Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай турук кэминэн. Олоччу харантыын биллэрэр табыллыбатын, тоҕо диэтэххэ, ыалдьыбыт киһи ахсаана олус элбэҕэ суоҕун ыйда.
edersaas.ru
Итиэннэ, холобур быһыытынан, ахсынньыга-тохсунньуга эмиэ биир кутталлаах ыарыынан — куорунан 68 киһи ыалдьыбытын, ол эрээри, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэрин туһунан кэпсэтии барбатаҕын ыйда. Салгыы хааччахтааһын ирдэнэр, ол гынан баран, кылаабынай санитарнай быраас ирдэбилинэн харантыын дуу, ыксаллаах быһыы-майгы дуу биллэриллэрэ ирдэммэтин эттэ.
Бу ыарыы, бастатан туран, саастаах дьоҥҥо кутталлааҕынан сибээстээн, 65-тэн үөһэ саастаах дьон дьиэлэригэр олороллоругар сүбэлииллэр.
Билигин тас дойдуттан кэлбит дьону булан кэтээн көрүөхтээхпит диэн эттэ. Кэлиҥҥи икки нэдиэлэҕэ тас дойдуттан 2000 кэриҥэ киһи кэллэ диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ. Дьон өйдүүр, үгүстэр дьиэлэриттэн тахсыбакка олорон биллэрэллэрэ сөптөөҕүн ыйар.
Бүгүҥҥү күнтэн федеральнай ньыма уларыйбытын эттэ. Ол курдук, бу иннинэ 1-кы, 3-с, 10-с уонна 12-с күннэригэр анаалыс ылар эбит буоллахтарына, тас дойдуттан кэлбит дьон дьиэлэриттэн тахсыбакка олорор уонна дьаҥ (ОРВИ) сибикитэ биллибэт буоллаҕына, мэдиссиинэ тастан (дистанционно) хонтуруолугар туралларын, анаалыстарын 10-с күннэригэр туттарыахтара диэн иһитиннэрдэ.
“Күн бүгүн сорох дьон, социальнай ситимҥэ даҕаны көрдөххө, “мин тас дойдуттан кэллим, суруйтарбытым эрээри, тоҕо миэхэ кэлбэттэрий, анаалыс ылбаттарый” дииллэр. Сөпкө өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүт, быһаччы федеральнай былаас уорганнара, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Роспотребнадзор ыйбыт быраабылатынан үлэлиибит”, — диэн эттэ.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru