Егор Борисов сыл ахсын баччаларга Ил Түмэн дьокутааттарын, биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр салайааччыларын, улуустар баһылыктарын, наука уонна айар интэлигиэнсийэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрин иннигэр Анал этиитин иһитиннэрэр.
Быйылгы Анал этиитин сарсын, ол эбэтэр сэтинньи 22 күнүгэр, оҥоруоҕа. Үүнэр сылга туох соруктар туруоруллалларын истиэх иннинэ, ааспыт сэттэ сыл устата Ил Дархан болҕомтону ордук туохха уурбутун, сүрүн өттүлэриттэн ойо тутан санатыһыаҕыҥ.
Маҥнайгы Анал этиитин Егор Афанасьевич 2010 сыллаахха, Бэрэсидьиэнинэн анаммыт бастакы сылыгар, оҥорбута. Онон, «Схема 2020» диэн эрэгийиэни сайыннарыы бырагырааматыгар тирэҕирэн, инники сыллардаах үлэтин-хамнаһын торумнаан, киэҥник эҥсэн, бары эйгэнэн үгүс этиилэри киллэрбитэ.
Иккис Анал этиигэ былаас уорганнарын бэрээдэктээһини, боломуочуйалары тыырсыыны чорбоппута. Бу сылга Аан дойду таһымнаах спортивнай оонньуулар тэриллэр итиэннэ Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 380 сылын, өрөспүүбүлүкэ 90 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдэр ыытыллар буоланнар, Дьокуускай куораты тупсарыыга улахан үлэ барбыта.
Үһүс Анал этиитигэр Егор Борисов 2013-2014 сыллары Тыа сирин сылларынан биллэрэн, сүрүн болҕомтону тыа сирин сайыннарыыга хатаабыта. Онон тыа хаһаайыстыбатын эрэ буолбакка, тыа сирин кэлимник сайыннарыы биэс сыллаах бырагыраамата оҥоһуллан, улахан хамсааһын саҕаламмыта. Тутуу, иитии-үөрэтии, социальнай эйгэ, каадыры бэлэмнээһин о.д.а. боппуруостара тумнуллубатахтара. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, бу сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хамсааһына сөргүтүллүбүтэ.
Төрдүс Анал этиигэ бары улуустар уратылара учуоттанан, промышленнай оройуоннар «Схема 2020» бырагыраама, тыа хаһаайыстыбатын улуустара Тыа сирин сылын чэрчитинэн, Дьокуускай өрөспүүбүлүкэ киин куоратын быһыытынан сайыннарыллыахтаахтара ыйыллыбыта. Биир сүрүн болҕомто Арктическай уонна хотугу улуустар мунньуллубут кыһалҕаларын быһаарыыга ууруллан, 2014 сыл Арктика сылынан биллэриллибитэ, Арктика боппуруостарынан дьарыктанар судаарыстыбаннай кэмитиэт тэриллибитэ, төрүт олохтоох хотугу омуктар бырааптарыгар боломуочунай анаммыта.
Бэһис Анал этиигэ үбү-харчыны тардыы, инфраструктураны сайыннарыы боппуруостара таарыйыллыбыттара. 2015 сыл Урбаан сылынан биллэриллэн, орто уонна дьоҕус бизнеһи сайыннарыыга хамсатыылаах дьаһаллар ылыллыбыттара, кэккэ сыллардаах үлэни хабар бырагыраама оҥоһуллубута. Бу сыл уратыларынан өрөспүүбүлүкэҕэ «Сибиир күүһэ» бырайыагынан үлэ, ГРЭС иккис уочаратын тутуу саҕаламмыттара, «Суол фондата» тэриллибитэ итиэннэ арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа санкция биллэрэннэр, бэйэ бородууксуйатын оҥорууну күүһүрдэр сорук туруоруллубута буолбута.
Алтыс Анал этиигэ Егор Афанасьевич өрөспүүбүлкэ 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын стратегията оҥоһуллуохтааҕын, онно экономика салааларын өйөөһүн, инвестицияны тардыы, дьоҕус бизнеһи сайыннарыы, олохтоох оҥорон таһаарыыны өрө тутуу курдук боппуруостар инники күөҥҥэ тахсыахтаахтарын бэлиэтээбитэ. 2016 сылы Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылынан биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн Тыа сирин сылларыгар саҕаламмыт үлэни ситэрэн, бөһүөлэктэр ис-тас көрүҥнэрин, суолларын-иистэрин тупсаран оҥоруу, дьиэҕэ-уокка толору хааччыллыыны киллэрии киэҥ далааһыннаммыта, Чурапчыттан саҕаламмыт агрокластердарынан үлэ элбэх улууска тарҕатыллыбыта.
Сэттис Анал этиигэ сүрүн болҕомто бырайыактарынан үлэлээһин ньыматыгар киирэргэ итиэннэ олохтоох оҥорон таһаарыыга ууруллубута. 2017 сыл Ыччат сылынан биллэриллэн, ыччат бэлиитикэтигэр, маассабай спортка, чөл олоххо, патриотическай иитиигэ саҥалыы күүһүнэн ылсар ирдэммитэ. Бүддьүөт бэлиитикэтин, хамнаһы үрдэтии, социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох араҥаҕа көмөнү тэрийии курдук сыллата чорботуллар боппуруостар бу да сырыыга умнуллубатахтара.
Оттон ахсыс Анал этиитигэр Ил Дархан болҕомтотун туохха туһаайыаҕай? Күндү ааҕааччыларбыт, ону сэрэдэҕэ, сэтинньи 22 күнүгэр күнүс 12 чааска “Саха” НКИХ холбооҥҥут, быһа эфиринэн көрүҥ-истиҥ. Ону таһынан биһиги Анал этии ис хоһоонун ырытан-илдьиритэн бу сайтка таһаарыахпыт.
Ыспыраапка
Ил Дархан Анал этиитэ — өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын тосхолун ыйар сүрүн докумуон. Ил Дархан Анал этиитигэр сыллааҕы үлэни ырытар, ханна, туох кыһалҕа баарын ыйан, болҕомтону онно хатаан, үүнэр сыл соруктарын туруорар. Таарыйбыт боппуруостарын биир тиһиккэ киллэрэн, сыл устата ыйаах, уураах, сокуон оҥорон таһаарар.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.