Ил Дархан: «Сарсын Маҕараска ойуур баһаардарын умуруорууга бөртөлүөт үлэлиэҕэ»

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Горнай улууһугар үлэлээтэ.  Билиҥҥитэ улууска ойуур баһаардарынан балаһыанньа  тыҥааһыннаах.

Улууска 25 ойуур баһаара баарыттан, билиҥҥитэ 14  баһаары умулларыыга үлэ ыытыллар. Уоту утары охсуһууга олохтоох нэһилиэнньэни таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай күүстэр үлэлииллэр. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн,  Маҕараска нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уоту чугаһаппат сыалтан, сарсын  «Полярные авиалинии» бөртөлүөтэ үлэлиэҕэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0