Ил Дархан стипендиат оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаата

Бөлөххө киир:

Ахсынньы 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 10 бастыҥтан бастыҥ стипендиат-үөрэнээччини кытта көрүстэ. Бу оҕолор Ил Дархан Харыйатыгар ыҥырыллыбыт 700 оҕотуттан талылыннылар.

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» издательствоттан эдэр кэрэспэдьиэннэр Лада Рожина (Боронук, Дьааҥы) уонна Владиан Цыпандин (Хаптаҕай, Мэҥэ Хаҥалас) кыттыыны ыллылар. Көрсүһүү онлайн Zoom платформатыгар ааста. Тэрээһини Үөрэх миниистирэ Михаил Петрович Сивцев иилээн-саҕалаан ыытта. Кини бэйэтин кэмигэр стипендиат, 1994 с. Кремль Харыйатын кыттыылааҕа буолар. Айсен Николаев көрсүһүү кыттыылаахтарын истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Айсен Сергеевич киирии тылыгар оҕолору кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ, оҕолор ситиһиилэринэн киэн туттарын биллэрдэ. Бу сыл, төһө да ыараханын иһин, элбэх уопуту биэрдэ. 2020 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ дойдуга бэриниилээх буолуу, Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылларынан биллэриллэн, биһиги норуоппут түмсүүлээҕин көрдөрдө.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэбит оҕолоро олус талааннаахтарын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэбит инникитэ – оҕолорго, ыччаттарга.  Айсен Сергеевич оҕолорго хаһан да санааларын түһэрбэккэ инники диэки дьулуһан, баҕа санааларын толороллоругар баҕарда.

Альберт Попов, Амма Аччыгыйа аатынан Таатта лицейин 10-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Эйиэхэ «ситиһии формулата» (формула успеха) баар дуо?  Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?

Айсен Николаев:

— Ити туһунан суруналыыстар син элбэхтик ыйыталлар. Оннук “формулам” суох. Мин биири этэбин, киһи бириэмэтин сөпкө аттарыахтаах. Элбэҕи үлэлиэххэ наада, бэйэни харыстаммакка. Иккиһинэн, хаһан да кэннинэн кэхтибэккэ, чугуйбакка сыалын диэки баран иһиэххэ наада.

Лена Бережнова, Кыһыл Сыыр, Бүлүү улууһа, оҕо тэрилтэтин лиидэрэ:

— Лиидэр ханнык үс хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

Айсен Николаев:

— Кыһыл Сыырга оскуолата сотору реконструкцияланан, аныгылыы тупсаҕай буолуоҕа. Оскуола бырайыагын биллэр москватааҕы «Стрелка» архитектурнай фирма оҥоро сылдьар. Бу олох ураты бырайыак буолуоҕа.  Киһи билиилээх, дьулуурдаах-тулуурдаах уонна сиэр-майгы өттүнэн үрдүк таһымнаах буолуохтаах.

Айлаана Спиридонова, 10 кылаас, Өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуола-интэринээт:

— Оҕо сылдьан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний? Онно ким сабыдыаллаабытай?

Айсен Николаев:

— Оҕо сылдьан учуонай буолуохпун баҕарар этим. М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуолаҕа үөрэммитим.  Учууталларым сабыдыаллара  улахан этэ. Математиканан, физиканан үлүһүйэн дьарыктанарым. Оскуолабын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн МГУ-га туттарсан киирбитим. Учуонай буолар баҕа санаам уларыйбыта. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэрим саҕана дойду ыһыллыбыта, ол иһин олох хаамыытыгар сөп түбэһэн идэм уларыйбыта. Барыта киһи баҕатынан буолбат. Ханнык баҕарар олох түгэнигэр киһи бэйэтин суолун булуохтаах уонна олох устун сөпкө баран иһиэхтээх.

Кирилл Еськин,  Дьокуускай куорат лиссиэйин 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитин ханнык салаа инникитин сайыннарыан сөбүй?

Айсен Николаев:

— Олус үчүгэй ыйытыы. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит территория өттүнэн, киһи ахсаанын өттүнэн уратылардаах. Саха сирин территорията Индия территориятыгар тэҥ. Индияҕа 2 миллиард киһи олорор буоллаҕына, Саха сиригэр 975 тыһыынча киһи олорор. Саха сирэ хас да хайысханан тэҥҥэ сайдар кыахтаах: 1. Үгэс буолбут бырамыысыланнас салаата – сир баайын хостооһун уонна туһаҕа таһаарыы, алмаас, ньиэп, гаас, таас чох, кыһыл көмүс, о.д.а. 2. «Несырьевая экономика». Киһи хапытаалын сайдыытын кытта ситимнээх. Манна киһи кыаҕын, талаанын туһанан, бэйэтин хааччынарын, харчыны өлөрөрүн ситиһиэххэ наада. Ол креативнай индустрия: кинематограф, дизайн, ювелирнай ускуустуба, архитектура, о.д.а. Мин атын дойдуларга сылдьан  көрөрбүнэн,  биир кыһалҕа тахсан эрэр: сонун идиэйэ аҕыйаабыт курдук. Уруккуттан баары тупсара сатыыбыт, саҥа өйдөбүлү сайыннарбакка. Оттон Саха сиригэр сонун, саҥа идиэйэлээх дьон төрүүр сирдэрэ буолар. Киинэ индустриятын ылан көрүөҕүҥ. Биһиги киинэлэрбит сонун өйдөбүлү арыйаллар. Куонкурустарга кыайаллар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги киинэлэрбит саҥа сонун өйдөбүлү, санааны этэллэр, көрдөрөллөр. Эбэтэр АйТи пааркабыт, АйТи хампаанньаларбыт ситиһиитин ылан көрүөҕүҥ. Саха сиригэр урут-уруккуттан математическай оскуола таһыма үрдүк. Бу эйгэҕэ креативнай толкуйдаах эдэр дьон үлэлии сылдьар. Уһук Илиҥҥэ АйТи-лиидэр буоларбытын ким да мөккүһэр кыаҕа суох. Онон үгэс буолбут экэниэмикэ хайысхатын тэҥэ бу креативнай салаалары сайыннаран, аан дойду ырыынагар тахсыахтаахпыт. Мин куттаммакка этэбин: эһиги көлүөнэҕит баай буолуохтаах, харчыны сатаан өлөрүөхтээх, Саха сирэ баай буолуохтаах. Аныгы экэниэмикэ кыаҕа муҥура суох, ону эһиги баһылыахтааххыт.  Эһиги Саха сиригэр бу хайысханы сайыннаран, харчыны сатаан өлөрөр дьон буолуохтааххыт. Бэйэҕит олоххут уйгутун бэйэҕит сайыннарыахтааххыт.

