Ил Дархан Егор Борисов Ил Түмэн депутаттарыгар, уопсастыбаннаска сэттис төгүлүн Анал этиитин иһитиннэрдэ. Бу сырыыга Егор Афанасьевич олохтоох оҥорон таһаарыы суолтатын үрдэтэргэ ыҥырда, бу үлэҕэ муниципальнай тэриллиилэр бастакы уочарат ылсыахтаахтарын бэлиэтээтэ.
Өскөтүн бу кэнники сылларга Егор Борисов Саха сирин сайдыытын түөрт хайысхаҕа (Арктика, тыа сирэ, промышленнай оройуоннар, Дьокуускай куорат) арааран сайдыы торумун ыйбыт, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга үлэни тэрийтэрбит, уопсастыбаннас уонна былаас бииргэ үлэлээһиннэригэр болҕомтотун хатаабыт буоллаҕына, быйылгы Анал этиитигэр олохтоох оҥорон таһаарыыга, салайар үлэҕэ саҥа ньыманы киллэриигэ, исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ туһаайыытын эттэ. Ол курдук, эһиилгиттэн өрөспүүбүлүкэ салалтата бырайыагынан үлэҕэ киирэринэн, исписэлиистэр үлэлэрин саҥалыы тэриниэхтэр. Бу маннык саҥа хайысхата өрөспүүбүлүкэ эрэ таһымыгар буолбакка, муниципальнай тэриллиилэргэ эмиэ тарҕаныаҕа. Онон кэлэр сылтан салайар үлэҕэ улахан уларыйыы буолаары турар.
Олохтоох оҥорон таһаарыы туһунан суруйуом иннинэ, Егор Афанасьевич бүддьүөккэ сыһыаран тугу эппитин кылгастык ахтан аһарыым. Санатан эттэххэ, бүгүн Ил Түмэн сессиятыгар депутаттар кэлэр сыллааҕы үбүлээһин сокуонун барылын бастакы ааҕыытын көрбүттэрэ. Манна даҕатан, Егор Афанасьевич Саха сиригэр үлэлиир улахан хампаанньалар эһиил нолуогу киллэриилэрэ 2 % элбиэҕин сабаҕалаан туран, дохуоттаах чааһы 3 млрд солк. улаатыннарарга этии киллэрдэ. «Социальнай бэлиитикэҕэ эһиил 27,5 млрд солк. барыаҕа. Ити бүддьүөппүт 17 % ылар. Хамнаска диэн 68 млрд солк. көрөн олоробут (бүддьүөт 42 % ылар). Эйгэлэринэн ылан көрдөххө, үөрэххэ бүддьүөт – 23 %, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа – 15 %, тыа хаһаайыстыбатыгар – 6 % уонна доруобуйа харыстабылыгар 5,6 % ороскуоттаныаҕа», — диэн иһитиннэрэр Егор Афанасьевич. Уонна хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэргэ туһаайан хамнаһы хайаатар да кэмигэр төлүүрү модьуйда. Үп-харчы боппуруоһун түмүктүүрүгэр бүддьүөтү көдьүүстээхтик туһаныы бэбиэскэттэн түспэтин бэлиэтээтэ. Ити аата куру ыга тардыныы салгыы да салҕанар.
«Өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэ оҥорон таһаарыыбытын инники күөҥҥэ таһаарарбыт уолдьаста. Саха сирин бородууксуйаларын бренд оҥостуохпутун наада. Бастатан туран, алмааһы кырыылааһыны, ювелирнай эйгэбитин таһаарыаҕыҥ. Ону сэргэ ойуур комплексын, тутуу матырыйаалын, таҥаһы-сабы тигиини, тыа хаһаайыстыбаларын бородууксуйаларын, информационнай технология эйгэлэрин көрүөҕүҥ», — диэн иһитиннэрэн туран, Ил Дархан дьарыктаах буолууга, дьоҕус, орто бизнескэ саалаҕа олорор дьон болҕомтотун хатаата уонна: «Нэһилиэнньэ үлэлээх уонна дохуоттаах буолуутун хааччыйарга олохтоох оҥорон таһаарыыны өрө тутарбыт улахан суолталаах», — диэн бу боппуруоска түмүк санаатын эттэ. Ити арааһа ордук баһылыктарга туһаайылынна.
Маны сэргэ Ил Дархан дьиэ-уот тутуутугар, тыа хаһаайыстыбатыгар, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга, элбэх оҕолоох ыалларга көмөҕө, о.д.а. эйгэлэргэ санааларын эттэ. Түөлбэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, ДОСААФ, култуура, арыгы атыылааһын боппуруостарын эмиэ таарыйан ылла. Анал этиитин түмүгэр өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтээһиҥҥэ, 2030 с. диэри сайдыыбыт тосхолун ыйыахтаах Стратегияҕа болҕомтотун хатаата.
Аграфена Кузьмина