Ил Дархан Айсен Николаев: хааччахтыыр миэрэлэр уонна быһыыны биэрии туһунан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр,  СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Якутия 24» уонна «Саха» НКИХ  «Саха сирэ, инниҥ диэки!» биэриигэ ыалдьыттаата.

Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһу утары быһыыны маассабайдык биэрии салҕанар. Ол да буоллар, от ыйыгар эпидемиологическай быһыы-майгы уларыйбакка турар.  Кэнники күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күн ахсын сүүстэн тахсалыы киһи ыалдьара бэлиэтэнэр.

Ил Дархан Айсен Николаев:

—Хомойуох иһин, от ыйын бүтүүтүнээҕи көрдөрүү үөрдүбэт. Коронавируснай инфекциянан ыалдьааччы ахсаана элбэх. Өссө эдэр дьон ыалдьара элбээтэ.  Бастакы уочарат, бу Дьокуускай куоракка. Саастарынан бөлөххө көрдөххө 18-29 саастаахтар ыалдьаллара бэлиэтэнэр, манна 20-тэн тахса % көрдөрөр.

Ити аата хааччахтыыр миэрэлэр Дьокуускайга тугу да биэрбэттэрэ көһүннэ, быһыыны биэрии тэтимэ эмиэ бытаан. Онон манна билиҥҥи хааччахтыыр миэрэлэргэ эбии миэрэлэри ылар наада буолла.  Суһал ыстаапка сүбэлэһии буолла, дьон-сэргэ аһыыр сирдэригэр, аралдьытар-сынньалаҥы тэрийэр сирдэргэ биир эрэсиими олохтуурга диэн. Ол эбэтэр бары биир усулуобуйанан, биир ирдэбилинэн тутуһан үлэлиэхтэрэ. Сымнатыы суох буолуоҕа.  Бу дьаҥы намыратар сыалтан оҥоһуллар. Оҕолор ыалдьаллара эмиэ элбээтэ. Улаханнык ыалдьаллар. Кинилэр олохторун быһыыр туһуттан санавиациянан  өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа аҕалыы түгэннэрэ бааллар.

Сайын дьон хайдах эрэ холкутуйда. Сылаас кэмҥэ ОРВИ курдук тарҕаммат дии саныыллар. Араас тэрээһиннэри ыытар буоллулар.  Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан баран ыалдьыылар бэлиэтэнэллэр. Өйдөөҥ, бу олус кутталлаах, уодаһыннаах ыарыы.

Быһыыны биэрии тэтимэ үчүгэй улуустарыгар дьаҥнааччы ахсаана аҕыйах. Сорох оройуоннарга ыалдьыы суох. Вакцинацияны ылыыны сорохтор 100 бырыһыан толордулар. Оттон сорохтор, бэл, аҥаарын толоро иликтэр. Оннук улуустар бааллар гынан баран, сотору кэминэн быһыыны биэриини тэтимнээн биэриэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0