Ил Дархан балыыһалар былаан быһыытынан тутуллан иһэллэрин бэлиэтээтэ

Бөлөххө киир:

“Эбийиэктэр кэмигэр тутуллуохтаахтар, үлэ хаамыыта бытаарыа суохтаах”, – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар нөҥүө тутулла турар эбийиэктэри хонтуруоллуур мунньахха.

Ил Дархан мунньахха биир сүрүн боппуруоһунан сүрэх, тымыр ыарыыларын көрөр киин тутуутун туруорда. Бу улахан эбийиэк быйыл кыһын тутуллан бүтэн ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Айсен Сергеевич тутуу былаантан хаалыа суохтааҕын, сүрүн тутууну таһынан баһаартан сэрэхтээх буолууга, балыыһаҕа тиийэр суолу оҥорууга эмиэ болҕомтону уурарга эттэ. Ону сэргэ балыыһаҕа үрдүкү технологиялаах оборудованиелар кэлэллэригэр каадыры аттаран туруоруу улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр иккис улахан тутуунан искэни эмтиир балыыһа буолар. Бу балыыһа барыта 180 киһи сытан эмтэнэр миэстэлээх, күҥҥэ 200-тэн тахса киһини көрөр поликлиникалаах улахан киин буолар. Бу киин искэҥ ыарыытын эмтииргэ туһуламмыт анал федеральнай бырайыак уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамма чэрчитинэн тутулла турар. 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээх.

Маны таһынан мунньах кэмигэр Уус Маайаҕа, Тааттаҕа, Чурапчыга, Бүлүүгэ, Хонууга тутулла турар балыыһалар тутууларын боппуруостара көрүлүннэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0