Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев видеокэмпириэнсийэ сибээһинэн Ил Түмэн XXII (уочарата суох) пленарнай мунньаҕар кыттар. Бу туһунан кини пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев иһитиннэрдэ.
Пленарнай мунньах кэмигэр норуот дьокутааттара бастакы ааҕыыга 2020 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт сокуонугар уларытыылары киллэрии итиэннэ иккис ааҕыыга 2021 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт сокуонун барылын көрүөхтэрэ.
Парламентарийдар СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн киирэр «О промышленной политике в РС (Я)», «О развитии малого и среднего предпринимательства в РС (Я)», «Об охране здоровья населения в РС (Я)», «О развитии сельского хозяйства в РС (Я)», «Об образовании в РС (Я)» сокуоннарга уларытыылары киллэрии боппуруостарын көрүөхтэрэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1