Бу күннэргэ Мэҥэ Ханалас Маттатын олохтооҕо Альбина Андросова Ил Дархан Егор Борисов куукулатын оҥорбута социальнай ситимнэринэн тарҕанна. Оҥоһук ааптара Альбина АНДРОСОВАНЫ анаан булан, маннык кэпсэттим:
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
— Бу уустук оҥоһугу хайдах оҥордуҥ? Тоҕо чуолаан Ил Дарханы таллыҥ?
— Мин киһи сирэйин оҥорорго идэтийэн эрэбин. Биир киэһэ музам киирэн кэлбитэ. “Пластик-полимер-глина” диэн матырыйаалынан куукула оҥоруохпун баҕарбытым. Интернеккэ көрө олорон, Ил Дархан куукулатын көрө түспүтүм уонна “арай маннык оҥорон көрдөхпүнэ?” диэн толкуй киирбитэ. Бэйэбин да бэрэбиэркэлэнээри гыммытым – төһө сатыыр эбиппин диэн.
— Ол куукуланы үтүгүннэрэн ыллыҥ да?
— Суох. Бэйэм айбытым. Оҥорон көрө олордохпуна, иэйиим киирэн кэлбитэ. Дьиҥэр иискэ да, уруһуйга да, уустук соҕус хараахтырдаах киһи туга да табыллыбат ээ. Оттон Егор Афанасьевич уобараһа бэйэтинэн тахсан испитэ. Дьиҥэр ити үлэм ситэ оҥоһулла илик. Сахалыы таҥастаатым эрэ. Манна дэйбиирдээх, сахалыы курдаах, кыыннаах быһахтаах, быһата, саха эр киһитин таҥаһыгар бары ирдэбиллэри барытын тутуһан оҥоруохтаахпын. Батсаапка ситэтэ суох куукула эрдэ тарҕанан хаалла…
— Ол аата эн кимиэхэ эрэ көрдөрдөрдөҕүҥ дии?
— Батсаапка 200-тэн тахса киһилээх “Иис” диэн бөлөхтөөхпүн. Онно, нууччалыы эттэххэ, “пошагово” маастар кылаас биэрэбин. Куукула тиэмэтигэр кэпсэтии тахсыбытыгар ити үлэбин оҥорон эрэбин диэн билиһиннэрбитим тарҕанна.
Быйыл улууспутугар Уус сыла биллэриллибитэ. Олунньу 18 күнүгэр үгэс буолбут Култуура эстафетата ыытыллаары турар. Онно кимиэхэ да суох үлэбинэн тахсаары гыммытым.
— Сорох бөлөхтөргө: “Улахан салайааччыны куукула оҥорор төһө сиэрдээҕий?” – диэн ыйыталлар. Маныаха эн санааҥ.
— Ханнык баҕарар салайааччы, бастатан туран, норуотугар чугас буолуохтаах. Аҕа баһылыкпыт нөҥүө саха эр киһитин уобараһын айан таһаарыы – сиэрэ суох быһыы дии санаабаппын.
— Кырааскаҕын сөп түбэһиннэрбиккин аҕай дии? Туох кыраасканый?
— Көннөрү акриловай кырааска.
— Бэйэҥ туох идэлээххиний, Альбина?
— Нуучча тылын учууталабын. Куораттан Маттаҕа көһөн кэлбитим бэһис сыла. Ол иһин иллэҥ кэммэр айар үлэнэн дьарыктанабын. Үлэлэрим Маттаҕа буолар быыстапкларга турааччылар, нэһилиэкпиттэн тахса иликтэр. Бу Култуура эстафетатыгар нэһилиэгим чиэһин көмүскээн оҥордум. Бастакы куукулам – Чысхаан. Саҥа дьылга оҥорбутум. Арааһа, ол онтон иэйиим киирэн, куукулаҕа ылыстым быһыылаах.
— Альбина, биллиилээх дьон тиэмэтигэр ылсыыһыгын. Олус табыллыаҕа!
— Толкуйданыам. Куукула оҥорорбун бэйэм да сөбүлээтим.
… Ити курдук, “саха талааннаах дьоно тыа сиригэр олороллор”, —диэн мээнэҕэ этиллибэтин Альбина Андросова өссө төгүл бигэргэттэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Р.S. Бачыыҥката кытта туспа кутуллан оҥоһулунна: