Бэчээт, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ытыктабыллаах үлэһиттэрэ, салаа бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу дьоһун бырааһынньык үгүс идэлээх дьону түмэр – суруналыыстары, таһаарааччылары, полиграфистары, сурунааллар уонна хаһыаттар күн сирин көрөллөрүгэр уонна ааҕаачыларга тиийэллэригэр көмөлөһөр бары дьону. Бэлиэ күнү бэйэлэрин бырааһынньыктарынан тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, интэриниэт-таһаарыылар үлэһиттэрэ ааҕаллара сиэрдээх. Эһиги бары бииргэ киэҥ өрүттээх күннээҕи олох хартыынатын оҥороҕут, кэрэ-бэлиэ, чаҕылхай, ону тэҥэ соччо биллибэтэх-көстүбэтэх түгэннэрин арыйаҕыт, өрөспүүбүлүкэ үтүө аатын-суолун үрдэтиигэ көмөлөһөҕүт.
Эһиги үлэҕит олус наадалаах уонна эппиэтинэстээх. Үгүс суруйууларгытыгар түгэннэри уонна чахчылары эрэ ойуулаабакка, бэйэҕит гражданскай позицияҕытын эмиэ көрдөрөҕүт. Мин сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ бэчээттэнэр суруйуулары мэлдьи кэтээн көрөбүн уонна итилэри биһиги үлэбитин кырдьыгынан сыаналааччыларынан билинэбин.
Сибээс уонна коммуникация түргэн тэтимнээхтик сайдыытын кытта тэҥҥэ эһиги аныгы уопсастыбаҕа оруолгут улаатар. Ханнык баҕарар иһитиннэриилэргэ суһаллык үлэлээһин, ис сүрэхтэн кыһаныы, дириҥник ырытыы – балары бүгүн эһиги истээччилэргит, көрөөччүлэргит, ааҕааччыларгыт кэтэһэллэр. Онон Саха сирин суруналыыстарын ортолоругар бу үрдүк ирдэбиллэргэ эппиэттээччилэр элбэххит. Маны үгүс ахсааннаах үрдүк наҕараадаларгыт уонна ааттаах-суоллаах национальнай куонкурустарга кыайыыларгыт кэрэһилииллэр.
Саха сирин суруналыыстыкатын бэтэрээннэригэр ураты махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Бүгүн сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр тосту уларыйдылар, ол эрээри уруккутун курдук бу салаа үлэһиттэрин үлэлэрин тирэҕинэн олохсуйбут үтүө үгэстэри салҕааһын буолар.
Күндү доҕоттор! Идэлээх бырааһынньыккытынан таһаарыылаахтык бииргэ үлэлииргит, өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар тахсар бары түгэннэри кырдьыктаахтык сырдатаргыт иһин дириҥ махтанабын.
Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, нус-хас олоҕу, инникигэ эрэллээх буолууну, табыллыыны уонна торумнаабыт соруктаргытын толорууга ситиһиилэри баҕарабын!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.