Ил Дархан Амма өрүскэ ойуур кэрдиитин туһунан санаатын эттэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Амма өрүскэ ыытыллар ойуур бырамыысыланнаһыгар быһа эпиир кэмигэр санаатын эттэ.

Бу боппуруоһу бэйэм хонтуруолбар ыллым. Өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин интэриэһин көмүскүөҕүм. Амма харыстанар ойуурун сирэ кэрдиллиэ суоҕа. Итини эһиэхэ бигэтик этэбин. Манна үлэлиир хампаанньаҕа билигин хас да боппуруоһу туруорабын: өрөспүүбүлүкэ таһыгар регистрациялаах, манна үлэлиир санаалаах буоллаҕына Алдан оройуонугар хайаатар да регистрацияланыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, бары билигин Амма улууһугар ойууру кэрдэн эрэллэрин курдук саныыллар, бу сир Амма өрүс үөһэ өттүгэр Алдан оройуонугар баар. Манна дьоммуттан-сэргэбиттэн көрдөһүөм этэ, миэстэтигэр уопсастыбаннай хонтуруолу олохтооҥ, бу боппуруоска бары үлэлиэххэйиҥ”, – диэн этэр Айсен Сергеевич.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0