Ил Дархан «Россия 24» ханаалынан ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан кэпсээтэ
Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» телеханаалга быһа эфир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан кэпсээтэ.
edersaas.ru
Айсен Николаев кэпсээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ хоту улуустарыгар, ол иһигэр Дьааҥыга, Аллараа Халымаҕа уонна Орто Халымаҕа балаһыанньа уустук. Ол гынан баран нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 43 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ.
Нэһилиэнньэлээх пууннартан 10 км тэйиччи сиринэн 18 ойуур баһаара туран, билигин бары күүһү балары умулларыыга ууруллар.
Саха сиригэр ойуур 255 мөл. га сиринэн тайаан сытар. Анал техниканы илдьии боппуруоһа ыарахаттардаах. Онон федеральнай үбүлээһин кээмэйэ үрдүүрэ наада.
«Билигин итии күннэр тураллар. Нэдиэлэ бүтүүтэ халлаан туруга уларыйарын сабаҕалыыллар. Ардах түстэҕинэ ойуур баһаардарын умулларыыга төһүү күүһүнэн буолуон сөп», — диэн Айсен Николаев түмүктээтэ.
edersaas.ru