Ил Дархан оҕолорго кинигэ аахта

28.05.2019
Бөлөххө киир:

Быйылгыттан “Кинигэ күүһэ” диэн аахсыйа саҕаланна. Бу аахсыйа оҕолору ааҕарга үөрэтэр, ааҕыы туһатын өйдөтөр,  бибилэтиэкэ суолтатын уопсастыба атын өттүттэн көрөрүгэр туһулуур соруктаах. Бэҕэһээ, Бибилэтиэкэ күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 400-чэ бибилэтиэкэҕэ биллэр-көстөр дьон  сөбүлүүр кинигэлэрин ааҕан оҕолорго иһитиннэрдилэр. Ил Дархан Айсен Николаев бу аахсыйаҕа кыттыһан, саҥа тутуллубут “СМАРТ” бибилэтиэкэҕэ оҕолору кытта көрсөн, А. Сент-Экзюпери “Маленький принц” кинигэтин дорҕоонноохтук аахта, кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.

edersaas.ru

Ил Дарханы кытта көрсөр чиэс В.Ларионов аатынан Физическэй-техническэй лицейгэ “Бастыҥ кылаас” аатын ылбыт 8-с “а” кылаас оҕолоругар тигистэ. Оҕолор бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр, толкуйдатар ис хоһоонноох, бэртээхэй ыйытыылары биэрдилэр. Кинилэр Айсен Николаевы киһи быһыытынан, атын өттүттэн арыйдылар, чиэһинэй, көнөтүнэн уонна толору хоруйдары истэн, астыннылар. Бу көрсүһүү кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубат түгэн буолан хаалара, элбэҕи толкуйдатара, инники олохторугар туһалыыра саарбаҕа суох.

Айсен Сергеевич саамай сөбүлүүр кинигэтинэн М. Булгаков “Мастер и Маргарита” айымньытын ааттаата. Кини документальнай, публицистическай кинигэлэри эрэ буолбакка, уус-уран литератураны ааҕыы киһини Киһи быһыытынан сайыннарарын, дууһаны байытарын ыйда. Ол иһин, төһө да солото суох буоллар, кинигэни элбэхтик ааҕарын кэпсээтэ. Сүрүннээн историческай, фантастическай литератураны сөбүлүүр, бириэмэ оруннаҕына, классиканы ааҕар эбит. Холобур, Толкиен “Кольцо Всевластия” (“Властелин колец”) диэн арамаанын 90-с сылларга устудьуоннуу сылдьан, нууччалыы саҥа тылбаастанан тахсыбытыгар аахпыт. Ол саҕана үс томнаах биир кинигэтэ устудьуон икки ыйдаах истипиэндьийэтигэр тэҥнэһэрэ үһү.

“Саха литературатыттан “Улуу Кудаҥса” мин өйбөр-санаабар ураты суолу хаалларбыта. Уус-уран литература киһиэхэ суолтата улахан. Ити кэнники “Тойон Кыыл, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” диэн киинэлэр тоҕо аан дойдуга аатырдылар, оччолооҕу көрбүт омук дьонун долгуттулар? Тоҕо диэтэр, бу киинэлэр биһиги классиктарбыт бэртээхэй айымньыларынан уһуллубуттара”,- диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

— Айсен Сергеевич, оҕолору хайдах ааҕарга үөрэтэбит?

Бэйэ эрэ холобурунан. Төрөппүт бэйэтэ аахпат, дьиэ кэргэҥҥэ кинигэни ырытыһыы, дорҕоонноохтук ааҕыы тэриллибэт буоллаҕына, оҕо тоҕо ааҕыай? Мин оҕолорбор киэһэ ахсын “Мауглины”, “Аладдины”, о.д.а. сүүстэн тахсата хатылаан аахпытым буолуо. Кыыһым нойосуус билэр эрээри, салҕыбакка, хат аахтарара.

Утуйаргар төһө бириэмэ ордоруй?

Мин урут да уһуннук утуйбат этим. Билигин 5-6 чаас утуйдахпына, миэхэ сөп, уубун ханабын.

Оттон үлэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин хайдах дьүөрэлиигин?

Дьэ, ол кытаатан турар. Үксүгэр оҕолорум сарсыарда утуйа сыттахтарына барабын, киэһэ утуйа сыттахтарына кэлэбин. Ол иһин бииргэ буоларбыт, алтыһарбыт аҕыйаан турар. Ол гынан баран, үрдүк сыал туруорулуннаҕына, киһи өйдөөн-санаан туран, тугун эрэ сиэртибэлиир буоллаҕа. Кинилэр ону өйдүүллэр.

Ыччат көмпүүтэринэн оонньууга ылларыытын туох дии саныыгын?

Эдэр сылдьан, мин бэйэм да оонньуур этим. Билигин да, бириэмэлээҕим буоллар, оонньуох этим (күлэр). Мин итиннэ бөлүһүөктүү сыһыаннаһабын. Ол эбэтэр тутулукка киирбэккэ эрэ, аралдьыйа таарыйа оонньуохха сөп. Сорохторго көмпүүтэринэн оонньуу олохторун суолтата буолан хаалар, ол — күүстээх тутулукка киирии, уйулҕа ыарыыта. Туохха барытыгар ортотун булуохха наада дии саныыбын.

Ханнык муусуканы сөбүлээн истэҕин?

— Рок муусуканы сөбүлүүбүн: “Кино”, “Чолбон” бөлөхтөрү…

Ханнык спорт көрүҥүнэн дьарыктанаҕын?

Спорду көрөрбүн сөбүлүүбүн диэххэ. Хоккейы интэриэһиргиибин. Кыратык сүүрэбин. Урут хайыһарынан, туризмынан дьарыктаммытым.

Оскуолаҕа ханнык биридимиэти сөбүлүүр этигиний?

Ханныгы сөбүлээбэт этигиний диэн ыйытыы тоҕоостоох буолуо, арааһа. Оскуолаҕа олус чэпчэкитик үөрэммитим. Физиканы, математиканы, историяны олус сөбүлүүрүм. Арай, черчениены сөбүлээбэт этим.

Түмүккэ, Айсен Николаев:Бу кэлэр кэм бибилэтиэкэтигэр кэлэн олоробут. Хааччыллыытынан Уһук Илиҥҥэ бастыҥ бибилэтиэкэ буолуоҕа. Цифровой үйэ оҕолоро ону сөбүлүөхтэрэ дии саныыбын. Бу барыта кинилэр ааҕыы суолтатын өйдөөн, сайдыылаах, үөрэхтээх дьон буолалларыгар туһуланар. Аан бастаан, бу иннинэ, оҕолорго анаан бастыҥ тутуулар: Аныгы искусство дыбарыаһа, искусство оскуолата уонна оҕо бибилэтиэкэтэ тутуллуохтаахтар диэн быһаарбыппыт. Онон үүнэр көлүөнэ сайдарыгар бары усулуобуйаны оҥоруохтаахпыт”, — диэн эттэ.

Кини оҕолорго туһаайан: “Кыһаллан, үчүгэйдик үөрэниҥ диэн баҕарыах этим да, Физическэй-техническэй лицейгэ үчүгэйтэн атыннык үөрэммэккит биллэр. Онон үчүгэй дьон буола улаатыҥ, олоххутугар сыаллаах-соруктаах буолуҥ, дьоҥҥо-норуокка туһаны аҕалыҥ,” — диэн баҕарда.

Оҕолор санаалара

Карина Белолюбская:

— Биһиги “Бастыҥ кылаас” буоларга, сылы быһа үөрэхпитигэр кыһаллан, олимпиадаларга, күрэхтэһиилэргэ кыттыбыппыт, бырайыактары, кэнсиэртэри тэрийбиппит. Ол иһин, наҕараада курдук, бу көрсүһүүгэ ыыппыттара. Мин ордук “оҕо эрдэҕинээҕи майгыгытын, баҕаҕытын, ыраас санааҕытын үйэҕит тухары илдьэ сылдьыҥ” диэн сүбэтин чугастык ылынным.

Дария Маймага:

— Бу көрсүһүүгэ кэлэрбэр олус долгуйбутум. Ил Дархан Айсен Сергеевич олус элбэҕи аахпыт, өйдөөх баҕайы киһи эбит. Ол иһин да элбэҕи ситистэҕэ. Сатаан сааһылаан саҥарарын сөбүлээтим. Киниттэн мин: «Эн олоххор ханнык кинигэ саамай улахан сабыдыаллаах этэй?» -диэн ыйыппытым. Онуоха “Мастер и Маргарита” диэн эппиэттээтэ. Ол гынан баран, оскуолаҕа буолбакка, устудьуоннуу сылдьан аахтахха, ис хоһоонун дириҥник өйдүөххүт диэн сүбэлээтэ.

Ыспыраапка

Дьокуускай куоракка 17 публичнай бибилэтиэкэ баар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 502 бибилэтиэкэ үлэлиир. Бу мантан 400-чэ бибилэтиэкэҕэ аахсыйа ыытылынна. 

“Кинигэ күүһэ” диэн бибилэтиэкэ ситимин бастакы аахсыйатын Национальнай бибилэтиэкэ эдэр үлэһиттэрэ толкуйдаан, олоххо киллэрдилэр. Маны Национальнай бибилэтиэкэ салалтата, куорат бибилэтиэкэлэрин ситимэ уонна култуура министиэристибэтэ өйөөн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник ыытылынна. Бибилэтиэкэ күнүгэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри былаас, салалта үлэһиттэрэ оҕолорго сөбүлүүр айымньыларыттан быһа тардан, ааҕан иһитиннэрдилэр. Аахсыйаны салгыы Сахалиҥҥа ыыттылар. Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Галина Кутугутова этэринэн, “Кинигэ күүһэ” аахсыйа оҕолору ааҕарга көҕүлүүр. Биллэр-көстөр, ытыктанар дьон ааҕыы киһи олоҕор улахан суолталааҕын быһааран биэрэллэрэ, аһаҕастык кэпсэтэллэрэ үүнэр көлүөнэҕэ туһалаах буолара саарбахтаммат.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Андрей Сорокин түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0