Ил Дархан “сухуой сокуон”, “дистанционнай” үөрэх, оптуобустар сырыыларын туһунан

04.04.2020
Бөлөххө киир:

Бэнидиэнньиктэн, муус устар 6 күнүттэн, оҕолор дьиэттэн олорон, дистанционнай үөрэхтэрэ саҕаланар”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү брифинг кэмигэр эттэ.

— Ыраах хотугу улуустарга, интэриниэт, сибээс мөлтөх сиригэр, үөрэх маннык көрүҥэ кыаллыбат буоллаҕына, оскуолаларга үөрэнии көҥүллэниэн сөп.

Ону тэҥэ, оперативнай ыстаап быһаарыытынан, бэнидиэнньиктэн Дьокуускай куоракка оптуобустар күнүскү кэмҥэ сылдьар буолуохтара. Куорат дьаһалтата оптуобустар биир чааска биирдэ сылдьар буолуохтара диэн быһаарыыны ылынна.

Сухуой сокуон” туһунан этэр буоллахха, уһун өрөбүл күннэр муус устар 30 күнүгэр диэри уһаабыттарынан, бэнидиэнньиктэн ыла күнүс 2 чаастан киэһээ 6-ҕа диэри арыгы атыыланар буолуоҕа.

Атын эрэгийиэннэртэн, куораттартан кэлбит дьон булгуччу икки нэдиэлэ устата “изоляцияҕа” олоруохтара, ону үлэни биэрээччилэр кытаанахтык ирдээҥ. Ити уустук, ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ саамай сүрүнэ, ыарыы тарҕамматын ситиһиэхтээхпит, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Сахалайф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0