СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр, «Саха» ГТРК биэриитигэр, «Быһа кэпсэтиигэ» тахсан ыйытыыларга хоруйдаата.
Дьон-сэргэ ордук улаханнык долгуйан ойуур баһаардарын, коронавирус туһунан ыйытыылары биэрдилэр.
Арассыыйаҕа Ковид-19 ыарыыны утары оҥоһуллубут «КовиВак» быһыы өрөспүүбүлүкэҕэ хаһан кэлиэҕин туһунан ыйытыы киирдэ.
Айсен Сергеевич маннык хоруйу биэрдэ:
—Чиэһинэйдик этэбин, хаһан кэлэрин билбэппин. «КовиВак» «Спутник» уонна «ЭпиВакКорона» кэнниттэн тахсыбыт үһүс вакцина. Билигин олус аҕыйах ахсааннаах оҥоһуллар. Балтараа-икки ый анараа өртүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 1200 устуука кэлбитэ. «КовиВагы» ыйытар дьон бааллар. Оҥоһуллан тахсара элбээтэҕинэ, биһиэхэ эмиэ кэлиэҕэ. Ити туһунан ыйыппыппар, суһал ыстаапка эппиттэринэн, сыл бүтүөр диэри 5-7 мөл. дуоза оҥоһуллуохтаах. Оччотугар өрөспүүбүлүкэҕэ уон тыһыынча кэлиэн сөп, — диэтэ.
Хаартыска: rg.ru