Ил Дархан Нерюнгрига үлэлиир

Бөлөххө киир:

Тохсунньу 27-28 күннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев «Транснефть «-Восток» ХЭТ Өлүөхүмэ уонна Таатта оройуоннарыгар анал тиэхиньикэҕэ сертификаттары туттарыытын сиэригэр-туомугар кытынна. Маны таһынан, «Комар», «Мечел» промышленнай хампаанньалары кытта мунньах тэрийиэхтээх, оройуон балыыһатыгар сылдьыахтаах, блогердары кытта көрсүөхтээх. 

«Транснефть Восток» тэрилтэни кытта көрсүһүүгэ Ил Дархан «уон эрэ сыл иһигэр Саха сирин уонна Уһук Илин экэниэмикэтин хамсатар сүрүн салаа баар буолла» диэн бэлиэтээтэ. Ньиэп промышленнаһа балысханнык сайда турарын, сүрүн тосхолунан «ВСТО» турба буоларын, Саха сиринэн 1,4 тыһ. км ньиэп турбата ааһарын тоһоҕолоото.

«Транснефть» хампаанньа салалтатыгар махтанна уонна экологическэй ирдэбиллэри толороллорун бэлиэтээтэ.

Хампаанньа уу халааныттан эмсэҕэлээбит Таатта уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 12,3 мөл.солк. таһаҕаһы тиэйэр систиэринэни, УАЗ массыынаны, ДТ-75 тыраахтары, устар ааллары, мотуордары атыылаһан бэлэхтээтэ.

«Транснефть» хампаанньа Саха сиригэр үлэлиэҕиттэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 42 млрд солк. киллэрбит.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0