Федеральнай дьаһаллары өрөспүүбүлүкэ таһымыгар
Муус устар 11 күнэ. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа кириисиһи утары экэниэмикэ туруктаах буоларыгар туһуламмыт федеральнай таһымҥа ылыныллыбыт дьаһаллары өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрэ охсорго сорудахтаата. Экэниэмикэ, инвестиция, үп-харчы, наука, үөрэхтээһин боппуруостарыгар туһааннаах хамыыһыйаларын кытта ыкса үлэлэһэргэ дьаһайда. Судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөрү анал портал нөҥүө оҥорууга үлэ күүһүрүөхтээх.
Маны сэргэ Ил Дархан тутууга киирбит уларыйыыларга тохтоото. Тутуу бырайыагын судаарыстыбаннай чинчийиитин бэрээдэгэ судургутуйбут. Тутааччы тэрилтэ тутуу матырыйаалын былааннаммытыттан хаачыстыбатыгар эппиэттэһэр атын матырыйаалынан солбуйбут буоллаҕына, эспэртиисэтин босхо ыытар кыахтанна.
Хомунаалынай өҥө хааччахтаныа суохтаах
Муус устар 11 күнэ. Айсен Николаев урбааны сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕар хомунаалынай өҥөлөрүгэр иэстээх урбаанньыттарга итиини, уоту, ууну биэриини хаччахтааһыны тохтоторго, итиэннэ иэстэрин өлүүлээн төлөһөллөрүгэр кыах биэрэргэ туһааннаах биэдэмистибэлэргэ сорудахтаата.
Маны тэҥэ от ыйын 1 күнүгэр диэри Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ муниципальнай тэриллиилэри кытары социальнай суолталаах ас-үөл испииһэгин хаттаан көрүөҕэ. Маннык табаардарга атыы надбавкатын муҥутуур кээмэйэ быһыллар. Кэлиҥҥи икки сылтан бэттэх испииһэк кэҥээбитэ, оҕуруот аһа уонна фрукта киирбитэ. Ил Дархан билиҥҥи балаһыанньаҕа сүрүннүүр сэбиэт муниципальнай тэриллиилэри кытта быһаччы үлэлиэхтээҕин, урбаанньыттар кыһалҕаларын быһаарыыга үлэтин күүһүрдүөхтээҕин туһунан эттэ.
Космонавтика күнүгэр саҥа үөрэх кыһата
Муус устар 12 күнэ. Хаҥалас улууһун Чапаев сэлиэнньэтигэр Наука аччыгый академиятын үс этээстээх 150 миэстэлээх үөрэтэр-лабораторнай куорпуһа уонна 100 миэстэлээх интэринээтэ үлэҕэ киирдэ. Айсен Николаев баараҕай аныгы оборудованиенан уонна тиэхиньикэнэн хааччыллыбыт тутуу үлэҕэ киирбитинэн «Роснефть» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Игорь Сечиҥҥэ махтанна. Хампаанньа тутууга 1 млрд солк. үбүлээтэ. Манна Саха сирин бары улуустарыттан оҕолор дьоҕурдарын сайыннарыахтара, билиилэрин хаҥатыахтара, наукаҕа хардыыларын оҥоруохтара. Ил Дархан Саха сириттэн бастакы космонавт бу үөрэх кыһатыттан үөрэнэн тахсыаҕа диэн эрэлин биллэрдэ.
Үөрүүлээх түгэнинэн уонна Космонавтика күнүнэн Арассыыйа Дьоруойа, космонавт Олег Кононенко видеосибээс нөҥүө эҕэрдэлээтэ уонна Саха сирин кытта ыкса доҕордуу ситимнээҕин бэлиэтээтэ. Кини хамандыырдаах экипаһы 2019 cыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр куосумастан сиргэ түһэрбит «Союз МС-11» аппарааты оҕолорго бэлэхтээбитин, саҥа куорпус аттыгар аҕалан туруордулар.
