Ил Дархан Сайылык күнүнэн эҕэрдэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, тыа сирин үлэһиттэрэ!

Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Сайылык күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Былыр-былыргыттан биһиги норуоппут Ньукуолун күнүгэр күүтүүлээх самаан сайын кэлиитин бэлиэтиир үтүө үгэстээх. Бу күн Саха сирин олохтоохторо алаадьы астаан, кус минэ буһаран чугас дьоннорун күндүлүүллэр, айыылартан өҥ-быйаҥ сайыны көрдөһөн, сири аһаталлар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр бу күнү үһүс төгүлүн дьиҥ таһымнаах бырааһынньык – Сайылык күнүн – быһыытынан бэлиэтиибит. Сайылыкка көһүү өбүгэ саҕаттан дириҥ суолталаах. Тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктар, алаастарга от силигилии үүнэр, сүөһү ахсаана элбиир, бастакы куйаас күннэр үүнэллэр. Ынах сүөһүнү сайылыкка көһөрүү – саха норуотун төрүт култууратын быстыспат сорҕото, олохпут үгэс буолбут укулаатын тыыннаах холобура, ону чөл хаалларар туһугар биһиги эдэр көлүөнэбитин уһуйабыт.

Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин салҕаан, бүгүн тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, бааһынайдар уонна фермердэр хаһаайыстыбалара, Саха сирин потребительскэй кэпэрэтииптэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик сайылыкка көһөн, олохторун-дьаһахтарын оҥостоллор, сүөһүлэрин үүнүүлээх ходуһаларга мэччитэллэр. Оҕолор ньирэйдэри аһатан, сүөһүнү манаан, дьиэ үлэтигэр илии-атах буолан улахан дьоҥҥо, төрөппүттэригэр көмөлөһөллөр. Кинилэр бу курдук үлэҕэ сыстан, норуот үйэлээх үгэстэригэр үөрэнэллэр, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитиллэн тахсаллар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥи туругунан 350-тан тахса сайыҥҥы пиэрмэ баар, ол иһигэр Мирнэй оройуонун Сүлдьүкээр, Амма улууһун Болугур, Горнай улууһун Маҕарас сэлиэнньэлэрин сайылыктарыгар саха ынаҕын иитиинэн дьарыктаналлар. Сайылык хаһаайыстыбаларын өйүүргэ уонна сайыннарарга, аныгы титииктэри тутарга өрөспүүбүлүкэҕэ тус сыаллаах үлэни ыытабыт. Сайыҥҥы пиэрмэлэри уотунан, ынаҕы ыыр аппарааттарынан, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтинэн, тэрилинэн хааччыйыыга, үлэһиттэр олороллоругар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ улахан үлэ барар.

Күндү биир дойдулаахтарым! Бу күн үтүөтүгэр күүскүтүгэр күүс, эрчимҥитигэр эрчим эбилиннин! Эһиэхэ чэгиэн туругу, дьолу-соругуну, үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Сахабыт сирин күүтүүлээх самаан сайына хас биирдиибитигэр уйгуну, быйаҥы аҕаллын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                 А.С. Николаев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0