Ил Дархан Анал этиитэ олоххо киирэр: Эбээн Бытантай улууһугар кууруссалары уонна сибиинньэлэри аҕаллылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Эбээн Бытантай национальнай улууһун Кустуурун уонна Дьарҕаалааҕын олохтоохторугар үөрүү тосхойдо: улуус кииниттэн мотуордаах оҥочолорунан нэһилиэнньэҕэ анаан кууруссалары уонна сибиинньэлэри тириэртилэр. 

edersaas.ru

Ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйар инниттэн нэһилиэнньэни түргэнник ситэр салаанан хааччыйыы дьаһаллара Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитин олоххо киллэрии чэрчитинэн тэриллэр.

Онон быйыл Арктика улуустарыгар кууруссалары, сибиинньэлэри итиэннэ кинилэргэ сиэтэр комбикуорманы тиэрдии ороскуота толору толуйуллар. Түргэнник ситэр салаа улуустар түһэрэр сайаапкаларыгар олоҕуран тиэрдиллэр диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0