэриигэ ылыстылар. Бу икки сылы ылан көрдөххө, ыччат тыа сиригэр кэлэр, үүнэр-сайдар өттүгэр тардыһан эрэр уонна онно үлэлии барарга баҕалаахтар”, — диэн бэлиэтиир Егор Афанасьевич.
Билигин эдэрдэргэ анаан араас бырагыраама үлэлиир. Ол курдук, “Эдэр дьиэ кэргэн”, “Саҥа саҕалаан эрэр фермер” курдук бырагыраамаларга киирсэн, тыа сиригэр кэлэн 3-3,5 мөл. солк. ылан бэйэ хаһаайыстыбатын тэриннилэр, дьиэ-уот тутуннулар.
“Тыа сиригэр туһаайыллыбыт үлэлэрбит бары биир сиргэ түмүллэн, тыа хаһаайыстыбатын кытары бииргэ сайдаллар. Онон билигин бу хайысханы сайыннарыыга кыах баар буолла. Итини таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан үлэлээн эрэр сокуоҥҥа олоҕуран, үлэлэрин-хамнастарын сөптөөхтүк дьаһанан эрэллэр. Ону таһынан саҥа технологиялары киллэрии, каадырдары кытары үлэлэһии бара турар”, — диэн иһитиннэрэр Ил Дархан.
Егор Борисов этиитигэр эбэн эттэххэ, билигин Сунтаарга, Ньурба Антоновкатыгар, Мэҥэ Хаҥаласка Хара нэһилиэгэр ыччат бөһүөлэктэрэ киириэхтэрэ. “Ыччаты кытары көрүстэхпинэ, тыа сирин туһунан сүрдээҕин интэриэһиргииллэр, сэҥээрэллэр. Бүгүн саҥалыы сыһыан наада. Барытын судаарыстыба көрүөхтээх диэн өйдөбүлтэн тэйэммит, ыччат бэйэтэ үлэлээтэҕинэ-хамсаатаҕына бэйэтин дохуотун оҥостор кыахтара баар буолуохтара”, — диэн этэр түмүккэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru