Ил Дархан: “Оҕолорбут билим уонна инженернэй идэлэри талаллара суолталаах”
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай Мунньаҕар Анал этиитинэн тахсарыгар, бары салаалары сэргэ үөрэххэ балачча тохтоон ааста. Быйыл төһө даҕаны уустуктар баалларын иһин, 10 оскуола, 9 уһуйаан тутуллан үлэҕэ киирбитин иһитиннэрдэ.
Эһиил 12-тэн итэҕэһэ суох оскуола уонна 15 оҕо саада тутуллара былааннанарын эттэ. Инфраструктура – үөрэх саҥа эйгэтин олохсутарга бааза эрэ буоларын ыйда. “Оҕолорбут кыра саастарыттан билиминэн, технологиянан умсугуйаллара, иҥэн-тоҥон уонна уратытык толкуйдуу, хамаанданан үлэлии үөрэнэллэрэ суолталаах. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик сайдалларыгар уонна толкуйдарын олоххо киллэрэллэригэр билим уонна инженернэй идэлэри куттаммакка талаллара суолталаах” – диэн эттэ.
Итиэннэ быйыл Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола аһыллыбытын, сотору СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын саҥа куорпуһа үлэлэҕэ киириэҕин, “Хотугу сулус” оҕо сынньанар уонна доруобуйатын бөҕөргөтөр киин тутулла турарын санатта. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, куораттарыгар оҕо технопааркалара, ИТ-кииннэр уонна даҕаны оҕону сайыннарар атын инновационнай кииннэр тутуллалларын иһитиннэрдэ, бу өйдөөх, талааннаах аҕыйах эрэ оҕоҕо анамматын чорботон бэлиэтээтэ. Онон сибээстээн: “СӨ Бырабыыталыстыбата оҕо эрдэ уонна бары өттүнэн сайдыытын биир кэлим экосистиэмэтин олохсутар комплекснай миэрэлэри ылынара ирдэнэр. Маннык экосистиэмэ сүрүн бириинсибэ – үөрэх бары инновационнай кыаҕын Саха сирин хас биирдии оҕотугар тиэрдии. Маныаха сүрүннүүр оруолу, хара ааныттан толкуйдаммыт эбээһинэһигэр төннөн, СӨ Үүнэр көлүөнэтин фондата ылыаҕа” — диэн эттэ. Уонна эһиил СӨ Бырабыыталыстыбата, Үүнэр көлүөнэ пуондата сайыннарыы институттарын сыһыаран, Дьокуускай куоракка үүнэр көлүөнэ пааркатын тутууну саҕалыылларыгар сорудахтаата.
Ону тэҥэ, 2022 сылга ыытыллыахтаах Норуоттар икки арыдалырынааҕы интеллектуальнай оонньууларга, Саха сирин үгүс оҕотун хабан, бэлэмнэниини саҕалыахха наадатын эттэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).