Ил Дархан ойуурга сэрэхтээхтик сылдьарга ыҥырда

Бөлөххө киир:

“Быйыл ойуур баһаарын сэрэтиигэ, умуруорууга федеральнай киин өттүттэн хаһааҥҥытааҕар да улахан көмөнү ыллыбыт. Ол эрээри олорон хааларбыт сатаммат, манна эрдэттэн үлэни биир ситимниэхпитин наада”, – диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү быһа эпиирин кэмигэр.

Айсен Николаев бэлиэтииринэн, билигин өрөспүүбүлүкэ ойуур баһаарын сэрэтиигэ оборудование, тиэхиньикэ, исписэлиистэри бэлэмнээһин өттүнэн бэлэм олорор.

– Ыаллыы олорор эрэгийиэннэрбитигэр улахан баһаардар барбыттарын көрө-истэ олороҕут. Бу чааһыгар биһиэхэ улахан баһаар суох. Ол эрээри биһиги тохтоон олорон биэрэрбит табыллыбат. Улуус баһылыктарын кытары көрсүһүүбэр бу туһунан эмиэ этэн турабын. Нэһилиэккэ кыра да уот кыыма таҕыстаҕына тута умуруоруллан иһиэхтээх. Билигин барар баһаардар үксүгэр киһи дьалаҕай сыһыаныттан тахсаллар. Онон айылҕаҕа сылдьарга бука диэн сэрэхтээх буолуҥ, уоккутун көрүҥ, туох баар быраабыланы барытын тутуһуҥ – диэн иһитиннэрэр кини.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мунньаҕар ойуур баһаарын сэрэтиигэ былыты хомуйан аҕалан самыыры түһэрэр анал сөмөлүөттэр Саха сиригэр хайаатар да наадаларын туруорсан турар. Бу күннэргэ Дьокуускайга “ЯК-42” сөмөлүөт көтөн кэллэ. Бу сөмөлүөт бэс ыйыгар диэри үлэлиэҕэ. Онтон салгыы “Ан-30” сөмөлүөт кинини солбуйуоҕа.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0