Ил Дархан Айсен Николаев куоракка олорор 65 үөһээ саастаах дьон харантыын түмүктэниэр диэри дьиэлэригэр олороллоругар, куоракка барыыны-кэлиини тохтотоллоругар ыҥырбытын аҕа саастаах эрэ көлүөнэ буолбакка, эдэрчи дьон эмиэ сэргээтилэр.
Любовь Николаевна Татаринова эдэр эбээ, олоҕун орто омурҕанын саҥа ааста да буоллар, дьиэтиттэн тахсыбат. Кини уон оҕотуттан кыра кыыһыгар түөрт ыйдаах сиэнин көрсө кэлэн олорор. Күтүөтэ астарын, күннэтэ туттар тэриллэрин барытын атыылаһан аҕалар.
«Бу ыарахан ыарыыттан сэрэнэбит, харыстанабыт, онон кыра оҕолоох дьон куоракка киирбэппит-тахсыбаппыт, дьонноох сиргэ сылдьыбаппыт. Күтүөтүм мааскалаах сылдьарын ирдиибин. Аптекаҕа суох диэн олорбокко, доруобуйатын көрүнэр, оҕолорун туһугар кыһаллар киһи бэйэтэ да тиктиэн сөп», — диир кини.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru