“Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы – өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэтигэр саҥа тутаах хайысха”
Ытыктабыллаах бар дьонум, Сахам Сирин олохтоохторо!
Убаастабыллаах бар дьон дьокутааттара!
Хас күн аайы истэр сонуннарбыт ис хоһоонноруттан сэдиптээн, биһиги аан дойдуга быһыы-майгы сытыырхайан иһэрин бэлиэтиибит. Ити ухханыгар Россия Федерациятын экономикатын туругар үөскээбит тыҥааһыннаах балаһыанньа сымнаабат.
Ол эрээри өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут кэлим производственнай-экономическай тутул бөрүкүтэ суох быһыыны-майгыны этэҥҥэ туоруурбутугар төрүт буолар. 2016 сыл түмүгүнэн макроэкономическай көрдөрүүлэр куһаҕана суохтар уонна социальнай эйгэҕэ бигэ турук бэлиэтэнэр.
2016 сылга регионнааҕы баалабай бородуукта, барыллаан ааҕыынан, 792 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, ити 2015 сыл көрдөрүүтүттэн 2% үрдүк. Промышленнай оҥорон таһаарыы индексэ былырыыҥҥытааҕар бырыһыан аҥаарынан элбиирэ күүтүллэр. Инвестиция кээмэйэ ааспыт сыллааҕы таһымы 1,6 төгүл куоһарыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ кредитнэй рейтининэн Россия Федерациятын сувереннай рейтинигэр тэҥнэһэр инвестиционнай рейтиннээх 10 бастыҥ субъект иһигэр киирэр.
2017 сылга биһиги экономика көрдөрүүтүн таһымын 2016 сыл түмүгүттэн 3% үрдэтиэхтээхпит, промышленнай оҥорон таһаарыыны — 2%, сүрүн хапытаалга инвестицияны бу сыл таһымыттан түһэриэ суохтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ үбүн сүрүн докумуонун – бюджет туһунан эттэххэ, дьокутааттар уонна дьон үгүс өттө өрүү бюджет ороскуоттуур чааһыгар болҕомтолорун уураллар. Онтон бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги, бастатан туран, бюджет дохуоту киллэрэр чааһыгар болҕомтобутун хатыахтаахпыт. Мантан экономика тутаах боппуруостара тутулуктаахтар. Бастакытынан, экономика туруктаах буолуута. Иккиһинэн, киини кытары бюджеттар ыккардыларынааҕы сыһыаннар уонна регион федеральнай программаларга хайдах кыттара. Үсүһүнэн, бөдөҥ нолуогу төлөөччүлэри кытта сыһыаммыт.
2010-2016 сылларга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын дохуот киллэрэр чааһын икки төгүл кэриҥэ үрдэттибит — 81 млрд солкуобай, ол иһигэр бэйэбит дохуоппутун – 2,4 төгүл (68 млрд солкуобай), төннөрүллүбэт үп киириитэ 27,2% улаатта (13 млрд солкуобай).
Арктиканы уонна Уһук Илини кэлим сайыннарыы докумуоннарын оҥорорго өрөспүүбүлүкэ уратыларын өрүү учуоттууллар. Бөдөҥ бизнеһи кытта икки өттүттэн итэҕэллээх уонна ирдэбиллээх сыһыаммытын тупсаран иһиэхтээхпит. Биһиги бииргэ үлэлиир бөдөҥ тэрилтэлэрбит социальнай эппиэтинэстэрин бигэргэтэн регион сайдыытыгар көхтөөхтүк кытталлар.
Ытыктабыллаах коллегаларым!
Өрөспүүбүлүкэ бюджета парламент көрүүтүгэр киирдэ, ол эрээри үлэ итинэн тохтуо суохтаах. Биһиги Россия Федерациятын үбүн министиэристибэтин уонна бөдөҥ нолуогу төлөөччүлэри кытта ыытар кэпсэтиилэрбитин салгыы ыытыахтаахпыт.
Сэтинньи бастакы аҥаарыгар мин “Транснефть”, “Роснефть”, “Сургутнефтегаз”, “Алроса” хампаанньа салалталарын кытта көрүстүм. Ол түмүгүнэн бары сир аннын баайынан туһанааччылар өрөспүүбүлүкэ иннигэр эбэһээтэлистибэлэрин бигэргэттилэр. Нолуок киириитин былааннаммыт кээмэйэ тутуһуллуоҕа, оттон сорох тэрилтэлэргэ үрдүүрэ күүтүллэр. Итини сэргэ, биһиги бэйэбит дохуоппутун 2% үрдэтэргэ суоттанабыт.
Онон, бырабыыталыстыбаттан уонна өрөспүүбүлүкэ парламеныттан бастакы көрүү иннинээҕи эбэтэр иккис көрүү чэрчитинэн бюджет дохуоттаах чааһын 3 млрд солкуобайынан үрдэтэргитигэр көрдөһөбүн.
Бюджет дефицитэ билиҥҥитэ 4,2 млрд солкуобайынан былааннаммыта, ол эрээри ону толуйар үп киирэр төрүтэ булуллан турар. Кыра да буоллар дефицит баар буолуохтаах. Ити барыта бырабыыталыстыбаны өссө тыҥааһыннаахтык үлэлииргэ күһэйэр, күүтүллүбэтэх быһыыга-майгыга өрүү бэлэм буолары ирдиир.
Эбэн эттэххэ, судаарыстыба иэһин сүнньүнэн аахсыы былааннаахтык ыытыллар. Иэскэ нуормаламмыт эбэһээтэлистибэни өрөспүүбүлүкэ хаһан даҕаны аһары барбатаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ судаарыстыба уопсай иэһин кээмэйэ бэйэбит дохуоппут 50% намыһах, ити Бюджет кодексын ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр. Өрөспүүбүлүкэ иэһин таһымынан үчүгэй көрдөрүүлээх регионнар бастакы бөлөхтөрүгэр сылдьар. 60-тан тахса регион судаарыстыбаннай иэһэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит иэһин таһымыттан үрдүк, оттон сорох кыраайдар уонна уобаластар иэстэрэ ырааҕынан аһары барар. Тэҥнээн көрөргүтүгэр маннык холобурдары аҕалабын: Татарстан судаарыстыбаннай иэһин кээмэйэ 63%, Амурскай уобалас — 94%, Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ — 104%, Забайкальскай кыраай — 113%.
Бюджеты оҥорууну сайынтан саҕалаабыппыт. Ол түмүгэр бюджет бэлиитикэтин тумус тутуллар сүрүн хайысхатынан сокуонунан олохтоммут социальнай эбэһээтэлистибэлэри үбүнэн хааччыйыыны быһаарбыппыт. “Социальнай бэлиитикэ” түһүмэххэ барыта 27,5 млрд солкуобай көрүлүннэ, ити бюджет бары ороскуотуттан 17% ылар.
2,1 млрд солкуобайы бюджет үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэргэ анаан хаһаанныбыт. 2017 сылга бюджет үлэһиттэрин хамнаһын фондатын толорорго барыта 68 млрд солкуобай ыытыллара былааннанар (ороскуот 42%).
Биһиги нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын, чуолаан элбэх оҕолоох ыалы социальнай өттүнэн эбии өйүүр ньымалары тобулуохтаахпыт. Итини таһынан, гражданнары хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү программатын уонна олорор дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыба программатын олоххо киллэриини судаарыстыба өттүттэн өйүүрү тумус тутуллар хайысханан ааҕабын.
Бюджет ороскуотун салааларынан тыырдахха, ордук элбэх үп үөрэхтээһиҥҥэ (23%), олорор дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыбаҕа (15%), тыа хаһаайыстыбатыгар (6%), доруобуйа харыстабылыгар (5,6%) ыытыллар.
Быйыл күһүн Сочига ыытыллыбыт Норуоттар ыккардыларынааҕы инвестиционнай форумҥа регионнар көҕүлээһиннэрин сүүрбэ бастыҥ бырайыактарын иһигэр киирбит “Мин Сахам Сирэ 21 үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын үбүн кээмэйэ кыччаабата.
Ол эрээри инвестиционнай бюджет ороскуота сарбылынна. Мин сорох дьокутааттар кыһалҕаларын өйдүүбүн, нэһилиэнньэ иннигэр ылыммыт сорох эбэһээтэлистибэлэргит олоххо кииримиэхтэрин сөп. Ол эрээри билиҥҥи балаһыанньаны хайдах баарынан ылынарбытыгар тиийэбит.
Бюджет ороскуотун көдьүүһүн судаарыстыбаннай программалар сорох хайысхаларын кыччатан (итиннэ социальнай эйгэ киирбэт), судаарыстыба хамсаабат баайын-дуолун табыгастаахтык туһанан, бюджет тэрилтэлэрин салайар-дьаһайар аппарааттарын ахсаанын уонна хамнастарын фондатын сарбыйан үрдэтиэхпит. Былаас уорганнарыгар анаан сүрүн сириэстибэлэри атыылаһыы үбүн хааччахтыыр бэлиитикэ салгыы ыытыллыаҕа. Тоһоҕолоон бэлиэтиибин, бюджет ороскуоттуур чааһа көдьүүстээхтик туһанылларын уопсастыбаннас кыраҕы хонтуруолугар ылыахтаах.
Судаарыстыба үбүн хаачыстыбалаахтык салайыы толорор былаас тутаах функциятынан буолар. Ааспыт сыл түмүгүнэн Россия Федерациятын Үбүн министиэристибэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр регионнааҕы үбү салайыы үрдүк хаачыстыбалаах субъега диэн бочуоттаах ааты иҥэрбитэ. Ол үрдүнэн миэстэтигэр гражданнар итини үчүгэйдик билбэттэринэн бюджет үбэ тумус тутуллар хайысхаларынан ороскуоттанарын ситэ өйдөөбөттөр. Онон, бары салайааччылартан, бар дьон дьокутааттарыттан судаарыстыба үбэ ороскуоттанар эйгэтин сүнньүнэн нэһилиэнньэ ортотугар туһааннаах быһаарар үлэни ыытаргытыгар көрдөһүөм этэ.
Убаастабыллаах табаарыстар!
Өрөспүүбүлүкэ дойдуга бастакылартан биирдэстэринэн экономиканы анал программалаах-сыаллаах ньымаҕа олоҕуран салайыыны олоххо ситиһиилээхтик киллэрбитэ. Ол эрээри биһиги бу ньыманан үлэлээбит сылларбытыгар биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар ардыгар сөп түбэспэт өрүттэр, араас көрүүлэр бааллара билиннэ. Өссө биир ураты кыһалҕанан биир эмэ саҥа уталытыллыбат сорук үөскээтэҕинэ, ону үлэлиир программаларга суһаллык киллэрэр кыаллыбата этэ.
Ол иһин бүгүн үп уонна ресурса кырыымчык кэмигэр бырайыагынан салайыы бириинсибин олоххо киллэриини саҕалыырбыт олох ирдэбилинэн буолла.
Бырайыагынан салайыы биһиги судаарыстыбаннай программалары олоххо киллэрэрбитигэр уонна бюджеты толорууну тупсарарбытыгар олук буолуоҕа, өрөспүүбүлүкэ инвестицияны тардар кыаҕын кэҥэтиэҕэ уонна административнай эйгэ ордук дьэҥкэ буоларын ситиһиэхпит. Министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар сытыары сибээһи бөҕөргөтүөҕэ, кылаабынайа, сулууспалаахтар аһаҕастык, айымньылаахтык, чахчы тэрээһиннээхтик хамаанданан үлэлииллэригэр көҕүтэр күүс буолуоҕа.
Биһиги суһал бэрээдэгинэн коллегаларбытын хардарыта дьайсыы саҥа быраабылатыгар көһөрүөх тустаахпыт. Саҥа быраабылалар чунуобунньуктар өйдөрүгэр-санааларыгар, толкуйдуур дьоҕурдарыгар тустаах уларыйыылары киллэриэхтэрэ. Онон бырабыыталыстыба тутулугар киирбит саҥа уларыйыылар уонна каадырдары уларытан туруоруу кими даҕаны уолутуо суохтаах.
Бары судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар үлэлэрэ бүтэһиктээх түмүгүнэн сыаналанар буолуоҕа. Ситиһиилээх түмүгү материальнай уонна моральнай өттүнэн көҕүлээһини кытта быһаччы ситимниэх тустаахпыт.
Үлэ көдьүүһүн сыаналыыр салайыы маннык технологиялара инники өттүгэр бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр эрэ таһымнарыгар туттуллуохтара суоҕа диэн тоһоҕолоон этэбин. Хас биирдии муниципальнай оройуон ханнык эмэ кэрдиис кэм кэнниттэн чопчу бырайыак быһыытынан үлэлиир бэйэтэ туспа бизнес-единицэҕэ кубулуйуоҕа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата олоҕу хааччыйыы эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэри кичэйэн хонтуруоллуоҕа. Саха сирин уратытын учуоттаан туран, ити тэрилтэлэр салайааччыларыттан чопчу өйдөнөр стратегическай былааны уонна салайыыны ирдиэҕэ. Бу ордук олорор дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна транспорт комплексыгар сыһыаннаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ сорох хаһаайынныыр субъектар иэстэрин кэмигэр төлөөбөккө сылдьаллара иэһи төлөөбөт буолуу ситимин үөскэтэр. Ол содулугар онон-манан хамнаһы төлөөбөккө иэстэрэ элбээбит тэрилтэлэр баар буоллулар. Маннык быһыыны таһаарыа суохтаахпыт. Бары салайааччылары сэрэтэбин – кэлэктиипкит иһигэр хамнаһы кэмигэр биэрэр иһин тус бэйэҕит эппиэттиигит!
Экономикаҕа үөскээбит уустук быһыыны-майгыны өйдөөн туран, биһиги транспорт эйгэтигэр, бастатан туран, бу салаа бары тэрилтэлэрин чөл хаалларар соругу туруорунабыт, ол иһигэр регионнааҕы авиацияны уонна өрүс флотун салгыы өйүүр уонна сайыннарар соруктаахпыт.
Иккиһинэн, массыына суолун тутар тэтиммитин ыһыктыа суохтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата “Томмот – Аллараа Бэстээх” тимир суолу тутар үлэ түмүктэнэрин ситиһиэҕэ.
Сибээс салаатыгар телекоммуникационнай инфраструктураны сайыннарар уонна “цифровой тэҥэ суох буолууну” туоратар сорукпут оннунан хаалар. Саха сирин олохтоохторо Интернеккэ түргэнник киирэр ханааллара оҥоһуллан, куораттарбыт уонна сэлиэнньэлэрбит утуу-субуу холбонон, волоконнай-оптическай сибээс линияларын тутуу былааннааммыт кээмэйэ барыта 2017 сылга түмүктэниэхтээх. Ону сэргэ өҥө ити көрүҥүн тарыыбын кыччатар үлэни салгыы утумнаахтык ыытыах тустаахпыт.
Убаастабыллаах коллегаларым!
Стратегия бырайыагар суруллубутун курдук, кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ экономикатын хамсатар күүһүнэн сырье төрүт сиэктэрэ – хайаны хостуур промышленность уонна оттук-энергетическэй комплекс буолуоҕа. Бөдөҥ промышленность оҥорон таһаарар бородууксуйатын эгэлгэтин салгыы кэҥэтэн өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар киирэр дохуоту бигэтик улаатыннарыахпыт.
Чахчы сайдар, тупсар, уларыйар суолу арыйар инниттэн биһиги баайбытын туһанар толору киэптээх, бигэ туруктаах олохтоох промышленноһы уонна таҥастыыр производствоны тэрийиэх тустаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай бэлиитикэтин саҥа тутаах суолунан бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарыы буолар. Биһиги “Саха сиригэр оҥоһулунна” диэн брендинэн олохтоох бородууксуйаны өрө таһаарарга уһулуччу усулуобуйаны оҥоруох тустаахпыт.
Бу, бастатан туран, алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай салаалары саҥалыы сайыннарыыга сыһыаннаах. Ону сэргэ ойуур промышленнай комплексыгар, тутуу матырыйаалларын оҥорон таһаарыыга, чэпчэки промышленноска (тирии, иис оҥоһуктарыгар, миэбэли оҥорон таһаарыыга), дэҥҥэ көстөр минераллары, холобура, цеолиты, таҥастааһыҥҥа, норуот төрүт дьарыгар уонна оҥоһуктарыгар, информационнай технологияларга уонна, биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатыгар, ас-үөл промышленноһыгар сыһыаннаах.
Билигин үлэлии турар “Хаҥалас” индустриальнай паарка өрөспүүбүлүкэ иһигэр туттарга уонна тас өттүгэр батарарга бэйэ табаарын оҥорон таһаарыыны олохтуур кыахтаахпытын көрдөрөр. Онуоха тылынан эрэ буолбакка, быһаччы олоххо киллэрэр иһин күүскэ үлэлиэх тустаахпыт. Биһиги бэйэбитигэр эрэ баарга тирэниэхтээхпит, онно олоҕуран үлэлиэхтээхпит. Сайдар саҥа суолу ханнык эрэ ыраах дойдуга буолбакка, төрүт олорор сиргэ көрдөөн булар ордук.
Холобура, ханна да суох Сахабыт Сирин тымныыта даҕаны барыс киллэриэн сөп. Ол курдук, биһиги ураты айылҕабытыгар, ситэ сайда илик туризммыт эйгэтигэр сыһыаннаах туһалаах идеялар билиҥҥитэ олус сэдэхтэр.
Убаастабыллаах бар дьон дьокутааттара!
Былырыын куораттары уонна сэлиэнньэлэри тупсаҕай оҥоруу кыһалҕата бастакы миэстэҕэ турбут буоллаҕына, быйыл нэһилиэнньэ ортотугар алтынньы бүтүүтүгэр ыытыллыбыт ыйытыктан биллибитинэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьарыктаах буолуу уонна үлэтэ суох буолуу боппуруоһун ордук сытыытык туруораллара быһаарылынна. Биллэн турар, бу экономика бөрүкүтэ суох балаһыанньатын содула, ол нэһилиэнньэ бары категориятын таарыйар, чуолаан ыччакка уонна аҕа саастаах дьоҥҥо ордук охсуулаах. Маныаха биһиги саҥа үлэ миэстэтин тэрийэргэ, үлэлииллэрин тухары сөптөөх квалификацияны ылалларыгар, ол иһигэр үлэ ырыынагар ордук наадалаах идэҕэ үөрэнэллэригэр көмөлөһөн Саха Сирин олохтоохторугар сайдар кыаҕы хааччыйар соруктаахпыт. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун таһымын үрдэтэр ньымалартан биирдэстэринэн предпринимательство төрүттэригэр үөрэтии оннунан хаалыаҕа.
Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҕус уонна орто бизнес бэрэстэбиитэллэрэ туох кыһалҕалаахтарын барытын бэркэ билэбит. Ол туһунан урбаанньыттары кытта өрүү кэпсэтэбит, кыһалҕалары туоратар уонна кыччатар ньымалары бииргэ көрдүүбүт. Ааспыт нэдиэлэҕэ Сүрүннүүр сүбэ мунньаҕын ыыппыппыт, онно хас даҕаны бэрт үчүгэй кыттыгас быһаарыыны ылыммыппыт.
Нолуок түһэрии судургутуллубут тиһигинэн үлэлиир дьоҕус бизнес тэрилтэлэригэр ыстаапканы икки төгүл намтатар туһунан биир санааҕа кэллибит. Өрөспүүбүлүкэ нуормалыыр быраап аакталарын бырайыактарын сүрүннүүр дьайыыларын сыаналыырга урбаанньыттартан экспертэри кытыннарар туһунан кэпсэттибит, урукку өттүгэр маннык суоҕа.
Бырабыыталыстыба дьоҕус уонна орто бизнес туруорар чопчу боппуруостарынан тиһигин быспакка бу курдук олус боччумнаахтык, дириҥник, иҥэн-тоҥон дьарыктаныахтаах. Бүгүн хонтуруоллуур-кэтиир тиһиктэри салгыы тупсарыы, сокуоннайа суох урбаан үлэтин-хамнаһын төрдүттэн суох оҥоруу, уокка, гааска холбонуу кыһалҕаларын быһаарыы уһулуччу суолталаахтар.
Былааска, дьиҥэ, дьоҕус бизнес ханнык баҕарар көрүҥэ баара суолталаах. Ол эрээри, өссө төгүл хатылыыбын, олохтоох оҥорон таһаарыыны сир аайы тэнитэн биһиги дохуоту үрдэтэр, үлэтэ суох буолуу ахсаанын аҕыйатар кыахтаахпыт.
Нэһилиэнньэлээх пууннар сирдэрин-уоттарын тупсаҕай оҥоруу сылын түмүгүн этэн аһарар буоллахха, бу Сыл өрөспүүбүлүкэ салалтатын, уопсастыбаннаһын, бары предприятиелар уонна тэрилтэлэр күүстэрин сэлиэнньэлэргэ бэрээдэги олохтуурга түмтэ. Биллэн турар, биир сыл иһигэр уонунан сылларга мунньуллубут бары кыһалҕа аҥаарын даҕаны быһаарар кыаллыбат. Ол эрээри бу өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар тупсаҕай эйгэни тэрийэр үлэни салгыы ыытарга бэртээхэй саҕалааһын дии саныыбын. Онон 2017 сылга бырабыыталыстыба нэһилиэнньэлээх пууннар тас көрүҥнэрин тупсарарга ылыммыт механизмнарын барытын оннунан хаалларыах тустаах.
Олорор дьиэ бэлиитикэтигэр биһиги сүрүннээн судаарыстыба өттүттэн гражданнары уонна тутааччылары өйүүргэ улахан ороскуота суох эрээри элбэх туһаны аҕалар өйөбүл көрүҥнэрин олоххо киллэрэбит.
Быйыл 600 тыһ. кв миэтэрэ кээмэйдээх олорор дьиэ үлэҕэ киириэҕэ. Кэлэр сылга ити кэриҥи оннунан хаалларар соруктаахпыт. Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн 7,6 тыһыынча гражданин көһөрүлүннэ, 124,7 тыһ. кв миэтэрэ кээмэйдээх саахалланар туруктаах дьиэни суох оҥордубут. Бу судаарыстыбаннай федеральнай программаны 43 муниципальнай тэриллиигэ олоххо киллэрэбит.
Бу программа 2017 сыл балаҕан ыйыгар дьайан бүтүөхтээх. Онуоха биһиги бу программа салгыы үлэлииригэр улахан интэриэстээхпит. Мин Тула уонна Ульяновскай уобаластар губернатордарын кытта дойду салалтатыгар итинник этиилээх таҕыстым. Өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин.
Коммунальнай инфраструктураны саҥардыы чааһынай инвестицияны тардарга барыстаах суол, кэлэр сылга бу кээмэйин улаатыннарыах тустаахпыт. Нэһилиэнньэҕэ XXI үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир олорор усулуобуйаны хааччыйар туһуттан уунан хааччыйар объектары тутар дьаһаллары кэҥэтиэх тустаахпыт. Чуолаан, Дьокуускайга ууну ылар уонна ууну ыраастыыр объектары тутуу саҕаланна.
2017 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тобохтору, ол иһигэр кытаанах коммунальнай тобохтору, харайыы саҥа тиһигэ оҥоһуллан бүтүөхтээх уонна регионнааҕы оператор быһаарыллыах тустаах.
Россия Федерациятын Президенэ биллэрбит Экология уонна айылҕа ураты харыстанар сирин-уотун сыла тэрилтэлэр экологическай эппиэтинэстэрин үрдэтэргэ ананар. Онон өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар олоххо киллэрэргэ былааннанар бары промышленнай бырайыактар, бастатан туран, үрдүк экологическай стандартка сөп түбэһэллэрэ ирдэниллэр.
Табаарыстар!
2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан” СӨ Сокуона күүһүгэр киирэр. Бу сокуонтан элбэҕи күүтэбит. Бу сокуон билиҥҥитэ сорох эрэ быраабылалары быһаарарын тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Ол эрээри бары инструменнарын толору туһанан үлэлэттэхпитинэ бу тиһик көдьүүстээх буолуо уонна кыаҕын барытын туһанан олоххо киириэҕэ.
Эрдэ эппитим курдук, бу сокуон тыа хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллар судаарыстыбаннай өйөбүл кээмэйин кыччаппат. Төттөрүтүн, сокуон судаарыстыбаннай өйөбүл кээмэйин, көрүҥнэрин элбэтэр, эрээри судаарыстыбаннай өйөбүл механизмын саҥаттан көрүү кэнниттэн өйөбүл субу билиҥҥи бытархай кыһалҕаларга буолбакка, сарсыҥҥыны санаан туран, тыа сирин олохтоохторо ырыынак сыһыаннарын өйдөрүнэн-санааларынан ылыналларыгар туһуланыаҕа.
Саха сирин курдук тыйыс айылҕалаах сиргэ тыа хаһаайыстыбатын уонна уопсайынан даҕаны экономикаҕа сыһыаннаах үлэни-хамнаһы тэрийэр, сайыннарар олус ыараханын биһиги бары өйдүүбүт. Ол иһин судаарыстыба тыа сирин олохтоохторугар көмөлөһөр эбээһинэстээх уонна көмөлөһүө даҕаны.
Билиҥҥитэ үлэҕэ кыайан киирэ илик табаары батарыы көдьүүстээх тиһигин олохтуурга бу хайысхаҕа үлэлиир, соҕотуопканан дьарыктанар тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар көхтөрө үрдүөхтээх, ол иһин кинилэр бу салааны иилииллэригэр-саҕалыылларыгар этии киллэрэбин.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын сорох көрүҥнэригэр Бырабыыталыстыба соҕотуопкалыыр сыана алын кээмэйин олохтуоҕа, онно таҥастыыр тэрилтэлэр атыылаһар сыаналара эбиллиэҕэ. Саҥа саҕалыыр фермердэри уонна дьиэ кэргэнинэн сүөһү ферматын тэринээччилэри өйүүр программа кыаҕа кэҥээтэ. Маны таһынан, социальнай суолталаах объектар, гааһы киллэрии, регионнааҕы уонна олохтоох суолталаах суоллары тутуу, тыа сиригэр дьиэ туттарга көмө оҥоруу курдук үлэлэр былаан быһыытынан олоххо киирэн иһиэхтэрэ.
Биир өттүнэн ылан көрдөххө, судаарыстыба өйөбүлүн ылла да, тыа киһитэ тута байан-тайан, дьоллоохтук олорон барар диир тутах. Көмөнү көмө курдук өйдөөн, бэйэ кыаҕар эбии туһанан, тэҥҥэ үлэлээн, уйгулаах олох туһугар хардарыта дьайсан үлэлиэхтээхпит, ол эппиэтинэһин өйдүөх тустаахпыт.
Олоҕу тупсарыы боппуруоһугар биир тыын суолталаах түгэҥҥэ – сир боппуруоһугар тохтуохпун баҕарабын. Биллэн турар, ханнык баҕар аграрнай реформа сир боппуруоһугар тирэҕирэрин история дакаастаан турар.
Манна даҕатан эттэххэ, “Уһук Илиҥҥи гектар туһунан” Федеральнай сокуону бастакы көрүүгэ ыараханнык ылыммыппыт, ол эрээри бу сокуон хайа эрэ түгэҥҥэ бэйэбитигэр быыһанар суолбутун тобулла. Боломуочуйалаах уорганнар сир докумуонун бэрээдэктииргэ миэстэтигэр сүҥкэн суолталаах үлэни ыыта сылдьаллар, оттон Саха сирин олохтоохторо сокуону олоххо киллэрии кэмигэр бэйэлэрин сирдэрин кыраныыссаларын чуолкайдаатылар. Онон, биһиги бааһыналары, мэччирэҥ сирдэрин, оттуур ходуһалары бас билээччилэргэ юридическай өттүнэн сыһыарары ситиһиэхпит. “Саха сирин гектара” диэн ааттаах, тыа сирин олохтоохторугар эбии сир учаастагын биэрэр быһаарыы ылыныллыбытын туһунан санатабын.
Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир билиилээх-көрүүлээх, үрдүк квалификациялаах кадрдары бэлэмниир сорук турар. Бу – салайааччылар, логистар, иһитиннэрэр тиһик оператордара, механиктар, трактористар, комбайнердар, агрономнар, бэтэринээрдэр уо.д.а. Бу идэлэргэ бэлэмниир эбээһинэс өрөспүүбүлүкэ орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр уонна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар сүктэриллэр.
Үөрэх тиһигэр агрооскуолалары, техникумнары уонна тыа хаһаайыстыбатын академиятын түмэр саҥа ньыма киириэхтээх. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын аптарытыатын эмиэ үрдэтиэххэ наада. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ аграрнай үөрэхтээһинэ төрдүттэн саҥардары ирдиир. Сотору кэминэн тыа хаһаайыстыбатыгар каадыр бэлиитикэтигэр сыһыаннаах ыйаах таһаарыам.
Тыа хаһаайыстыбатын специалиһын таһымын үрдэтэргэ дьаһаллары ылыныахпыт, кини тыа сиригэр олороругар, үлэлииригэр, тыа сирин култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор кыттарыгар бары усулуобуйаны тэрийиэххэ наада.
Маннык үтүө ньыманы номнуо Чурапчы, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас улуустара туһаналлар. Оскуола аттыгар аныгы, толору хааччыллыылаах олорор дьиэ тутуллар, оттон ол аттыгар – фермер хаһаайыстыбата ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу дэриэбинэлэргэ нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэр, ыччат дьон, наадалаах каадырдар үлэлии, олохсуйа тиийэллэр. Тыа сиригэр маннык дьоҕус кластердар Саха Сирин бүттүүнүгэр баар буолуохтаахтар.
Хотугу уонна арктическай сири-уоту, тиийэргэ уустуктардаах уонна ыраах сытар тыа сирин поселениеларын сайыннарыыны Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата өрүү болҕомтотун киинигэр тутар. Сириэстибэни көдьүүстээхтик туһаныыга олоҕуран, тыа сирин поселениеларын боломуочуйаларын тиһигин салгыы тупсарыы ирдэнэр.
Убаастабыллаах коллегаларым!
Биһиги үлэбит былаанын, инники сыалын-соругун торумун дьоммут-сэргэбит кыһалҕатыттан көрөн оҥоруохтаахпыт.
Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, Саха Сирин олохтоохторун үлэтэ суох буолуу боппуруоһун сэргэ, нэһилиэнньэ материальнай балаһыанньата ордук долгутар, санаарҕатар.
Стратегия-2030 чэрчитинэн орто уонна уһун болдьохтоох кэмҥэ ииттинэн олоруу муҥутуур алын кээмэйиттэн аҕыйах хамнастаах дьон хамнаһын үрдэтэр туһугар үлэлиэхпит. Ол эрээри бүгүҥҥү сорукпутунан, бастатан туран, социальнай эйгэ салааларын сайдыытыгар “суол каартатын” быһыытынан Хамнаһы үрдэтии концепциятын олоххо киллэрэр үлэбитин салгыы ыытыахтаахпыт. Маны таһынан, тус сыаллаах үлэһиттэр кэрискэлэригэр киирбэтэх, ол эрээри кинилэр курдук анал сүрүннээһини эрэйэр үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэр дьаһаллары ылыныахтаахпыт.
Концепция үлэлээбит биэс сылын устатыгар регионнааҕы хамнас муҥутуур алын кээмэйэ 2,5 төгүл үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох, оттон тэҥнээн көрдөххө, бу кэмҥэ Россия үрдүнэн хамнас муҥутуур алын кээмэйэ 1,6 төгүл үрдээтэ.
Ол да буоллар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата оҕолоох ыал олохторун усулуобуйатын өрүү кэтээн көрүөхтээх, үөрэтиэхтээх уонна кыра дохуоттаах ыалы өйүүргэ сөптөөх быһаарыылары кэмигэр ылыныахтаах.
Бөрүкүтэ суох экономическай быһыы-майгы бүрүүкээн турар кэмигэр биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сириэстибэтин суотугар 15 000 солкуобай кээмэйдээх “Дьиэ кэргэн” биир кэмнээх төлөбүр биэрэр туһунан быһаарыы ылынныбыт. Маны сэргэ, туһааннаах сылга көмөҕө наадыйар кыаммат ыал оҕолоругар биир кэмнээх социальнай босуобуйа быһыытынан көмө көрдүбүт. Маны таһынан, бу ый саҕаланыыта нэһилиэнньэни кытта үгүс элбэх көрсүһүүм түмүгүнэн “Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга бэриллибит сир учаастактарын инфраструктуранан хааччыйар туһунан” ыйаахха илии баттаабыппын санатабын.
Нэдиэлэ анараа өттүгэр “Туймаада” төрөппүттэр сойуустара” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ, элбэх оҕолоох ийэ Саргылана Ивановна Шестакова кэлэ сылдьыбыта. Хас да этии киллэрбитэ. Онтон сороҕо, биллэн турар, билигин кыаллыбат. Эрээри, элбэх оҕолоох ыал оҕолоро култуура уонна спорт тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтии оҥоруу курдук сорох этиилэрин олоххо киллэриэххэ сөп. Экономикаҕа буола турар быһыы-майгы элбэх оҕолоох ыалга үтүө өттүнэн дьайбата биллэн турар. Онон, убаастаабыллаах норуот дьокутааттара, бары сүбэбитин холбоон, өйөбүл саҥа дьаһалларын ылынарбыт наада.
Хас да сыл устата кыаллыбатах боппуруоһунан социальнай чэпчэтии аадырыстаммыт анал тиһигин тэрийии буолар. Чэпчэтиигэ наадыйыы киритиэрийдэрэ уонна чэпчэтиини аадырыстаах оҥорууну тутуһуу бириинсиптэрэ барыллаан оҥоһуллубуттара. Дааннайдары үс таһымнаах хомуйууну туһанан социальнай хааччыйыы биир кэлим судаарыстыбаннай тиһигин тэрийэр туһунан быһаарыы федеральнай таһымҥа ылыныллыбыта. Билигин биһиги итини бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар киллэрэргэ үлэлиэхтээхпит.
Кыра дохуоттаах ыалы, оҕо дьиэлэрин, инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар интернат-дьиэлэрин кытта кыттыгас бырайыактары олоххо киллэриэн сөптөөх уопсастыбаннай, коммерческайа суох тэрилтэлэр үлэлэрин көҕүлүөхтээхпит. Манна даҕатан эттэххэ, Саха Сиригэр бүгүҥҥү туругунан балтараа тыһыынчаттан тахса социальнай волонтер үлэлиир.
Ытыктабыллаах доҕоттор!
2017 сылга Саха Сирин автономнай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир бэлиэ кэммит үүнэрэ биэс сыл хаалар. Биллэн турар, бигэргэтээри сылдьар 2030-Стратегиябыт былааннааһын уһун кэмнээх сүрүн докумуонунан буолар. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ үйэлээх үбүлүөйүгэр анаммыт тус сыаллаах соруктарбытын олоххо киллэриини тохтотуо суохтаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ сорох соруктар туолар туруктаахтара бэлиэтэнэр, сорохторго хаалыы баар.
Социальнай суолталаах үбүлүөйдээх 100 объект кэрискэтэ билигин да бигэргэнэ илик. Бырабыыталыстыба бу үлэни дьаалатынан ыыппакка, иилээн-саҕалаан биэриэхтээх.
Ол оннугар нэһилиэнньэ биир дууһатыгар тиксэр регионнааҕы баалабай бородуукта кээмэйин тус сыаллаах индикатордарын куоһаран иһэбит. Санатан эттэххэ, 2022 сылга биир дууһаҕа тиксэр регионнааҕы баалабай бородууктаны 1 мөлүйүөн солкуобайга тиэрдэр соругу туруоруммуппут. Маны ситиһэрбитин саарбахтыырга төрүөт суох, ол да буоллар тохтоон хааларбыт эмиэ табыллыбат.
Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаанын 1 мөлүйүөн киһиэхэ тиэрдэр дьоһун соругу туруоруммуппут. Социальнай өйөбүл дьаһалларын көмөтүнэн бу көрдөрүүгэ үтүө өттүгэр хамсааһын бэлиэтэнэр. Ол да буоллар, бу соругу ситиһэргэ салгыы күүскэ үлэлиэхтээхпит. Бастатан туран, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэххэ, култуураҕа, спорка, патриотическай иитиигэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт.
Үрдүк технологияны киллэрэн медицинэ эйгэтин төрдүттэн уларытар үлэни саҕалаатыбыт. Атырдьах ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй көрүүнү тупсарар уонна медицинскэй көмө хаачыстыбатын үрдэтэр туһунан ыйаахха илии баттанна. Бу ыйааҕы олоххо киллэрии каадыры бэлэмнээһин хаачыстыбатыттан уонна хас биирдии специалист үлэтин түмүгэр тус интэриэстээх буолуутуттан быһаччы тутулуктаах. Билиҥҥи туругунан медицинэ үлэһиттэрин тутулларыгар араастаһыы бэлиэтэнэр, ол иһигэр уопсай хайысхалаах быраастар уонна анал специалистар, араас-араас сир-уот, куорат уонна тыа сирин, анал көмөнү оҥорор уонна бастакы сүһүөх учреждениелар икки ардыларыгар. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ доруобуйа харыстабылын күннээҕи наадыйыытыгар уонна салаа тутулун уларыта тутуу соруктарыгар, медицинэ үлэһитин имиджин уонна быраас идэтин суолтатын үрдэтии соруктарыгар сөп түбэһиннэрэн специалистары бэлэмнииргэ күүскэ ылсан үлэлиэн наада. “Эйэҕэс медицинэ” бырайыак бу хайысхаҕа төһүү күүс буолуо, быраас уонна ыарыһах хардарыта сыһыаннарыгар уларыйыыны киллэриэ диэн эрэнэбин.
Үөрэх эйгэтигэр преподаватель ахсааныгар улахан кыһалҕа суох, бастыҥ үөрэх тэрилтэлэрэ грант көрүҥүнэн көмө ылаллар, аттестация саҥа көрүҥнэрэ киирэллэр, араас профессиональнай куонкурустар, ол иһигэр дьыалабыай оонньуулар ыытыллаллар. Ол эрээри үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин хаачыстыбатын уонна үөрэнэр ыччат тус ситиһиилэрин араас киритиэрийдэринэн сыаналыыр дьэҥкэ тиһик тэриллэ илик. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтэ бу этиллибити 2017 сыл сүрүн соруга оҥосторугар көрдөһүөм этэ. Хас биирдии педагогическай үлэһит үлэтин көдьүүһүн илэ харахпытынан көрүөхтээхпит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ талааннаах оҕолору көрдүүргэ уонна өйүүргэ туһуламмыт утумнаах үлэ ыытыллар. Наука Дьоҕус академията тэрилиннэ, академия чилиэннэрин стипендиянан хааччыйдыбыт. Ол эрээри бу оҕолор ситиһиилэрэ уопсастыбаҕа киэҥник биллэ илик.
Талааннаах ыччаты өйүүр дьаһаллар көмөлөрүнэн оскуола үөрэнээччилэрин Бүтүн Россиятааҕы олимпиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэр Саха сириттэн кыайыылаах ахсаана элбиирин ситистибит. Бу үлэни салгыы ыытыах тустаахпыт.
Билэргит курдук, 2018 сылга норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулары тэрийэн ыытыахтаахпыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит спордунан эрэ буолбакка, булугас өйдөөх ыччаты угуйар интеллектуальнай киин быһыытынан биллиэхтээх. Бырабыыталыстыба бу тэрээһини бэлэмнээн ыытар үлэни эрдэ саҕалыырыгар, өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээччилэри хаачыстыбалаахтык бэлэмнииригэр сорудахтыыбын.
Оҕону уонна ыччаты үлэҕэ сыһыарыы, идэни талыы уопсай үөрэх орто сүһүөҕүттэн саҕаланыахтаах. 2020 сылга диэри Junior Skills хамсааһын тэрээһиннэринэн оскуола үөрэнээччилэрин чиэппэрэ, World Skills регионнааҕы хайысхаларынан орто анал тэрилтэлэр үөрэнээччилэрин үс гыммыт иккитэ хабыллыахтаах.
Өрөспүүбүлүкэ инновационнай сайдыыта үөрэнээччи билиититтэн уонна тус сыаллаах үөрэнииттэн быһаччы тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиибин.
Россия наукаларын академиятын уларыта тутуунан сибээстээн өрөспүүбүлүкэ научнай тэрилтэлэрэ юридическай өттүнэн тутулуга суох буолуулара тохтуур куттала тирээтэ. Бу боппуруоска биһиги биир санааҕа кэлэн чопчу быһаарыы ыларбытыгар уолдьаста. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын иннигэр хотугу кыраайбыт социальнай-экономическай сайдыытын научнай өттүнэн хааччыйыы курдук практическай суолталаах соруктар тураллар. Россия наукаларын академиятын кэлим экспедициятын тэрийэргэ сүрүн болҕомтобутун ууруохтаахпыт.
Патриотическай тыыҥҥа иитии уопсастыба олоҕун быстыспат сорҕото буоларын Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин бэлиэтээн турар.
Саха сирин култуурунай-историческай нэһилиэстибэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарар туһуттан Саха сирин култууратыгар, историятыгар уонна географиятыгар анаммыт сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалары тэрийэргэ, олимпиада түмүгүн бырабыыталыстыба таһымыгар таһаарарга сорудахтыыбын.
Бу саас, Космонавтика күнүгэр, ДОСААФ олохтоох салаатын базатыгар сылдьыбытым. Бу базаҕа араас дьылҕалаах уолаттар эр санаалаах буолуу, сиэр-майгы, эппиэтинэһи сүгүү дьиҥнээх оскуолатын ааһаллар, олоххо туһалаах үөрүйэхтэри баһылыыллар. Бырабыыталыстыбаны ДОСААФ тиһигин уонна патриотическай кулууптар кыһалҕаларыгар сөптөөх болҕомто уурарыгар, араас хайысхалаах көмөнү оҥороругар ыҥырабын.
Итини тэҥэ кэлэр сыл “Юнармия” оҕолор Бүтүн Россиятааҕы байыаннай-патриотическай хамсааһыннара уонна үөрэнээччилэр регионнааҕы хамсааһыннара сүһүөҕэр туруохтаах, бөҕөргүөхтээх. Ону таһынан, кэлэр күһүн Дьокуускайга устудьуоннар тутар этэрээттэрин Бүтүн Россиятааҕы слеттарын үрдүк таһымҥа ыытыах тустаахпыт. Оттон алтынньыга Сочига Ыччаттар уонна устудьуоннар аан дойдутааҕы XIX фестивалларыгар Саха сирин бастыҥ ыччата биһиги хотугу кыраайбыт аатыттан кыттыаҕа.
Култуура эйгэтигэр театральнай уонна музыкальнай искусствоҕа, ордук кинематографияҕа Саха сирин ситиһиилэрин бэлиэтээбэккэ хаалар табыллыбат. Ону биһиги театрдарбыт Орто Азияҕа, Европаҕа, Москваҕа уонна Санкт-Петербурга буолан ааспыт гастроллара туоһулууллар. Саха режиссердарын, продюсердарын киинэлэрэ Россияҕа эрэ буолбакка, кыраныысса таһыгар билиниини ыллылар, норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалларыгар номинацияланаллар, бириистэри ылаллар, көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсаллар. Россия Федерациятыгар түмүктэнэн эрэр Киинэ сыла өрөспүүбүлүкэҕэ кырдьык да балысхан ситиһии сылынан буолла. Онуоха култуурунай олох инники күөнүгэр эдэр талааннарбытын көрөр икки бүк үөрүүлээх. Бу ситиһиилэр Саха сирин норуоттарын култуураларын салгыы сайыннарарга олук буолуохтаахтар уонна былаас уорганнарын өттүлэриттэн өйөбүлү ылыахтаахтар.
Ыччат – Саха Сирин сайдар тирэҕэ, биһиги саамай сыаналаах хапытаалбыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут, уопсастыбабыт кинилэр кыахтарыгар ордук наадыйар. Ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи III сийиэһин кыттыылаахтарын хорсун көрүүлэриттэн, тобуллаҕас толкуйдарыттан, эдэрдии эрчимнэриттэн санаабыт көтөҕүллэн, балачча толкуйдаан баран, 2017 сылы Ыччат сылынан биллэрэргэ быһаардыбыт. Тутатына сэрэтиэх тустаахпын, Ыччат сыла бырааһынньык эбэтэр араас дьаһаллар көннөрү кэрискэлэрин курдук көрүллүө суохтаах. Бу сылы биһиги, бастатан туран, ыччаты кытта үлэни киэҥник көрөн сайыннарарга туһаайыахтаахпыт. Биһиэхэ тус кыахтарын кыайан туһана илик, араас психологическай мэһэйдэри көрсүбүт, сүрдэрин баттаппыт, бэйэлэригэр бүгэн хаалбыт ыччат араҥата эмиэ баар, сорохторо бүтэр уһугар кэхтии-таҥнастыы суолугар үктэнэллэр. Биһиги харахпыт далыгар киирбэккэ хаалбыт ыччаты чэбдигирдии суолугар тардар, итинник ыччаты өйүүр, быстах суолга үктэнэртэн быыһыыр инструменнары ырытан оҥоруох тустаахпыт. Онуоха спорт, физическэй култуура уонна арыгыта суох чэбдик олох ураты оруолу ылаллар.
Билиҥҥи ыарахан кэмҥэ аҕам саастаах дьоммутугар эмиэ ахсаабат кыһамньыбытын ууруохтаахпыт. Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэлэригэр соторутааҕыта ыытыллыбыт прокурор бэрэбиэркэтэ кэһиилэр баалларын быһаарбыта. Бу түбэлтэ барыбытыгар уруок буолуох тустаах. Буруйдаах салайааччылар тус эппиэтинэстэрин боппуруоһа чугастааҕы кэмҥэ мин таһыммар көрүллүөҕэ.
Былаас уорганнарыгар судаарыстыбаннай сулууспалаахтар коррупцияны утары сокуоннары тутуһалларын кытаанахтык хонтуруоллуур тиһик олохтонно. Дуоһунастарын эбээһинэһин аат эрэ харата толоруу, интэриэстэр мөккүөрдэрин таһаарыы, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин уонна судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаахтар Сиэри-майгыны тутуһууларын кодексатын кэһиилэрин чахчылара кэмигэр быһаарыллан иһэллэр. Буруйдаахтар эппиэти сүгэллэр. Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ чунуобунньуктара сүүстэн тахса административнай эппиэккэ тардылыннылар, ол иһигэр быйыл – 26. Дуоһунаска сөп түбэспэт буолуу туһунан сэрэтии, быыгабар, сэмэ, кэккэ түбэлтэҕэ үлэттэн ууратар туһунан дьаһаллар ылылыннылар.
Бу хайысхаҕа үлэ күүһүрэн иһиэҕэ. Коррупцияны утары сокуоннары кэһии, буруйу оҥоруу таһыма муниципальнай тэриллиилэргэ ордук үрдүгүн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Быйылгыттан ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Коррупция хабааннаах буруйу оҥорууну сэрэтэр управление муниципальнай сулууспалаахтары бэрэбиэркэлиир быраабы ылла. Мин санаабар, ити да тутах. Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын табаар уонна өҥө ырыынагар барытыгар күрэстэһии биир кэлим бэлиитикэтин хааччыйарга, биир түннүк бэрээдэгинэн “аукцион дьиэтин” тэрийэргэ көмөнү оҥорорго сорудахтыыбын.
Ытыктабыллаах табаарыстар!
