Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр сүрүн эрэдээктэрдэрин кытта көрсүһүүтүгэр дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга туох үлэ ыытылларын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.
Тыа хаһаайыстыбата
Бу салаа урут бөлүһүөктээһин хайысхалаах суолунан баран испитэ. Билигин биһиги хайысхатын экэниэмикэ, ааҕыы-суоттааһын диэки уларытыахтаахпыт. Сүрүн сорук – олохтоох дьону бэйэ аһынан хааччыйыы. Сүүс бырыһыан кыаллыбат буоллаҕына, саатар билиҥҥи көрдөрүүнү икки төгүл үрдэтиини ситиһиэхтээхпит. Мин санаабар, 2021 сылга таҥнары түһүүнү тохтотуохтаахпыт.
Аллараа Халыма сайдыыта
Черскэйтэн Анюйскайга диэри сылы эргиччи сылдьар суол уһуна — 68 килэмиэтир. Бу аартык Аллараа Халыма уонна ыаллыы сытар Чукотка сайдыытыгар улахан суолталаах. Чуолаан, айан-сырыы мөлтөҕө сир баайын хостуур тэрилтэлэр сайдалларын атахтыыр. Чукоткатааҕы автономнай уокурук баһылыгын Роман Копины кытта бу кыһалҕаны дойду тырааныспарын миниистирин иннигэр туруорбуппут. Бу сотору кэминэн быһаарыллыа диэн этэр кыаҕым суох эрээри, икки эрэгийиэн салайааччыта күүспүтүн холбоотохпутуна, түргэнник быһаарыллыан сөп.
Тымныы полюһа
Тымныы полюһа, дьиҥнээҕэ, Өймөкөөн уонна Дьааҥы икки ардыларыгар баар буолуохтаах дии саныыбын. Онон олохтоохтор мөккүһэ сатаабакка, Сахабыт сирин, айылҕабыт-килиимэппит ураты миэстэтин, көстүүтүн киэҥник сырдатыыга күүстэрин түмүөхтээхтэр.
Сотору Саха сирин сиригэр-уотугар ыытыллыахтаах мүччүргэннээх (экстрим) туруоруу тэрийээччилэрин кытта көрсүөҕүм. Бу Оонньууга саамай тымныы миэстэни көрдүүр хас да хамаанда кыттыаҕа. Кээмэйдииргэ анал тэриллээх буолуохтара. Кинилэр бары хамсаныыларын быһа эфиргэ көрүөхпүт. Билигин аан дойдуга реалити-шоу ыытыллар сирэ элбэх. Биһиэнэ саамай эриирдээх-мускуурдаах, кытаанах буолуоҕа уонна аан дойдуга интэриэһи үөскэтиэҕэ. Саха сирин тымныыта — бырайыак сүрүн дьоруойунан буолуоҕа.
Өлүөнэни туоруур муоста
Биһиги муостаны тутууну үбүлээһин быһаччы федеральнай буолбакка, муостаны тутуу концессионнай сөбүлэһиигэ уонна куонкуруска олоҕуруохтаах диэн боппуруоһу туруорабыт. Муоста биһиэхэ туһалыаҕа, онон муоста сыанатыттан 10 бырыһыан кээмэйдээх кыттыгас үбүлээһини өрөспүүбүлүкэ уйунар кыахтаах. Концессионнай сөбүлэһии быһыытынан, тутуу үбүн 75 % федеральнай бүддьүөт биэриэҕэ, 10 % — өрөспүүбүлүкэ, оттон 15 % — кэтэх инвестор.
Соторутааҕыта Арассыыйа Экэнэмиичэскэй сайдыыга министиэристибэтэ бу муостаны тутууну «Арассыыйа инфраструктуратын саҥардыы кэлимсэ былааныгар” киллэрэри сөптөөҕүнэн аахпыта. Бу улахан, сүҥкэн суолталаах ситиһии.
Бэйэ уматыгын оҥоруу
Сэттэ-аҕыс сылынан нэһилиэнньэ уматыкка наадыйыытын гааһы таҥастааһын уонна убатыллыбыт айылҕа гааһын оҥорон таһаарыы бырайыактара олоххо киирдэхтэринэ, толору хааччыйыахтара диэн былаанныыбын. Саха сирэ АЗС-ка сыана үрдүгүттэн уонна хаачыстыбата суох бэнсиинтэн сылтаан, 2022 сылтан бэйэтин уматыгын оҥорон таһаарыыны саҕалыыр кыахтаах. Бу эйгэҕэ бырайыактары олоххо киллэрии, барыллаан ааҕыынан, лиитирэ бэнсиин сыанатын 8-10 солкуобайынан аччатыахтаах. Хас да инвестор гааһы таҥастааһыны оҥорон таһаарыыга кыттыһарга бэлэмнэр.
Саха сиригэр тырааныспар уматыгын быһыытынан 1 мөлүйүөн 100 тыһыынча туонна кэриҥэ ньиэп бородууктата туһаныллар, итинтэн 810 тыһыынча туонната – сэлээркэ, атына – массыына бэнсиинэ.
Үтүөнү ыраланнахха, 2022 сыл бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ хас да уонунан тыһыынча туонна мотуор уматыга оҥоһуллан тахсыаҕа. 7-8 сылынан гааһы таҥастааһын эйгэтигэр бырайыактары олоххо киллэрдэхпитинэ, биһиги нэһилиэнньэни уматыгынан толору хааччыйар кыахтаахпыт. Маны таһынан, пропан-бутан уматыгы оҥорон таһаарыыны улаатыннарыы кэлэр сылга кыаллыан сөп.
“Сахатранснефтегаз” салалтата мин сорудахпынан оттук-уматык матырыйаалларын оҥорон таһаарыыга үлэ саҥа туһаайыыларын туһунан отчуоттаата. Кэлэр сылга пропан-бутан уматыгы Саха сирин гааһын үлэһиттэрин көмөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ икки төгүл улаатыннарыахпыт.