Ил Дархан сарсын быһа биэриигэ тахсыаҕа

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сарсын, ахсынньы 22 күнүгэр, “Саха” ГТРК ханаалыгар быһа биэрии кэмигэр нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдуоҕа.

Айсен Сергеевичкэ ыйытыыларгытын быһа биэрии кэмигэр 8 (4112) 32-02-02 төлөпүөҥҥэ эрийэн биэриэххитин сөп. Быһа биэрии сарсыарда 8 чаас 40 мүнүүтэҕэ саҕаланыаҕа. Биэриини “Саха” ГТРК ханаалыгар көрөөрүҥ эбэтэр “Россия” радиоҕа истээриҥ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0