Ил Дархан Айсен Николаев интервьюта телеграм-канаалга таҕыста
Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа «16 негритят» диэн эрэгийиэннэр бэлиитикэлэрин туһунан кэпсиир сүрүн канаалга интервью биэрбитэ таҕыста. Айсен Сергеевич чуолаан тастан киирэр бородууктаны, табаары солбуйууттан саҕалаан авиация, экэниэмикэ, бырамыысыланнас, бөдөҥ инвестиционнай бырайыактар боппуруостарыгар санааларын, этиилэрин үллэһиннэ.
Холобур, «Саха сиригэр элбэх сир баайа хостонор, Арассыыйа да үрдүнэн ыллахха эмиэ оннук. Ол эрээри, тоҕо биһиги улахан көлөлөргө сөптөөх шиналары оҥорон таһаарбаппытыттан сөҕөбүн. Арассыыйа үрдүнэн үгүс эрэгийиэҥҥэ үтүмэн элбэх сир баайа хостонуллар. Хата, Белоруссияҕа арҕаа дойдулартан итэҕэһэ суох хаачыстыбалаах шиналары оҥорор буоллулар. Онон кинилэртэн ылыахпыт. Ол эрээри, Арассыыйаҕа оҥоһуллара ордук этэ», — диэн сөптөөх санааны, этиини эппит.
Интервьюну истэргитигэр сүбэлиибит.