Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа сибээһин кэмигэр үгүс дьон парикмахерскайдар хаһааҥҥыттан үлэлиэхтэрин туоһуласта.
Маныаха Айсен Николаев: “Парикмахерскайдар боппуруостарын билигин үөрэтэ сылдьабыт. Ол иһигэр атын эрэгийиэннэр уопуттарын эмиэ. Арааһа, парикмахерскайдар үлэлииллэрин көҥүллүүрбүт буолуо. Ол эрээри, барыллаан төлөпүөнүнэн эрдэттэн сурутар түгэннэригэр”, — диэн хоруйдаата.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Хаартыска: Academybeauty
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1