Айсен Николаев тохсунньу 22 күнүгэр Эдьигээҥҥэ сырытта. Арктика сайдыытын туһунан мунньах ыытта уонна оройуон олоҕун-дьаһаҕын билистэ. Былырыын алтынньыга үлэҕэ киирбит водозабору көрдө. Бу тутуу баар буолан, Эдьигээн бөһүөлэгин киин ититэр ситимҥэ холбоммут. Сотору кэминэн ууну ыраастыыр тиэхиньикэни туруоран баран, олорор дьиэлэри тымныы уунан хааччыйар былааннаахтар.
Ол кэннэ аҕам саастаах дьон, инбэлииттэр интэринээттэригэр сырытта. 2009 сыллаахха тутуллубут дьиэҕэ өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан 60 киһи олорор. Ил Дархан «ICEКвант» технопарканы көрдө. Манна үс сүүсчэкэ оскуола оҕото тоҕус хайысханан үлэлииллэр, чинчийэллэр. Оҕолор 3D-моделирование, робототехникаҕа, киберспорка чинчийиилэрин кэпсээтилэр. Салгыы ютубка «Клевая рыбалка» ханаал ааптара Вячеслав Бродниковы көрүстэ.
Түмүккэ олохтоохтору кытта мунньахтаата. Манна Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Александр Саввинов улуус олохтоохторугар Саха сирин арктическай чааһын сайдыытын саҥа кэнсиэпсийэтин билиһиннэрдэ. Эдьигээн олохтоохторо Ил Дархантан аныгы култуура киинин тутуутун ыйыталастылар. Айсен Сергеевич чугастааҕы сылларга тутуллуо диэтэ, бырабыыталыстыба чилиэннэригэр тута дьаһаллары биэрдэ.
«Эдьигээн Саха сирин биир кырдьаҕас сирэ. Саха Арктикатыгар киирэр аартык буолан, улуус сайдыыта биһиэхэ олус суолталаах. Кэлиҥҥи сылларга социальнай олоххо сайдыы баар. Тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, тырааныспарка боппуруостар бааллар. Олору Арктика бүттүүн сайдыытын иһинэн быһаарыллыаҕа наллаан», — диэтэ Ил Дархан.
Ону кытта Айсен Николаев 2019 сыл бастакы аҥаарыгар миниистирдэргэ госбырагыраамаҕа Арктика тиэмэтин учуоттуулларыгар сорудахтаата.
edersaas.ru