Ил Дархан эҕэрдэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан төрүт олохтоох норуоттар аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлиибин. Бу бырааһынньык биһиги хотугу өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты суолталаах. Үтүмэн үйэлэр тухары Саха сирин тыйыс айылҕатыгар иллээх-эйэлээх төрүт олохтоох норуоттар бииргэ олорон кэллилэр. Биһиги бары өбүгэлэрбититтэн бэриллибит дириҥ билиини, култуураны, тылы-өһү, үгэһи харыстыыбыт.

Бүгүн Арассыыйа Хоту сирэ, Арктиката – судаарыстыбабытыгар стратегическай суолталаах, ол сайдарбытыгар саҥа кыахтары биэрэр. Ону кытта биһиги олохтоох норуоттар ураты олохторун-дьаһахтарын харыстыах тустаахпыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрүт норуоттар бырааптарын көмүскүүргэ улахан болҕомто ууруллар, олохторун- дьаһахтарын бары өттүн сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэ сокуоннара ылыллаллар. Бу ураты айылҕалаах уонна кэрэ сиргэ саҥа олоҕу көҕүлүүргэ, Арктикаҕа тардыһыыны үөскэтэргэ анаан судаарыстыба бырагыраамалара уонна бырайыактар олоххо киллэриллэллэр. Оскуолалар,  балыыһалар, уһуйааннар, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ, саҥа олорор дьиэлэр тутуллаллар.

Биһиги биир сомоҕо буолуубут өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут сайдыытыгар бигэ тирэх буолар. Төрөөбүт кыраайбыт туһугар таһаарыылаах үлэбит уонна дойдубут туһугар кыһамньыбыт, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ бастыҥнар кэккэлэригэр тахсарыгар төһүү буолла. Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар, дойдубутугар олорор норуоттар дьоллоох кэскиллэрин туһугар өссө даҕаны күүскэ үлэлиэхпит диэн эрэллээхпин!

Кытаанах доруобуйаны, дьолу, эйэни, этэҥҥэ буолууну, туруоруммут былааннаргыт олоххо киирэллэригэр баҕарабын!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0