Ил Дархан быһа эпиирэ: сибээс уонна интэриниэт

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 27 күнүгэр,  Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииринэн  тахсан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаабыта. Олортон сүрүн социальнай хабааннаах өттүн бэҕэһээ сырдаппыппыт. Бу сырыыга  өрөспүүбүлүкэҕэ сибээс, интэриниэт  боппуруостарынан киирбит ыйытыылары эридьиэстиэхпит.

—   Алдан оройуонун Чагда сэлиэнньэтигэр мобильнай интэриниэт суох, кинилэргэ Билайн» үлэлиир. Бу кыһалҕа хаһан быһаарыллыай?

— СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ  нэһилиэнньэлээх пууннарга интэриниэт ситимин холбуур сайаапкатыгар  Чагда сэлиэнньэтэ баар. РФ Инновацияҕа министиэристибэтигэр «УЦН 2.0» диэн сыыппаранан хааччыйыыны тэҥниир бырайыак  үлэлиир.  Сайаапкаҕа киирбит нэһилиэнньэлээх пууннарга куоластааһын ыытыллыаҕа.  Ол түмүгүнэн, ол эбэтэр  хайа нэһилиэк элбэх куолаһы ылбыт, ол тустаах бырайыакка хабыллыаҕа.

— Билигин үгүс оскуола ыраахтан олорон үөрэтиигэ көстө. Ол эрээри,  мобильнай интэриниэт суоҕун кэриэтэ, билигин түргэнэ 1 мгб-кэ тэҥнэһэр. Тарыыба 5000 солк, бу олус ыарахан. Оҕолорбут онон батсаабынан үөрэнээхтииллэр. Маннык буолуо суохтаах. Хаһан быһаарыллыай?  (Баатаҕай бөһүөлэгэ, Дьааҥы улууһа).

— Ити боппуруоһу быһаарыыга «Арктик Телеком»  тэрилтэни кытта кэпсэтии былааннанар. Ол курдук, хотугу улуустар оскуолаларын үөрэнээччилэрэ быйыл ыраахтан олорон үөрэнэллэрин хааччыйарга ханнык бырайыагы олоххо киллэриэххэ сөбүн быһаарыахпыт.

— Нам улууһун Үөдэйигэр мобильнай үс оператортан  ханныга даҕаны үлэлээбэт уонна интэриниэт эмиэ суох. Тоҕо?

 —  «Билайн» уонна МТС оператордарын интэриниэт сибээстэрэ  тоҕо суохтарын тустаах исписэлиистэр алтынньы 1 күнүгэр тиийэн барытын бэрэбиэркэлиэхтэрэ, көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ.

Биһиги сэлиэнньэбитигэр интэриниэт тоҕо мөлтөҕүй, оператордар тирэхтэри тоҕо туруорбаттарый?  (Остуолба сэлиэнньэтэ, Дьааҥы улууһа)

— Нэһилиэнньэлээх пуун ыраах сытарынан сибээстээн, сибээс өҥөтө спутниковай сибээс көмөтүнэн оҥоһуллар, ол иһин  интэриниэт түргэнэ хааччахтанар. Оптика утаҕа тардылыннаҕына  эрэ сибээс тупсуоҕа. Онон «Ростелеком» ПАУо Хаандыга — Теплай Ключ — Тополинай – Баатаҕай хайысханан оптика утаҕын тардыыга этии киллэрдэ.  Сибээс эбийиэктэрин тутууга  аналлаах бырайыактары олоххо киллэриигэ федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна олохтоох бүддьүөттэр  үптэрэ кыттыһыахтаах.  Бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбата Баатаҕайга диэри оптика утаҕын тардыы бырайыагын олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүллэр боппуруоһун быһаарар.

— Сэлиэнньэ  улуус киинин кытта сибээһэ мөлтөх, интэриниэт сүгүн үлэлээбэт. Оптика утаҕа хаһан кэлиэҕэй?   (Өлүөхүмэ оройуона, Токо, Дьаархан).              

— «Ростелеком» ПАУо  муниципальнай-чааһынай бииргэ  үлэлээһин чэрчитинэн, оптика утаҕын тардыы бырайыагын олоххо киллэрэри былаанныыр. Ол эбэтэр муниципалитет бүддьүөтүттэн үп көрүллүөн наада. Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата ити былааны ылыннаҕына уонна  «Ростелеком» ПАУо бырайыагы толорооччу буоллаҕына,  Токо сэлиэнньэтигэр оптика утаҕа тардыллыаҕа.

— Муома улууһугар оптика утаҕа хаһан кэлэрий?

— Муома уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар оптика утаҕын тардыы СӨ Бырабыыталыстыбатын,  «НПО «Импульс» ХЭУо, Муома уонна Үөһээ Халыма улуустарын дьаһалталара бииргэ үлэлээһиҥҥэ Сөбүлэһии  чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Былаан быһыытынан «НПО «Импульс» ХЭУо  оптика утаҕын 2022 сыл  түмүктэниитигэр диэри тардары былаанныыр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0