Госдумаҕа балаҕан ыйыгар буолан ааспыт быыбар Саха сирин олохтоохторун баһыйар өттө Россия Федерациятын Президенэ уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата ыытар бэлиитикэлэрин, бигэ туруктаах социальнай-экономическай сайдыыга туһаайыллар кимиилээх үлэни-хамнаһы өйүүрүн бигэргэттэ. Ити эрээри нэһилиэнньэ сорҕото бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын, былаас үлэтин-хамнаһын астымматын биллэрдэ. Биһиги кинилэр санааларын болҕойуох, олохтоох, ыллыктаах кириитикэни хайдах баарынан ылыныах тустаахпыт.
Нэһилиэнньэ иннигэр отчуоту туруоруу салгыы ыытыллыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, гражданнары кытта үлэҕэ биһиги бу уопуппут судаарыстыба баһылыгын тус сорудаҕынан Россия Госсэбиэтин консультативнай хамыыһыйатыгар көрүллэн биһирэммитэ уонна дойду атын регионнарыгар туһанарга сүбэлэммитэ.
Быйылгы сыл барылламмыт түмүктэринэн, муниципальнай оройуоннары уонна куорат уокуруктарын кытта түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр чэрчилэринэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин толоруу ортотунан 90 % тэҥ.
Ытыктабыллаах бар дьон дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, биһиги федеральнай киини кытта үлэбит уҕараабакка ыытыллыахтаах. Быһыыны-майгыны тиһигин быспакка анаарыахтаахпыт, сокуону көҕүлээһини кэмигэр бэлэмнээн таһааран-сыҕарытан иһиэхтээхпит.
Онуоха Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон барылыгар ыыппыт үлэбит элбэҕи көрдөрдө. Биһиги каадырдарбыт күүстээхтэр, үрдүк бэлэмнээхтэр эбит диэн итэҕэйдибит. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын, дьокутааттарбытын, сенатордарбытын кытта биир кэлим фронунан кимиилээхтик үлэлиэх тустаахпыт.
Федеральнай программалары торумнуурга, сокуоннары тупсарар үлэни сайыннарарга, бюджеттар икки ардыларынааҕы сыһыан эйгэтигэр үгүс боппуруостар үөскүүллэр. Арктика сайдыытыгар бары көҕүлээһиннэрбитин тиһэҕэр тиэрдэн олоххо киллэрэри ситиһиэхтээхпит.
Билигин тумус суолталаах саҥа национальнай бырайыактары бэлэмниир үлэ саҕаланна, биһиги онно кэтэмэҕэйдээн, иэрээн-саараан турбакка сорунуулаахтык ылсыахтаахпыт.
Коллегалар!
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын тутулугар уонна аппараатыгар саҥа уларыйыы-тэлэрийии буолаары турарын туһунан сураҕы-садьыгы биллэ-көстө дьүүллэһии үксээтэ. Онуоха ким да бириэмэтин таах ыыппатын туһугар кэккэ уларыйыылар буолуохтара диэн бигэргэтэбин. Ол барыта ылбычча буолбатаҕын, бүгүҥҥү дакылаакка этиллибит тумус хайысхалар модьуйалларын бэлиэтиибин.
Биһиги экономиканы бырайыагынан салайыыга киирэбит. Онуоха олохтоох оҥорон таһаарыыга, дьоҕус бизнеһи салгыы сайыннарыыга, инвестицияны тардыыга тирэҕириэхпит. Үлэлээх буолуу кыһалҕата күүһүрэн иһиитэ үлэни ымпыктаан-чымпыктаан ыытары ирдиир.
Итинэн сибээстээн сорох министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр үлэ-хамнас атын таһымыгар тахсаллара эрэйиллэр. Былаас уорганнарын үлэлэрин ис хоһооно уонна хаачыстыбата уопсастыба наадыйыытыгар уонна биһиги дьулуһар сыалларбытыгар сөп түбэһэрин курдук. Биһиги үлэбит көдьүүстээх буоларын курдук.
Мин чугастааҕы кэмҥэ бырабыыталыстыба тутулун уларытар туһунан ыйаахтарга илии баттыам.
Бүгүҥҥү Анал этиибин түмүктүүрбэр манныкка тохтуом этэ…
Соторутааҕыта Москва уонна бүтүн Нуучча сирин Сибэтиэй Патриархын Кириили Тиксиигэ миссионердыы кэлэ сырыттаҕына көрсөн атах тэпсэн олорон кэпсэтэр чиэскэ тиксибитим. Ити икки ыйдааҕыта этэ. Саха Сирэ чахчы чэлгийэ сайдарын туһугар дьону түмэргэ мин бу киэҥ-нэлэмэн сир баһылыгын быһыытынан тугу гыныахтаахпыный, ханнык тыллары этиэхтээхпиний диэн патриархтан сүбэлииригэр көрдөспүтүм. Онуоха патриарх бэрт судургу тыллары эппитэ. Кылаабынайа, норуот биир сомоҕотун оннунан хаалларыахтаахпыт, итэҕэл уонна үгэс буолбут сыаннастар көмөлөрүнэн, уопсастыба уонна судаарыстыба биир ситимнээх үлэлэринэн кинини аньыыттан-хараттан харыстыахтаахпыт. Ити этиитинэн мин тус бэйэм санаабын, тус толкуйбун, көрүүбүн өссө төгүл бигэргэппитэ.
Ытыктабыллаах коллегаларым! Күндү Саха Сирин олохтоохторо!
Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр чугас буолуохтаахпыт. Былаас, бизнес, уопсастыба. Куорат уонна тыа сирин олохтоохторо. Эдэрдэр уонна аҕам саастаах дьон. Көннөрү үлэһиттэр уонна салайааччылар. Итэҕэһи-быһаҕаһы аахсыбакка аттыбытыгар баар дьону кытта иннибит диэки дьулуһуохтаахпыт. Атын дьону ырыппакка, буруйдаабакка. Күүһү-күдэҕи хобу-сиби ырытыыга бараабакка. Түмсүөххэ уонна хас оҥорор хардыыбытынан уопсай сыалбытыгар чугаһыахха, ол барыта уопсай ситиһиибитинэн, уопсай киэн туттуубутунан эргиллиэ. Биһиги элбэх омуктаах хотугу норуоппут көмөҕө кэлэргэ өрүү бэлэминэн, тулуурунан уонна сылаас дууһатынан уратылааҕын умнумуоҕуҥ. Оччоҕуна хардарыта эппиэтинэстээх буолуу чопчу тиһигин торумнаан, бэйэбит кэлэктииппит, түөлбэбит, бизнес-эйгэбит, былаас уорганнарын иһигэр биир тэҥ сыһыаны уонна быраабы олохтоон, үрдүк хайалары дабайыахпыт. Саха Сирин олохтоохторун анала, мин санаабар, бэрт судургу – өрөспүүбүлүкэбит дьылҕатыгар тус оруолбутун өйдүөхтээхпит уонна ону чиэстээхтик толоруохтаахпыт.
Баҕарабын түмсүүнү, ситиһиини, дьолу-соргуну!
Барыгытыгар болҕомтоҕут иһин махтанабын!
Ил Дархан Егор Борисов