Ааспыт сыл сүрүн киһитинэн күһүн норуот саҥа талбыт Ил Дархана Айсен Николаев буолара саарбахтаммат. Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын эбээһинэһин толоро киириэҕиттэн тутатына, кэтэмэҕэйдээбэккэ уларытыылары киллэрэн, саҥа сүүрээннэри саҕан, сайдыы суолугар киллэрэн барбыта. Ыам ыйтан үлэлээн кэлбит Ил Дархан кэмин туһунан туох санаалааҕын кэпсээтэ.
— Анал этиилэргэр – инвестиционнайга уонна Ил Түмэҥҥэ – салайааччылар тус эппиэтинэстэрин туһунан эппитиҥ. Киһи сорудахтаммыт бырайыагар кыайан үлэлээбэтэх буоллаҕына, хайдах гынаҕыт?
— Бастаан кинини сэрэтиэхпит. Өскөтүн бу кыһалҕа тиһиктээх уонна тустаах киһи үлэтин хаачыстыбатыттан тутулуктаах буоллаҕына, бу маннык салайааччыны кытта быраһаайдаһыахпыт.
— Эн санааҕар бу сиэрдээх дуо? Өскөтүн атын үлэлэрин үчүгэйдик толорбут буоллаҕына?
— Ити этэриҥ эппиэтинэстэн куоттарыы дэнэр, итиннэ киһи уон дьыалаҕа эппиэттиир: туох эрэ табыллар, туга эрэ кыайтарбат уонна биһиги этэбит: чэ, буоллун даҕаны, кинини хаалларыахпыт, муоста суоҕа диэн туох буолуой, ол оннугар мөлүйүөнүнэн квадратнай миэтэрэни туппут, кинини хаалларыаххайыҥ, кини үчүгэй тутааччы дии. Ол иһин бөдөҥ тирэх бырайыактарга тус эппиэтинэс баар буолуохтаах, мин санаабар. Бүгүн тохсунньу ортотугар диэри биир сылга бырабыыталыстыба чилиэннэригэр тус сорудахтар кэрискэлэрин оҥорорго сорудахтаатым – итилэр онно бырайыактары кытта иһитиннэриллиэхтэрэ.
— Өссө биир ыйытыы – АЛРОСА эбийиэктэригэр саахал туһунан. Хоромньуну толуйуу боппуруоһа хайдах быһаарыллыбытыттан астынаҕын дуо?
— Маннык балаһыанньаҕа ким да астынар кыаҕа суох, бу саахалтан бары эмсэҕэлээбиттэрэ. Биһиги хайдаҕын да иһин, өйдөһөр быһаарыыга кэлбиппит. Мин, дьиҥэ, Росприроднадзор сөҕүмэр ааҕыыларыгар хара ааныттан итэҕэйбэтэҕим. Хомойуох иһин, бу биһиги сорох, ол иһигэр федеральнай уорганнарга бир идэлээхтэрбит үлэлэрин таһымын көрдөрөр, кинилэр бастаан иһитиннэрэллэр, онтон сотору кэминэн: биһиги сыыспыппыт дииллэр. Өрүс өллө эҥин уонна да атыны туойар сорох экологтарынан ааттанар дьоҥҥо биири санатыам этэ. 80-с сылларга “Якуталмаз” Мархаҕа химикаты быраҕара уонна онтон бу уу Бүлүү бары улуустарынан устара, онно ядернай эстиилэри оҥорор, ГЭС тутуутугар бөһүөлэги тимирдэр эрдэхтэринэ – дьэ бу дьиҥнээх экологическай иэдээн этэ. Биллэн турар, Бүлүүгэ хоромньу оҥоһуллубута уонна бу толуйуллуохтаах.
Бу саахал биһигини туохха үөрэттэ? Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уунан хааччыйыы сөптөөх тиһигин оҥоруохтаахпыт. Бу Бүлүүгэ эрэ сыһыаннаах буолбатах. Сорохтор киниттэн ууну иһэр табыллыбат диэн суруйаллар – Саха сирин ханнык баҕарар өрүһүттэн иһэр табыллыбат. Лена, Дьааҥы, Алдан уонна да атыттар Бүлүүтээҕэр өссө киртийэн тураллар. Ол эрэн, киин куоракка балаһыанньа үчүгэй өттүгэр тосту уларыйда. Бүгүн Дьокуускай саҥа водозаборыгар сыһыаннаах бары докумуоннарга илии баттанылынна. Ол аата уу санитарнай ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир буолла. Маны сорохтор билигин аахайыахтара суоҕа, ол эрээри саас кыраантан ыраас, дьэҥкир уу кэллэҕинэ хайдах буолбутун өйдүөхтэрэ.
— Өлүөнэ муостатын туһунан ыйыппатым табыллыбат. Интэриэстээхтэр ортолоругар Кытай хампаанньалара бааллар диэбитиҥ. «Чжоданы” кытта история күөнүгэр бу бырайыак олоххо киириэ суоҕа диэн сэрэхэдийбэккин дуо?
— “Чжода” Кытайга үлэлиир хампаанньалартан биирдэстэрэ эрэ. Интэриэстээхтэр истэригэр бааллар аан дойду 100-топ ахсааныгар киирээччилэр. Кинилэр бэйэлэрэ эрэ буолбакка, Арассыыйа бөдөҥ корпорацияларын консорциумун кытта киирбиттэрэ. Эппиэтим маннык.
— Массыына айанныыр муостатын тутууну тоҕо туруорсаҕын?
— Бэйэтин кэмигэр өрүс аннынан барар суол, тимир суол муостатын туһунан кэпсэтиилэр маны тутар кыаҕы биэрбэтэхтэрэ. Биһиги, биллэн турар, манан сибээстээн мөккүһэбит, холобур, Вячеслав Анатольевич Штырову кытта – кини суол холбоһуктаах буолуохтаах диир. Ол эрээри ханнык баҕарар урбанист көрүүтүгэр, Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх – өрүс араас кытылларыгар олохсуйбут биир куорат. Муоста тутулуннаҕына – бу дьиҥнээхтик биир куорат буолуоҕа. 400 тыһыынча нэһилиэнньэлээх биир куоракка тимир суол икки холбуур ситимэ (узел) хайдаҕын да иһин баар буолбат, онно эбии Дьокуускай өттүттэн тугу да тиэйии суох. Куоракка “тимир суолу” тутуу уонна Өрүс пуордугар тиэрдии Аллараа Бэстээххэ причальнай истиэнэни тутардааҕар ыарахан буолуоҕа. Бу сөбө суох.
Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ.
Кэпсэтиини толору манна ааҕыҥ: