Ил Дархан “Алдьаммыт суоллар” салайааччытыгар куорат куһаҕан суолларын көрдөрдө
Бэҕэһээ Ил Дархан Егор Борисов Норуот фрона ыытар “Норуот фронун суоллааҕы иниспиэксийэтэ: алдьаммыт суоллар каарталара” диэн федеральнай бырайыак салайааччытын, Госдуума дьокутаатын Александр Васильевы кытары Дьокуускай суолларын көрдүлэр.
Александр Николаевич Иркутскайтан Дьокуускайга диэри федеральнай трасса хайдаҕын бэрэбиэркэлээн массыынанан айаннаан кэллэ. Бэҕэһээ Ил Дарханы кытары көрсүһүүтүгэр Дьокуускай Чернышевскай, Автодорожнай уулуссаларыттан саҕалаан Өктөөп 50 сыла автостраданан, Курнатовскайынан, Жорницкайынан, Окружной шоссенан, Бүлүүлүүр трагынан эргийэн суоллары көрдө.
Егор Афанасьевич ханна, туох оҥоһуллубутун, өрөмүөн үлэтэ хайдах бара турарын кэпсээтэ. Кини бэлиэтииринэн, билигин улахан үлэ порт автострадатыттан саҕалаан Тутуу ырыынагар тиийэ бара турар. Эһиил Курнатовскайынан, тутуу ырыынагыттан Бүлүүлүүр трассаҕа диэри суол оҥоһуллуохтаах.
Даҕатан эттэххэ, “Дьокуускай куорат социальнай-экономическэй сайдыытын туһунан” Ил Дархан ыйааҕынан, 2015-2017 сс. “Дорисс” тэрилтэни кытары 2,6 млрд солк. суумалаах дуогабар түһэрсиллэн турар. Быйыл бу ыйаах чэрчитинэн 13 км суол оҥоһуллуохтаах. Ол иһигэр Окружной шоссе, Кальвица, Петра Алексеев, Чернышевскай, Хабаров, Чиряев, Билибин, Автодорожнай, Жорницкай, Кулаковскай, Дежнев, Ломоносов, о.д.а. уулуссалар өрөмүөннэниэхтээхтэр.
“Ирбэт тоҥҥо тутууну ыытыы туспа ньымалардаах, үрдүк хаачыстыбаны эрэйэр. Ону тутуспатахха, биир-икки сылынан суолбут алдьанан хаалар. Үчүгэй да суолларбытыгар биэс-уон сылынан эргиллэн өрөмүөннүөххэ, хаттаан оҥоруохха наада”, — диэн Александр Николаевичка туһаайан этэр Егор Афанасьевич.
Александр Васильев бэлиэтииринэн, “Алдьаммыт суоллар каарталара” (“Убитые дороги”) бырайыак быйылгыттан саҕалаан үлэлиир. Бу бырайыак суол кыһалҕатын биир систиэмэҕэ киллэрэр сыаллаах тэриллибитэ. Олохтоохтор бырайыак сайтыгар (dorogi-onf.ru) киирэн, ханна олороллорунан көрөн куһаҕан туруктаах суоллары ыйан, рейтинг таһаараллар. Дьокуускай куоракка бу рейтинг түмүгүнэн, алта уулусса, Хатыҥ-Үрэх шоссета, Чайковскай, Маяковскай, Жорницкай, Петр Алексеев уонна Очиченко, саамай куһаҕан туруктаахтарынан ааҕылыннылар.
“Ил Дархан бэйэтэ эмиэ бу суолларынан айанныыр. Туох кыһалҕа баарын барытын билэр. Уонна кэрэхсэбиллээҕэ баар, ону туоратыыга былаан оҥоһуллубут. Мин санаабар, куһаҕан суол каартата, ону оҥоруу хас биирдии чунуобунньукка остуолга сытар кинигэ буолуохтаах. Аҕыйах сыллааҕыта “Росавтодору” кытары кэлэ сылдьан суоллары көрөн барбыппыт. Онтон ыла суолларгыт биллэ тупсубуттар. Суолу оҥорууга былааҥҥыт чуолкай, биһиги ону өйүөхпүт”, — диэн этэр Александр Васильев.
Егор Борисов манна даҕатан, Норуот фронун Саха сиринээҕи отделениетын кытары бииргэ үлэлиирин этэр. “Кыһалҕабыт элбэх. Биир сарсыарда утуйан турдубут да барыта баар буолбат. Ол эрээри оҥоһуллубут былаанынан салгыы үлэлиир санаалаахпыт, Норуот фронун этиилэрин учуоттаан туран. Мин санаабар, баар кыһалҕаны туоратыыга бииргэ үлэлиирбит, биир санаанан салайтарарбыт улахан оруоллаах. Өскөтүн Норуот фрона дьон этиитин хомуйан атын суолу хайар, былаас атынынан дьарыктанар буоллаҕына, сыалбытын-сорукпутун кыайан ситиэхпит суоҕа”, — диэн бэлиэтиир түмүккэ Ил Дархан.
Аграфена КУЗЬМИНА,
Мария ВАСИЛЬЕВА хаартыскаҕа түһэриитэ.