Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо!
Муус устар 27 күнэ биһиги халандаарбытыгар уһулуччу суолтаны ылар. Бу Сахабыт сирэ судаарыстыбаннас ылыммыт кэрэ-бэлиэ күнэ. Лоп курдук 97 сыл анараа өттүгэр ССРС Киин толорор кэмитиэтин Бүтүн Союзтааҕы президиума Саха Автономнай Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэни тэрийэр туһунан бэртээхэй декрети таһаарбыта. Оттон 1992 сыллаахха, ити түгэнтэн номнуо 70 сыл ааспытын кэнниттэн, Саха сирэ Арассыыйа Федерациятын субъега буоларын быһаарар өрөспүүбүлүкэ саҥа конституцията олоххо киирбитэ.
Бүгүн Саха сирэ – Арассыыйа Федерациятын биир үрдүк тэтимнээхтик сайдар субъега. Ааспыт сылларга өрөспүүбүлүкэ бигэ туруктаах буоларыгар, иннин диэки киэҥник хардыылаан, олох-дьаһах өттүнэн күүскэ сайдарыгар, үөрэххэ, наукаҕа, доруобуйа харыстабылыгар уонна да атын салааларга үрдүк чыпчааллары дабайарга сүҥкэннээх үлэ ыытылынна.
Ити барыта Сахабыт сирэ бөҕө-таҕа акылааттаах буолан кыаллынна, сатанна. Ону уурбут-туппут дьоммутунан – өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит, сахабыт норуотун улуу уолаттара Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай уо.д.а. буолаллар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сирин-уотун баайынан, ураты кэрэ айылҕатынан, технологияҕа уонна наукаҕа үрдүк ситиһиилэринэн аатырар. Ол гынан баран Сахабыт сирин саамай сүрүн баайа – ураты талааннаах, туруу үлэһит, үтүө майгылаах дьоно-сэргэтэ буолар. Сахам дьоно, эһигикүннээҕи үлэҕитинэн-хамнаскытынан өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду бүгүҥҥүтүн уонна инникитин айаҕыт-тутаҕыт, кэскиллээхаартыктары арыйаҕыт.
Биһиги элбэх омуктаах норуоппут бастыҥ үгэстэригэр тирэҕирэн, эйэнэн уонна биир санаанан, сайдыы билиҥҥи көдьүүстээх суолларын туһанан иннибитигэр турар бары соруктары толоруохпут уонна Сахабыт сиригэр инникитин үтүө-байылыат олоҕу хааччыйыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин!
Күндү биир дойдулаахтарым!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттануонна тус бэйэм бу бэртээхэй бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэнэҕэрдэлиибин! Барыгытыгар үтүөнү, сырдыгы уонна төрөөбүт Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар саҥа ситиһиилэри баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана А.С. Николаев