Ил Дархан Хомус күнүнэн эҕэрдэтэ

Ааптар: 
30.11.2023
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм  ааппыттан Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бу бырааһынньык бэрт соторутааҕыта олохтоммута диэххэ сөп – 1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр. Ити күн Дьокуускайга, атын сиргэ суох, судаарыстыбыннай түмэл — Аан дойду хомустарын Киинэ аһыллыбыта. Хомуһу тыаһатар 57 норуот үстүрүмүөннэрэ, барыта 2 тыһыынчаттан тахса эриэккэс хомус (варган) түмэлгэ мунньуллан сытар.

Биһиги дойдубут бастыҥ хомусчуттарын бэриниилээх үлэлэрин түмүгэр биһиги хомуспут Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, аан дойдуга биллэр, биһирэнэр. Саха сирин виртуоз хомусчуттарын үтүмэн элбэх киһи биһирээн истэр. Кинилэр туспа айылҕалаах айар үлэлэрэ элбэх дьон сүрэҕин сүүйбүтэ. Хомус тардааччылар кэнсиэртэрэ, күрэхтэрэ, бэстибээллэрэ сылтан сыл сайдан, улаатан иһэллэр, бу төрүт үгэстэри харыстыыр үлэҕэ олус улахан суолталаах миэстэни ылар.

Ол курдук, Саха АССР төрүттэмитэ 100 сылын бэлиэтээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күргүөм хомуска оонньооһун аахсыйатыгар хас да тыһыынча Саха сирин олохтоохторо кыттыыны ылбыттара. “Аан дойду виртуоз хомусчута” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх тэриллибитэ. Бу күрэх хомус саҥа муусукатын, биһиги көлүөнэ уһулуччулаах хомусчуттарын көрдөрбүтэ.

2024 сылтан Олоҥхо ыһыаҕар туспа “Хомус түһүлгэтэ” тэриллэр буолуоҕа.  Саха сиригэр хомусчуттары уонна хомус охсор тимир уустарын өйөөһүҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Саха хомуһун оҥорор уустар өбүгэ үстүрүмүөнүн кутун уһугуннарар кистэлэҥи баһыйбыт дьон. Хомуһу охсуу Саха сиригэр тимири уһаарыы туспа салаата буолар.

Бу дьикти оҥоһугу уһааран, аан дойдуга бэлэхтиир уустарга анаан Ил Дархан туспа стипендиялары аныыр.  Биһиги норуоппут маастара Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус оҥорбут хомуһун Арассыыйа Дьоруойа Олег Дмитриевич Кононенко космос куйаарыгар тыаһаппыта.

Оҕолорбут хомуска үчүгэйдик оонньууллара барыбытын үөрдэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хомуска оонньууллар, саҥа матыыптары таһаараллар. Ол иһин, хомус кэлэр көлүөнэ сахаларга тыаһыа диэн эрэллээхпит.  Үйэлэри курдаттаан хомус ыраас куолаһа саҥаттан саҥа көлүөнэргэ үгэспитин, устуоруйабытын тиэрдэр, ситимниир. Ол иһин бу норуот үстүрүмүөнүн Саха сиригэр таптыыбыт. Хомус бары өрөгөйдөөх түгэннэрбитигэр хомоҕой ырыатынан  алҕыыр, саҥаҕа угуйар.

Күндү доҕоттор! Тапталлаах Сахабыт сирин сайдыытын алҕаан, хомуспут тыаһа мэлдьи дьиэрэйдин!

Ил Дархан Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0