Намныыр суол өрөмүөнэ икки сылынан бүтүөҕэ
Муус устар 12 күнэ. Намныыр суолу саҥардыы 2024 сылга түмүктэниэҕэ. Быйыл 11-18 км учаастак өрөмүөннэниэҕэ. Маннык соругу Айсен Николаев СӨ массыына суолларын управлениетын салайааччытыгар Семен Филипповка туруорда.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн сыллата үлэ кээмэйэ улаатар, былааны аһары толороллор. 2019 сылга 122,9 км суол оҥоһуллубут, 2020 сылга – 210 км, 2021 сылга – 232 км.
2022 сылга барыта 500 км итэҕэһэ суох, ол иһигэр национальнай бырайыагынан 240 км кэриҥэ, суолу оҥорорго былаанныыллар. Росавтодоры кытта үлэлэһэн 6 млрд 370 мөл. солк үп тардыллыбыт. Билигин эбии
1 млрд 455 мөл. солк. буларга үлэлэһэллэр. Айсен Николаев салгыы эбии федеральнай үбү тардан, «Умнас» суол 11-20 км уонна 20-28 км учаастактарын, «Амма», Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар суолу салгыы оҥорорго сорудахтаата.
Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сокуон тахсыаҕа
Муус устар 13 күнэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика сайдыытыгар мунньах ыытта. Инники күөҥҥэ дьон-сэргэ доруобуйата, куттала суох буолуута, куораттар уонна бөһүөлэктэр олохторун-дьаһахтарын хааччыйыы турар диэн бэлиэтээтэ. Арҕааҥҥы дойдулар хааччахтарын кэмигэр бары хайысхаҕа үлэ тэтимириэхтээх диэн эттэ. Хоту таһаҕаһы тиэрдии сезона саҕаланарынан, туһааннаах биэдэмистибэлэри дьаһаллары түргэнник ылынан, толороллоругар сорудахтаата. Бырабыыталыстыбаҕа, Арктика эрэгийиэннэрин салайааччыларыгар былааннаммыт бары социальнай эбийиэктэри кэмигэр тутууну хонтуруоллуурга дьаһайда. Онтон Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ анал федеральнай сокуон ылыллыаҕа. Сокуоҥҥа ханнык таһаҕаһы ханан, хаһан тиэйэр чуолкайданыаҕа. Хотугу муора суолун бассейнын өрүстэринэн саҥа тырааныспар көрүдүөрдэрин тобулуохтара уонна баар суоллары саҥардыахтара.
Муус устар 13 күнэ. Айсен Николаев кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри сүрүн бородууктаны, табаары тиэйиини тэтимирдэргэ, өрүс уонна Хотугу муора суолларынан таһаҕаһы тиэрдиигэ бэлэми күүһүрдэргэ суһал ыстаапка сорудахтаата. Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйиигэ федеральнай киин өйөбүлү оҥорор, онно ыкса үлэлэһэргэ ыйда.
Муус устар 15 күнэ. Арассыыйа баанын сүрүн ыстаапката үрдээбитинэн хоту таһаҕас тиэйээччилэргэ кирэдьииккэ бырыһыаннарын ыстаапкатын сороҕун толуйуу боппуруоһун хонтуруолга тутарга эттэ. Бырабыыталыстыбаҕа уонна туһааннаах министиэристибэлэргэ ньиэп сыаната үрдээһининигэр кэмпэнсээссийэ боппуруоһугар ыытар үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата.
«Якутоптторг» АУо-ҕа «өрүс-муора» кылаастаах 2 тыһ. туонна уйуктаах уу аалын атыылаһарга бырабыыталыстыба эрэсиэрбинэй пуондатыттан үбү биэрии боппуруоһун быһаарарга дьаһайда.
