Ил Дархан федеральнай тэрилтэ салайааччыларын кытары көрүстэ
«Өрөспүүбүлүкэ ситиһиитэ аҥаардас муниципальнай уонна регионнааҕы эрэ былаастан тутулуктаах буолбатах. Манна биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир федеральнай структуралар эмиэ улахан өҥөлөөхтөр. Кинилэри кытары сөптөөх хайысханан үлэбит сүнньүн булунан сөҥнөһөн үлэлии-хамсыы сылдьабыт”, — диэн иһитиннэрэр Ил Дархан Егор Борисов бүгүн федеральнай тэрилтэлэр салайааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр.
Мунньах саҕаланыыта Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай туругун иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ ылыммыт бары социальнай эбэһээтэлистибэлэрин толорон, экономикаҕа инвестицияны киллэриитэ сылтан сыл элбээн иһэр, ону тэҥэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьиэ-уот тутулунна. Санатан эттэххэ, быйылгынан “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” федеральнай бырагыраама түмүктэннэ. Ол эрээри Саха сирэ уонна атын регионнар туруорсаннар, Владимир Путин бырагырааманы 2019 сылтан салгыы ыытарга эппитэ. Оттон Саха сирэ ити сылы кэтэспэккэ эрэ, эһиилгиттэн бэйэтин суотугар ыытыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу бырагырааманан барыта 11,3 тыһыынча кыбартыыраттан 28,8 тыһ. киһи көстө, 348 саҥа дьиэ тутулунна.
Ил Дархан хоруупсуйаны уодьуганныырга уонна быраабы көмүскээһиҥҥэ федеральнай структуралар көмөлөрө улаханын, судаарыстыбаннай өҥөлөрү биэрии хаачыстыбата сылын аайы тупсан иһэрин бэлиэтээтэ. “Сылын аайы социологическай ыйытык оҥоробут. Ол түмүгүнэн көрдөххө, кэлиҥҥи кэмҥэ олохтоохтор электроннай судаарыстыбаннай өҥөлөрүнэн хамаҕатык туһанар буолбуттар. Холобур, пааспары ылыы, бырапыыскаланыы, баайы-дуолу регистрациялааһын, о.д.а. өҥөлөр судургутуйбуттарын этэллэр. Ити, омос көрдөххө, бытархай курдук эрээри, дьон-сэргэ настарыанньатыгар улахан сабыдыаллаах”, — диэн этэр кини.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА хаартыскаҕа түһэриитэ.