Ил Дархан «Стерх» уонна «Алмаасэргиэнбаан» үлэлэрин сыаналаата
Ил Дархан Айсен Николаев “Стерх” страховой хампаанньа уонна “Алмаасэргиэнбаан” АКБ ааспыт сыллааҕы үлэлэрин барыллаан түмүктэрин уонна 2019 сыллааҕы соруктарыгар туһуламмыт сүбэ-мунньаҕы ыытта.
edersaas.ru
«Алмаасэргиэнбаан» Арассыыйаҕа 100 бөдөҥ бааннар истэригэр сылдьарын таһынан, үп-харчы ырыынагар өрөспүүбүлүкэни ааттатар биир бөдөҥ баанынан буолар. СӨ бырабыыталыстыбатын кытары бииргэ үлэлээн инвестиционнай бэлиитикэни, социальнай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ үлэлэһэр. Дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэрин өйүүр.
2018 сыл түмүгүнэн, туһааннаах баан үп-харчы ырыынагар бигэ туруктаах тэрилтэнэн буолан, барыллаан ааҕыынан, баан бэйэтин үбэ-харчыта 23 бырыһыанынан улаатан, 3,7 млрд солкуобайга тиийдэ. Үүммүт сылга «Алмаасэргиэнбаан» 2032 сылга диэри сайдыытын Стратегиятын оҥорууга үлэлиирин таһынан, орто уонна уһун болдьохтоох бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэлиэҕэ.
Оттон «Стерх» АУо регионнааҕы таһымнаах биир улахан страховой хампаанньанан буолар. 2018 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн, хампаанньа 3,1 млрд солкуобай суумалаах страховой усунуоһу киллэрбит. Усунуос улахан кээмэйин — 60 бырыһыанын ОСАГО төлөбүрэ ылар.
Быйыл хампаанньа өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын тупсарыыга, страховой өҥөлөрү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Арассыыйа таһымыгар сайыннарыыга салгыы үлэлэһиэҕэ.
Сүбэ-мунньах түмүгүнэн, Айсен Николаев туһааннаах хампаанньалар үлэлэрин үчүгэйинэн сыаналаата.
Биһ. корр., edersaas.ru