Успуорт
Муус устар 13 күнэ. Айсен Николаев физкултуура уонна успуорт сэбиэтин мунньаҕар дьон дьарыктанарыгар усулуобуйаны тэрийиигэ тохтоото. Элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу бырайыагар таһырдьа успуорт былаһааккалара, тренажердардаах сир уонна дьиэ иһигэр успуорт саалатыгар анаан миэстэ киириэхтээх диэтэ. Туһааннаах тэрилинэн хааччыллыыга тутааччылары, атын тэрилтэлэри, урбаанньыттары кытта үлэлэһэргэ эттэ. Нэһилиэнньэлээх пууннарга баар үөрэх тэрилтэлэрин успуорт саалалара дьон дьарыктанарыгар хааччаҕа суох буолуохтааҕын ыйда. Ил Дархан 2030 сылга диэри оҕо успуордун сайдыытын бырагырааматын сыл бастакы аҥаарыгар оҥорон, олоххо киллэрэргэ сорудахтаата. Онуоха оскуолаҕа физкултуура уруогун чааһын элбэтиэхтэрэ.
Муус устар 14 күнэ. Художественнай гимнастикаҕа Уһук Илиҥҥэ Арассыыйа үөрэнээччилэрин XI сайыҥҥы Спартакиадатын иккис түһүмэҕэр Дьокуускайга 9 хамаанда кытынна. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ кэскиллээх успуорт көрүҥэр маннык таһымнаах күрэхтэһии бастаан ыытылларын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр бэрт соторутааҕыта сиэксийэлэр аһыллыбыттара. Билигин номнуо тыһыынча кэриҥэ оҕо дьарыктанар.
Амма харыстанар ойуура кэрдиллибэт
Муус устар 15 күнэ. Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ таҕыста. Ил Дархан Амма өрүс үөһэ өттүгэр ойууру кэрдии боппуруоһун бэйэм хонтуруолбар ыллым диэн эттэ. Өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин интэриэһин көмүскүөҕүм, Амма харыстанар ойуурун сирэ кэрдиллиэ суоҕа диэн бэлиэтээтэ.
Салгыы Ил Дархан Өлүөнэ муостатын тутуу бэбиэскэттэн түспэт диэн кэпсээтэ. Муус устарга муоста бырайыагын федеральнай судаарыстыбаннай эспэртиисэҕэ ыытыахтара.
Дьокуускайга саҥа Кардиологическай киин муус устар 29 күнүгэр аһыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ. Исписэлиистэри үс сыл устата бэлэмнээбиттэр. Аныгы оборудованиенан таҥыллыбыт киин дойдуга биир бастыҥ мэдиссиинэ тэрилтэтэ буолуоҕа.
«Халыма» федеральнай суол быйыл Чурапчыга диэри аспаалланыаҕа, 2025 сылга Ытык Күөлгэ тиийиэҕэ.
Тутуулар хонтуруолга
Муус устар 16 күнэ. Ил Дархан Бүлүүгэ Уһун сэлиэнньэҕэ 150 миэстэлээх оскуола уонна Күбэйиҥдэ сэлиэнньэтигэр 50 миэстэлээх оҕо уһуйаанын, итиэннэ Эдьигээҥҥэ Кыстатыам сэлиэнньэтигэр 60/30 миэстэлээх оскуола-уһуйаан тутууларыгар тахсыбыт кэһиини уталыппакка туораталларыгар соруйда. «Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы» федеральнай бырагырааманан тутуллар эбийиэктэргэ үлэ хаамыытын улуус баһылыктара ситэ хонтуруоллаабатахтарын бэлиэтээтэ. 2022 сылга бырагыраама чэрчитинэн саамай элбэх, 1,3 млрд солкуобайтан тахса үп Саха сиригэр көрүллүбүт. Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр 120 миэстэлээх оскуоланы тутуу саҕаланыаҕа. Улуустарга 13 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна үөрэх эйгэтигэр аҕыс тырааныспар атыылаһыллыаҕа. Сунтаар улууһун уулуссаларын сырдатыы үбүлэниэҕэ.
Афанасий Ноев,
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ.