Ил Дархан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа балаҕан ыйын үһүс өрөбүлүгэр ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн балаҕан ыйын 19 күнүгэр түбэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана  Айсен Николаев  ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн инстаграмҥа баар тус страницатыгар суруйда.

— Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатыгар идэлэригэр бэриниилээх, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Быйыл сайын Саха сирин бүттүүнэ ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэлээтэ. Уоту умуруорууга парашютистар,  ойуур иниспиэктэрдэрэ уо.д.а. салаа үлэһиттэрэ бары күүстэрин ууран үлэлээтилэр.  Кинилэр эр санааларын уонна дьоруойдуу быһыыларын көмөтүнэн уопсайа  3,1 мөл.  га  иэннээх сиргэ турбут 528 ойуур баһаарын умуруордулар, бу көрдөрүү 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 21 төгүл улахан. Өрөспүүбүлүкэ  олохтоохторун ааттарыттан улахан махталбын тириэрдэбин, — диэн Айсен Николаев суруйда.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0