Станислав Новиков, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Дистанционнай үөрэхтээһин биһиги инники кэскилбит дуо?

Айсен Николаев:

— Биһиги дистанционнай үөрэхтээһини ситэри сыаналаабакка сылдьыбыппытын пандемия көрдөрдө. Олус наадалаах эбит. Айаннаан тиийэргэ эрэйдээх ыраах нэһилиэнньэлээх сирдэргэ дистанционнай үөрэхтээһин үчүгэй өрүтэ элбэх. Ыраах оскуолаларга учуутал тиийбэт. Биир учуутал хас да биридимиэти үөрэтэр буоллаҕына, үөрэх хаачыстыбата түһэр. Оттон дистанционнай үөрэхтээһин эйгэтигэр түргэн интэриниэт көмөтүнэн оҕо бастыҥтан бастыҥ учууталларга үөрэнэр кыахтанар. Бу улахан суолталаах. Мин бэйэм сотору-сотору дистанционнай технология көмөтүнэн онлайн-куурустарга үөрэнэбин. Ол гынан баран онлайн үөрэх үгэс буолбут (традиционнай) үөрэҕи толору солбуйар кыаҕа суох. Илэ көрө олорон, кэпсэтэн-ипсэтэн үөрэнэри солбуйар кыаҕа суох. Учуутал оҕону кытта, оҕо оҕону кытта алтыһа, уопсастыбаҕа сылдьа үөрэнэрэ, киһи киһиэхэ сыһыана – оҕо киһи быһыытынан улаатарыгар сүүнэ суолталаах. Дистанционнай уонна сирэй үөрэтии холбоһуга олус наадалаах, сөпкө аттарыахха наада. Биһиги билигин дистанционнай үөрэхтээһин киириитинэн дойдуга үһүс сылдьабыт. Иккис миэстэҕэ тахсыахпыт диэн эрэнэбин.

Алена Колодезникова, Аксинья уонна Наталья Посельскайдар Дьокуускайдааҕы  балет оскуолатын 1-кы кууруһун устудьуона:

— Искусство ханнык көрүҥүн ордук сөбүлүүгүн?

Айсен Николаев:

— Ордук киинэ, тыйаатыр ускуустубатын ордоробун. Киинэ эйгэтигэр үлэлиир дьону өйүүбүн, киинэ режиссердарын кытта өрүү көрсөбүн. Кыра кыыһым билигин бальнай үҥкүүнэн идэтийэн дьарыктанар. Ол иһин успуорт ити көрүҥүн көрөбүн, үөрэтэбин. Ити аата оҕо төрөппүтүгэр эмиэ сабыдыаллыыр эбит.

Александр Степанов,  Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола 11-с кылааһын кадета:

— Патриотизм өйдөбүлэ уларыйыан сөп дуо? Эбэтэр уларыйбат өйдөбүл дуо?

Айсен Николаев:

—  Патриотизм өйдөбүлүн сүрүн бириинсиптэрэ хаһан да уларыйбаттар. Төрөөбүт дойдуга таптал, киэн туттуу, дойдубут сайдарын туһугар үлэлиир баҕа санаа. Бу хаһан да уларыйбат өйдөбүллэр. Холобур, 2020 сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла буолар. Сыл саҕаланыытыгар бу хамсык ыарыы биһиги олохпутун уларытыа диэн өйбүтүгэр да суоҕа. Ол гынан баран, биһиги билигин бу ыарыыны кытта охсуһар дьоммутунан эмчиттэринэн, Роспотребнадзор үлэһиттэринэн, волонтердарынан  киэн туттабыт. Бу бааллар дьиҥнээх патриоттар.

Көрсүһүү түмүгэр стипендиаттар ааттарыттан Дьокуускай куорат 2-с №-дээх национальнай политехническэй оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Герман Тастыгин харда тыл эттэ:

—  Биһиги бары 2020 cылга сыал-сорук туруорунан, араас эйгэҕэ ситиһиилээхпит. Бу сыл биһиги олохпутугар улахан уларыйыылары  киллэрдэ. Үөрэхпитигэр дистанционнай ньыма киирэн, онлайн үөрэнэр сатабылы түргэнник  баһылаатыбыт. Бу иһин учууталларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.  Ааһан иһэр сылга Конституциябытыгар уларыйыылар киирдилэр. Биһиги  «Моя законотворческая инициатива» Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан өйөбүлү ыллыбыт, бу инникитин талар идэбитин чопчулаан биэрдэ. Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич,  өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин ааттарыттан кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин, дойдубут сайдарын туһугар туох баар кыахпытын-билиибитин ууруохпут диэн эрэннэрэбин.

Лада Рожина, «Сиккиэр» эдкорпост чилиэнэ,

салайааччы Акулина Стручкова. Боронук, Дьааҥы.

keskil14.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0