Ил Дархан Дьааҥыга турбут ойуур баһаарын тус хонтуруолугар ылла
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, бэс ыйын 27 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы улууһугар сылдьан, ойуур баһаарын умуруорарга, уот салгыы тарҕанарын сэрэтэргэ туох үлэ ыытылларын билистэ. Күн бүгүн улууска 3 ойуур баһаара туран, 200 тыһыынча гектар сири уот сиэтэ. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэктэргэ уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.
edersaas.ru
Табалаах нэһилиэгин Эбэ учаастагар 80 олохтоох дьон ойуур баһаарын умуруорууга баҕа өттүнэн турунан, минерализованнай балаһа оҥорорго үлэлэһэ сылдьаллар. Айсен Николаев кинилэри кытта көрсөн, балаһыанньа хайдаҕын, туох наадатын билистэ.
Салгыы Баатаҕайга ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын сүбэ мунньаҕын тэрийэн ыытта. Манна Үөһээ Дьааҥыга уонна Муомаҕа тыҥаан кэлбит ыксаллаах балаһыанньаны хайдах туоратыахха сөбүн дьүүллэстилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэммит ойуур баһаарын улахан аҥаара Дьааҥыга турда диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан. Кини дьаһалынан федеральнай киинтэн уонна өрөспүүбүлүкэттэн ойуур баһаара тарҕаммыт сиригэр эбии көмө кэллэ. МИ-8 бөртөлүөт уоту умуруорууга туһаныллыа.
«Баһаары түргэнник умуруорарга эбии үп-харчы, оттук көрүллүөҕэ. Үөһээ Дьааҥыга маннык улахан баһаар буолбатаҕа 15 сыл буолла. Уот салгыы барбатын туһугар федеральнай тэрилтэттэн десантниктар анал этэрээттэрэ кэлэн үлэлиэҕэ. Кинилэр уот уоҕун сатаан намыраппатахтарына, эбии көмө кэлиэҕэ», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Ону таһынан, олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ күүһүн түмэн, уоту утары охсуһуутун түмүгэр нэһилиэктэргэ куттал суоһаабатын бэлиэтээтэ.
«Саха сирэ», edersaas.ru